Сүрэҕи сүрэх эрэ көрөр

Авторы:


Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , .

Биирдэ мин соҕурууттан дьоммор Бүлүү улууһугар кэлэ сылдьан, оһохпун оттоору саҕаһа көрдөөн эргэ хаһыаттары хаһыспытым. Онно эдэр ыччат хаһыатын биир нүөмэригэр маннык суругу таба көрөн аахпыппын өйдүүбүн: «Мин сааһым сүүрбэ үһүм. Бу дойду «үөрүүтүн» барытын билэммин, бутуурдаах олохпуттан сылайдым. Киэһэ аайы биир хартыына: пиибэ, арыгы, кыргыттар… Сарсыарда аайы эмиэ өрүү биир: күөрэ-лаҥкы барбыт бытыылкалар, кирдээх, кыараҕас хос. Мин инники олохпор туох да эрэлим суох. Дууһам иччитэх. Аны тугу да итэҕэйбэппин: дьиҥнээх доҕордоһууну да, ыраас кыыс тапталын да (оннук кыыс баар да буоллаҕына, миэхэ анамматах буолуохтаах), дьолу да. Дьиҥнээх диэн бу дойдуга туох да суох быһыылаах. Ол эрэн… Өссө даҕаны кыра эрэллээх эбиппин: баҕар, ким эрэ бу сурукпун ааҕан баран, өрүһүйэр кыахтаах тыллары миэхэ суруйуоҕа. Баҕар, ким эрэ, бу дойдуга тоҕо олорорун билэр киһи, сүрэхпэр эрэл кыымын саҕыаҕа. Оттон оннук буолбатаҕына, бу мин олохпор тиһэх суругум…»

Эрэли кытта Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА

Эрэли кытта Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА

Хомойуох иһин, мин ол уолга сурук суруйар кыаҕым суоҕа. Мин бэйэм да билбэт этим тоҕо, туох туһугар олорорбун. Таһыттан көрдөххө, миэхэ барыта баара: эдэр саас, доруобуйа, таптыыр төрөппүттэр, үрдүк үөрэх, элбэх доҕор-атас… Арай сүрэҕим өрүү тугу эрэ, кими эрэ – дьиҥнээҕи, эрэбиллээҕи, үйэлээҕи – туорхаһыйа күүтэрэ…

Хас да сыллааҕыта мин митрополит Антоний Сурожскай этиитин аахпыппын өйдүүбүн. Англияттан Москваҕа кэлэ сылдьан ол үтүөкэннээх киһи эппит этэ: Биһиги сүрэхпит олус дириҥ, онон бу сиргэ кинини Айыы Таҥараттан ураты атын туох да толорор кыаҕа суох. Таҥара таптала дууһабытын толордоҕуна, биһиги истиҥ иэйиинэн иэйэбит, амарах тапталынан сыдьаайабыт, оччоҕо дьоҥҥо тапталбыт эмиэ кими да матарбакка бука барыларыгар – биһигини таптааччыларга эрэ буолбатах, абааһы көрөөччүлэргэ эмиэ – өлгөмнүк тиксэр. Таҥара биэрэр сырдыга, үрдүк үөрүүтэ кими да матарбат.

Биирдэ мин хас да сыллааҕыта Бүлүү улууһугар олорор дьүөгэбиттэн күүппэтэх үөрүүлээх сурукпун тутан турабын. Ол суругу, киниттэн көҥүллэтэн, эһиэхэ аахтарыахпын баҕарабын.

«Мин олохпор хаһан да бүппэт кэрэ саас кэллэ… Кини миигин маннык күүскэ таптыырын мин билбэккэ сылдьыбыппын. Ким да миигин дьиҥнээхтик таптаабат дии саныырым. Оттон Кини миэхэ сарсыардааҥҥы сарыаллары, сардааналаах сыһыылары, хатыҥ сипсиэрин, күөрэгэй ырыатын өрүү бэлэхтиирэ. Кини аныыр этэ аҥардастыы хаары, ардаҕы, сулустары… Үөрэр этэ мин үөрэрбиттэн, хомойор этэ мин хомойорбуттан. Кини миигин өрүү көрөрө, оттон мин Кини баарын сэрэйэн да көрбөт этим. Кини миэхэ өрүү көмөлөһөрө, оттон мин ону билбэт буоламмын махтаммат этим. Тулам куруук тымныы, хобдох, курас курдуга. Өрүү элбэх киһи, доҕор-атас ортотугар «күлэ-үөрэ» сылдьаммын, дууһабар, дьиҥэр, чороҥ соҕотох этим. Ол сылдьан куһаҕаны ордук дөбөҥнүк булан көрөрүм, бэйэм харахпар бэрэбинэ баарын билиммэккэбин, атын киһи хараҕыттан сыыһы ылгыы сатыырым. Олоҕум тухары көрдүүрүм мин туспар атаҕын тоһутуох атаһы, онтум мин туспар Кириэскэ тиириллии сорун-муҥун тулуйбут Доҕору көрүстүм! Билигин миэхэ барыта чыҥха атын буолла.

