“Ийэм кэпсиир”

Романын 1-кы чааhыттан быhа тардыы

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , .

Саха талааннаах суруйааччыта, поэт, прозаик Семен Семенович Маисов Бүлүү улууһугар Үгүлээт нэһилиэгэр олорор. Кини “Ийэм кэпсиир” диэн түөрт чаастаах романа эдэр суруйааччылар республикатааҕы сүбэ мунньахтарын мэктиэлээһининэн “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу биһиги эһэлэрбит-эбэлэрбит олорон ааспыт былыргы быһылааннаах дьылларын олус итэҕэтиилээхтик, кырдьыктаахтык ойуулуур уһулуччулаах айымньы сүрүн геройа – суруйааччы тапталлаах ийэтэ, кэрэ киһи Анна Петровна Маисова. Ураты баай-талым, хомоҕой тылынан суруллубут роман эдэр ыччаты үтүөҕэ-үрдүккэ, киһилии сиэргэ-майгыга иитэр-үөрэтэр ураты күүстээх. Ол да иһин Семен Маисов былырыын Саха сиринээҕи епархия епископ Иаков (Домскай) аатынан литературнай бириэмийэтин лауреатынан буолбута. Бүгүн биһиги бу чаҕылхай романтан кылгас быһа тардыыны бэчээттээн, эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

 

Ийэм миигин 1930 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр оҕоломмут. Саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕону сэттэ хонооппун Балаҕаччыга киллэрэн Покровскай таҥаратын дьиэтигэр Дьаакып аҕабыыт диэҥҥэ кистээн сүрэхтэппиттэр. Аана диэн аат иҥэрбиттэр. Сэбиэскэй былаас уутугар-хаарыгар киирэн, күннээн-күөнэхтээн тэриллэн, урукку эргэ олох «хаалынньаҥ» көстүүлэрин суох оҥорор күннэр-дьыллар сири-сибиири сиксигинэн, бэл биһиги курдук дьаҕа баһа дойду, үөдэн түгэҕэ кырыы сирдэри бүтүннүүтүн хабан эрэр кэмнэрэ этэ.

«Таҥара дьиэтэ бүгүн-сарсын сабыллар, эстэр үһү…» Итинник сурах тарҕанан турдаҕына, тутуу былдьаһан, дьонум сүрэхтэтэ охсон хаалбыттар. Ийэм: «Оҕобун хата кыл мүччү сүрэхтэттим ээ…» – диэн улаханнык үөрбүтэ үһү. Бүөтүр Балаҕаччыга сыарҕалаах атынан эдьиийин Маарыйаны киллэрэ охсон тахсыбыт. Илин Кыргыдайтан, олохсуйан олорор өтөхпүтүттэн, Балаҕаччы сэттэ көс кэриҥэ сир. Суол ортотугар, аара, Кэҥэрэччи күөлүгэр Уйбаныап Өлөксөй Уйбаанабыстаах, дьон ааттыырынан, Өлүөскэлэр диэн ыаллар олороллоро. Өлөксөй төрдө Бүлүү өрүһүн уҥуор баар Тааһаҕар киһитэ.

Сүрэхтээбит ийэм Тээкиччэттэн икки аҥаар көс ыраах Оттоох күөлүгэр олорбут Курчугунаан ойоҕо Балбаара диэн эмээхсин. Мин сүрэхтэммитим кэннэ икки дуу, үс дуу сыл буолан баран өлбүт, онон төрүт өйдөөбөппүн, биһиэхэ кэлэн барара эбитэ үһү. Ийэм миэхэ кэлин: «Сүрэхтээбит ийэ, тоом, бэл төрөппүт ийэтээҕэр ордук чугас буолар баҕайыта», – диирэ. Ону мин, кыра киһи, ол биирдэ да көрбөтөх эмээхсиним күннэтэ алтыһар, сыллаһар, таптаһар, атаахтыыр ийэбинээҕэр хайдах ордук күндү буолуоҕун отой өйдөөбөтүм…

Балаҕаччы таҥаратын дьиэтигэр киирэллэригэр да, тахсалларыгар да ийэм аах аара Өлүөскэлэргэ хоммуттар. Төннөн иһэн хоно сыттахтарына: «Дьону кистээн сүрэхтиир Дьаакып аҕабыыты туппуттар үһү», – диэн Балаҕаччыга эмиэ биһиги курдук оҕо сүрэхтэтэ киирэн баран тахсан иһэр дьон кэпсээн ааспыттар. Өссө: «Эн оҕоҥ барахсаны таҥараҕа тиксэрэн хаалбыккын…», – диэн ийэбин ордугурҕаабыттара үһү.

