Олоххо дьулуур

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , .

Семён МАИСОВ

Описание изображения“Ийэм кэпсиир”

Романын 1-кы чааhыттан быhа тардыы

«Ийэм кэпсиир» ромаҥҥа кырачаан Аана кыыс, дьоно эрдэ өлөн хааланнар, эрэй-муҥ бөҕөтүн эҥээринэн тэлэрин, бэйэтин сааһыгар сөбө суох ыарахаттары хоодуоттук туоруурун туһунан кэпсэнэр. Маҥнай Аана оҕо сааһа олус дьоллоох, туох да кыһалҕата суох. Оҕо-оҕо курдук, күннээҕи түбүгү билбэккэ, оонньоон-көрүлээн, дьонугар маанылатан, ийэ, эбэ-эһэ, таай тапталыгар улаатар. Кини дьоно олус сиэрдээх, көнө олохтоох дьон. Оннооҕор араҥ буолбут дьахтар кэлбитин, холдьохпокко, аһатан-сиэтэн, хоннорон баран ыыталлар. Саха ыалын майгытынан, киирбити хайаан да итии чэйинэн көрсөллөр. Хаһан даҕаны куһаҕаннык тылласпатах, кими да сэнээбэтэх олус көнө, үтүө дьон.  Ол эрээри, кинилэр олохторугар эмискэ аан алдьархай ааҥнаан кэлэр.   Аана эбэтэ, эһэтэ, ийэтэ уонна таайа утуу-субуу өлөллөр, онон кыысчаан баара суоҕа 11 сааһыгар  төгүрүк тулаайах хаалар. Бу кэмҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Эрэйдээх-муҥнаах аас-туор олох тиийэн кэлэр…

Талааннаах суруйааччы Семен Маисов  сэрии кэминээҕи ыар олоҕу, оччотооҕу кэмҥэ олорбут дьону ааҕааччыга олус тиийимтиэ гына ойуулаан суруйар. Чороҥ соҕотох хаалбыт Аана төһөлөөх элбэх эрэйи көрсөрүй? Кини умнаһыт буолан хаалар, атах-балай сылдьар. Аччык оҕо хаста даҕаны тоҥон, мунан өлө сыспытын үтүө санаалаах дьон өрүһүйэллэр. Ол эрээри, Аана дьон түктэри, сэттээх-сэмэлээх, хаҕыс сыһыанын эмиэ элбэхтик көрсөр. Төһө да бэйэтэ нэһиилэ сырыттар, кыысчаан аччыктаабыт дьоннуун бүтэһик тоорохойун кытта үллэстэр идэлээх. Дьиэтин халаабыт, киниэхэ куһаҕаннык да сыһыаннаспыт дьоҥҥо өс-саас туппат, ис санаатыгар бырастыы гынан иһэр. Бу чаҕылхай роман, киһи үөрүөн курдук, дьоллоохтук түмүктэнэр. Атах балай сылдьар Аананы атын нэһилиэккэ олорор амарах санаалаах Маарыйа эмээхсин, дьонунан ыҥыртаран ылан, оҕо гынар. Умнаһыттыыр, аччыктыыр олоҕун умнан, Аана кыысчаан саҥа олоххо үктэнэр…

Бу орто дойдуга киһи бэрт элбэх ыарахаттары көрсөр, чугас дьонун сүтэрэр, ыар аһыы амтанын билэр. Биһиги, Аана кыысчаантан холобур ылан, олохпут бары ыарахаттарын, Таҥара тургутуутун, эр санаалаахтык тулуйуохпутун наада. Олох хайдахтаах да хабыр  түгэнигэр олоххо тапталбыт уостуо суохтаах. Очурга-чочурга оҕустаран бүдүрүйбэккэ, өһүөнү, быстах, куһаҕан санааны барытын киэр кыйдаан, хоодуоттук туруулаһан, иннибит диэки дьулуһан иһиэхтээхпит.

 

Екатерина МАКСИМОВА

На заставке фото Леонида Шеметова

2 комментария

  1. Коллегам Кэтириис бэрт учугэйдик роман ис хоhоонун арыйан суруйбут.

  2. Спасибо, Саргылана, надеемся, после прочтения текста Катерины, всем захочется прочесть этот роман Семена Маисова. Было бы здорово, если бы его перевели на русский язык.

Комментарии не допускаются.