Молитва якутской бабушки

Фото протоиерея Сергия Клинцова

Кини таптала мин сүрэхпин эрэ буолбатах, тулалыыр эйгэбин бүтүннүүтүн сырдатта. Мин билигин тугу барытын өйдөөн көрөбүн: ийэм сылаас мичээригэр Кини күлүм мичээрин сыдьаайа иҥмит, оҕом уйаҕас таптала, чугас дьонум эрэллээх сыһыана барыта Кини илгэлээх бэлэҕэ эбит… Доҕорум, миигин бука диэн бырастыы гын, эн миэхэ үтүө сыһыаҥҥын мин хаһан да күндү бэлэх курдук көрбөт этим. Ол иһин өрүү элбэҕи ирдиирим, ол иһин туохха да астыммат, махтаммат, кыраттан да түргэнник хомойор этим. Оттон билигин өйдөөбүтүм, ити мин күннээҕи олохпор баар үчүгэй барыта Кини миэхэ биэрбит үтүөкэннээх бэлэҕэ эбит. Бу суугунуу турар хампа күөх айылҕа – Кини хаарыаннаах улуу айымньыта – эмиэ Кини бэлэҕэ, бар дьоҥҥо амарах тапталын кэрэһитэ эбит. Бу олорор олоҕум, Кини миэхэ Бэйэтин туһунан арыйбыт дьикти билиитэ барыта – мин туох да үтүөнү-өҥөнү оҥорбокко сылдьан Киниттэн буор босхо бэлэх ылбыт күндү баайым.

Девушка в платке и корова

Фото протоиерея Сергия Клинцова

Бу сибилигин аҕай этиҥнээх дохсун ардах Кини килбиэннээх аатын айхаллаан ааста, сир-дойду биирдэ ырааһыра, холкутуйа түстэ… Сибилигин аҕай түөртээх Чээлэм тиэргэнтэн сүүрэн киирэн: «Маамаа, Лөкөчөөн үрдүгэр былыт суулунна дии!» – диэн соһутта. Сотору оҕом биһикки чугас хонууга сибэккилии барыахпыт, мин таарыйа ньирэйдэрбэр от ходуйа түһүөм этэ.

Онон мин олоҕум уостары билбэт дириҥ махталга кубулуйда. Бу сырдык күнү көрөрбүт, минньигэс салгыны дуоһуйа уймахтыырбыт иһин… Бары этэҥҥэбит, инникибитигэр эрэллээхпит иһин… Билигин мин ханна да сырыттарбын туохха барытыгар Кини тапталын көрөбүн. Сүрэҕи сүрэх эрэ көрөр, тапталы таптал эрэ таайар. Мин аны кими да хомотуохпун баҕарбаппын. Айыы Тойонум Иисус Христос миигин таптыырын курдук, кими барытын таптыырга үөрэммит киһи! Бу сирэм күөх кырыска чуумпуран олорон Кинини болҕойон истиэхпин, Киниттэн үөрэниэхпин баҕарабын. Кини, бэл, өстөөхтөрүн таптыыра, оттон мин, саатар, бэйэм дьоммун, оҕом сыысчаанын, доҕотторбун таптыырга үөрэниим…»

Переводчики Евангелия на якутский язык

Переводчики Евангелия на якутский язык

Бу суругу ааҕан баран, мин эмиэ: «Бэрт соторутааҕыта миэхэ санаа түһүүлээх суругу суруйбут күндү дьүөгэм Тапталы көрсүбүт эбит буоллаҕына, мин эмиэ, кини курдук, көрсөөйөбүнүй», –  диэн испэр эрэнэ санаабытым. Ол сырдык санаам олохпор дьиктитик туолбут буолан, мин билигин өссө ордук үөрүүлээххэ эрэнэ саныыбын: бэл, бу мин курдук, итэҕэлтэн кый ыраах сылдьыбыт киһи, сүрэхпэр Айыы Тойону көрсүбүт, Кини тапталын билбит эбит буоллахпына, эһиги эмиэ, биһиги эдэркээн доҕотторбут, Кинини көрсөн, Кини муҥура суох тапталын билэн, толору дьоллоох, алгыстаах олоҕу олорор кыахтаныаххыт.

Сибэтиэй Павел апостол этэринэн, билии-көрүү хаһан эрэ туһатыттан тахсыаҕа, итэҕэл да аны наадата суох буолуоҕа, арай таптал эрэ хаалыаҕа… Таптал Таҥараны кытта дьиҥнээх көрсүһүү, Киниэхэ иһирэх үҥүү, ис сүрэхтэн сүгүрүйүү түмүгэ. Туох барыта ааһыаҕа, арай таптал өрүү баар буолуоҕа…

Эрэли кытта Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА,
Библия тылбааһын Институтун богословскай редактора

4 комментария

  1. Кырдьык, сүрэҕи сүрэх эрэ көрөр. Хараххынан эрэ көрөн атын киһини өйдөөбөккүн. Кыра Принц эмиэ итинник курдук этэр.

    • Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

  2. Киhи санаатын кете5ер, сурэ5и Тапталынан толорор, эрэли уескэтэр тыллар. Махтал!

Комментарии не допускаются.