Олоххо дьулуур

«Ийэм кэпсиир» ромаҥҥа кырачаан Аана кыыс, дьоно эрдэ өлөн хааланнар, эрэй-муҥ бөҕөтүн эҥээринэн тэлэрин, бэйэтин сааһыгар сөбө суох ыарахаттары хоодуоттук туоруурун туһунан кэпсэнэр. Маҥнай Аана оҕо сааһа олус дьоллоох, туох да кыһалҕата суох. Оҕо-оҕо курдук, күннээҕи түбүгү билбэккэ, оонньоон-көрүлээн, дьонугар маанылатан, ийэ, эбэ-эһэ, таай тапталыгар улаатар.

Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , .