“Ийэм кэпсиир”

Саха талааннаах суруйааччыта, поэт, прозаик Семен Семенович Маисов Бүлүү улууһугар Үгүлээт нэһилиэгэр олорор. Кини “Ийэм кэпсиир” диэн түөрт чаастаах романа эдэр суруйааччылар республикатааҕы сүбэ мунньахтарын мэктиэлээһининэн “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , .

Патриарх Кирилл: Христос тиллибитэ!

Москва уонна бүтүн Русь Патриарха КИРИЛЛ  үрдүкү аҕабыыттарга, ытык аҕаларга, дьааханнарга, манаахтарга,  Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин итэҕэллээх оҕолоругар Паасханан эҕэрдэ суруга   Айыы Тойон туһугар тапталлаах Сибэтиилээхтэн-сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар, ытык пресвитердэр, дьааханнар, Таҥараны таптыыр манаахтар, күндү бырааттарбыт уонна балыстарбыт! Аан дойдуну быыһаабыт Айыы Тойоммут өлөн баран тиллибитин кэрэһилиир кэрэмэн килбиэннээх улуу бырааһынньыкка духуобунай үөрүүнэн үөрэн, Кини хоруоптан…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , .

Аҕабыыт кэлэн олохсуйуута

Саҥа кэлбит үрдүк үөрэхтээх аҕабыыты ыыппат инниттэн, Кэнтиккэ таһааран, бары нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, саҥа төрөөбүт оҕолору сүрэхтээн, ыал буолбут дьону бэргэһэлээн, өлбүт дьону испииһэктэн таһааран суруйарыгар сорудахтаан, «кэриир аҕабыыта» диэн дуоһунас биэрэн Сэргэй (Лесин Сергей) аҕабыыты Сэймэлэккэ олохсуппуттар. Саҥа аҕабыыт кэлбит сайыныгар, самыыр отой түспэккэ, сир-дойду куура хатан барбыт. Ойууттар кыыран, билгэһиттэр билгэлээн туһаларыттан тахсаллар.…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , .

Сахалыы Литургия

2011 сыл алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман алгыһынан киин куорат Преображенскай кафедральнай собуоругар Таҥара литургията сахалыы тылынан барда. Сулууспаны аҕабыыттар Павел Слепцов уонна Михаил Добровольскай ыыттылар. Литургияҕа Аҕа баһылык Роман кэлэ сырытта уонна баар дьоҥҥо барыларыгар Айыы Тойон үтүө көмөтүн баҕарда. Мантан ыла хас баскыһыанньа аайы Преображенскай собуорга Литургия күҥҥэ иккитэ буолуоҕа.…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Хорула: итэҕэлгэ эргиллии

Бу Таҥара тыла миэхэ туһаайыллыбыт диэн өйдүүбүн. Мин 1960-70 сс. Омскай куоракка үөрэнэ сылдьан Таҥараҕа чугаһаан барбытым. Биһиги олорор уопсай дьиэбититтэн чугас үлэлии турар храм баара, хас өрөбүл аайы куолакал тыаһа иһиллэрэ олус кэрэ буолара. Онтон үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана бииргэ үөрэнэр Варя диэн кыыспыныын Паасха бырааһынньыгар сулууспаҕа сылдьан, дьикти-кэрэ куолакаллаах хуор ырыатын истэн, аан маҥнай аҕабыыты көрөн, кини дьону барытын алҕаабытын сөҕөн-махтайан тахсыбыттаахпыт. Ол кыыһым сааһыран баран, өлүөн эрэ иннинэ, сүрэхтэммитэ.

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , .