1 Онтон эмиэ муора кытылыгар киирэн үөрэтэн барбыта; тулатыгар көй үгүс киһи үтүрүспүтүн иһин, ууга турар оҥочоҕо киирэн олорбута; мустубут дьон барыта Кинини сиргэ, муора кытылыгар, туран истибиттэрэ. 2 Кини домоҕунан бэрт элбэҕи үөрэппитэ; бу үөрэтэригэр эппитэ: 3 „Истиҥ: бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. 4 Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтиттэн сорҕото суол кытыытыгар түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр…
Евангелие
№ 4 Ноябрь 2003. Ты – хозяин своей судьбы?Сибэтиэй Павел. Апостол Тимофейга. Иккис суруга
Күндү доҕотторбут, бүгүн биһиги эһигини икки тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктан быһа тардыылары кытта билиһиннэрэбит. Бу Саҥа Кэс Тылга киирбит сурук автора — сибэтиэй Павел Апостол. Кини эдэр доҕоругар Тимофейга эппит иһирэх тыла, аҕалыы сүбэтэ-амата барыта күн бүгүн биһиэхэ ананан суруллубут курдук. Сибэтиэй Апостол үрдүккэ ыҥырар, үтүөҕэ үөрэтэр истиҥ тыллара эһиги сүрэххитигэр эмиэ бэрт элбэҕи этиэ диэн эрэли кытта.
Сибэтиэй Павел апостол Коринф христианнарыгар бастакы илдьит суру
1 Өскөтө мин араас омук, бэл аанньал да тылынан саҥарар буолан бараммын, сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин таҥкыныыр эрэ алтаммын, чылыгырыыр эрэ чуорааммын. 2 Өскөтө мин Таҥара илдьит тылын дьоҥҥо тириэрдэр дьоҕурдаах, бары кистэлэҥи билэр, бары өттүнэн толору билиилээх итиэннэ, бэл, хайалары да оннуттан халбарытар күүстээх итэҕэллээх киһи буолан бараммын, сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин ким да буолбатахпын.
Сүрэҕи сүрэх эрэ көрөр
Биирдэ мин соҕурууттан дьоммор Бүлүү улууһугар кэлэ сылдьан, оһохпун оттоору саҕаһа көрдөөн эргэ хаһыаттары хаһыспытым. Онно эдэр ыччат хаһыатын биир нүөмэригэр маннык суругу таба көрөн аахпыппын өйдүүбүн: «Мин сааһым сүүрбэ үһүм. Бу дойду «үөрүүтүн» барытын билэммин, бутуурдаах олохпуттан сылайдым. Киэһэ аайы биир хартыына: пиибэ, арыгы, кыргыттар…