Ийэм Өлүөскэлэргэ урут хамнаска үлэлии сылдьыбыт. Лаппа сэниэ олохтоох ыаллар этилэр. Өлөксөй кэргэнин Бөдүөрэни кытары син уһуннук олорбуттара эрээри, оҕолоро суоҕа. Бөдүөрэ – Орто Бүлүү сис баайа Уйбаныап баай бастакы ойоҕуттан кыыһа.

Кэҥэрэччиттэн чугас Хочот күөлүгэр эһэм бииргэ төрөөбүт убайа Отчут Мэхээлэ олороро. Өлүөскэлэр оҕо ииттиэхтэрин баҕарар сурахтарын истэн, Мэхээлэ ийэбэр, баҕар, кэргэнэ суох сылдьан оҕолонон, араас санаа киирэн аны оҕотун биэриэ диэн эрдэ мас-таас курдук: «Оҕоҕун дьоҥҥо биэрээйэҕин», – диэн эппит. Ийэм, абаҕатын тылын истэн, мэктиэтигэр өһүргэммитэ үһү. Кэргэнэ суох, сулумах сылдьан оҕолонуу сүрдээх кыбыстыылаах, сааттаах быһыы этэ да, ийэм, сорох дьахталлар курдук, санаа баттыга буолбакка, хата оҕоломмутуттан, кыра киһилэммититтэн үөрэн күнэ-ыйа миигиттэн тахсара.

Ийэм сэрэйбитин курдук, Балаҕаччыттан тахсан истэхтэринэ, Өлөксөй кэргэнэ Бөдүөрэ миигин көрдөөн көрбүт да, ийэм хайдах биэриэй, биэрбэтэх. Өлүөскэлэр бэйэлэрэ эдэрчи, өссө да оҕолонуохтарын сөп ыаллар эбит. Ас-таҥас өттүнэн хаһан да татымсыйбатах дьон. Сөбүлэһэр баар буоллар эрэ, хантан баҕарар оҕо ылан иитэр кыахтаахтара. Аны урукку өттүгэр саха киһитэ улаханнык сэҥээрэн дьарыгырбатах үлэтинэн дьарыктаналлара – оҕуруот олордоллоро. Сүнньүнэн хортуоска уонна хаппыыста. Ийэм Бөдүөрэттэн амсайыыга диэн ааттаан мөһөөччүккэ кутан аҕалбыт хортуоскатын мииҥҥэ кутарбыт, оттон хаппыыстаны ордук кырдьаҕастар төрүт сөбүлээбэттэрэ. «Оту да сиэбит, итини да сиэбит син биир ини» – дэһэллэрэ. Арыт күһүн, хортуоска төрүөҕэ тахсыбыт сылыгар, ийэм, урут хамнаска үлэлээбит киһи, үөрүйэҕинэн Өлүөскэлэргэ баран анаан-минээн хортуоска хостоһоро, оччоҕо обургу кыл хааны толору кутан, оҕус сыарҕатыгар быраҕан тиэйэн лиһигирэтэн кэлэрэ.

Ийэм төһө да аккаастаабытын иһин, Бөдүөрэ «тылым өллө» диэн өһүргэммэтэх. Уйбаныаптар бэйэлэрэ да эйэҕэс-сайаҕас майгылаах буолан уонна биир үксүн киирбит-тахсыбыт киһи кэпсэлин-ипсэлин да истэр баҕаттан кими да чэй иһэрдибэккэ, итии киллэрбэккэ эрэ таһаарбат үтүө үгэстээх ыаллар этилэр.

Балаҕаччыга турбут Покровскай таҥаратын дьиэтин тупсаҕай тутуулаах куупалын үрдүк кириэһэ аттаах да, сатыы да айанньыты бэрт ыраахтан угуйа ыҥырбыкка дылы дьэндэйэн көстөрө эбитэ үһү. Ону саҥа былаас кэлбитигэр Былатыанап диэн харса-хабыра суох киһи тахсан сүгэнэн кэрдибит. Түбэлтэтэ эбитэ дуу, биитэр аньыы-хара хаһан баҕарар иэстэбилэ суох хаалбатын туоһута эбитэ дуу, ол кэрдэ олордоҕуна чиргэл тиит мас олуга ойдон өрө кыырайан тахсан баран саннын хараҕар түспүт. Бэрт кыра дэҥтэн сылтаан Былатыанап сиһинэн моһуогуран ыалдьан, устунан уҥуоҕа ууллан босхоҥноон баҕалыы сыыллан хаалбыт уонна сотору өлбүтэ үһү.

Сэттэ сааспар диэри Тээкиччэ өтөҕөр олорбут сылларым оҕо сааһым саамай дьоллоох кэмнэрэ этилэр. Эбэм, эһэм, ийэм, таайым бары бааллара. Мин ыал оҕото этим.

Семён МАИСОВ

2 комментария

  1. Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

Комментарии не допускаются.