28Кэлиҥ Миэхэ, эрэйи көрбүттэр, ыар сүгэһэргэ баттаппыттар бука бары – Мин эһигини уоскутуом.
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие, 11-с түh.
Бу Таҥара тыла миэхэ туһаайыллыбыт диэн өйдүүбүн. Мин 1960-70 сс. Омскай куоракка үөрэнэ сылдьан Таҥараҕа чугаһаан барбытым. Биһиги олорор уопсай дьиэбититтэн чугас үлэлии турар храм баара, хас өрөбүл аайы куолакал тыаһа иһиллэрэ олус кэрэ буолара. Онтон үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана бииргэ үөрэнэр Варя диэн кыыспыныын Паасха бырааһынньыгар сулууспаҕа сылдьан, дьикти-кэрэ куолакаллаах хуор ырыатын истэн, аан маҥнай аҕабыыты көрөн, кини дьону барытын алҕаабытын сөҕөн-махтайан тахсыбыттаахпыт. Ол кыыһым сааһыран баран, өлүөн эрэ иннинэ, сүрэхтэммитэ.
Онтон мин ыал буолан оҕо-уруу төрөппүтүм, сааһырбытым кэннэ, дьүөгэм Мария (кини урут сүрэхтэммит этэ), Таҥара үөрэҕин туһунан миэхэ кэпсиир буолбута. Биирдэ кинини кытта Львов куоракка барсыбытым. Онно Мария табаарыһа олорор дьиэтигэр, Михаил диэн ааттаах православнай аҕабыыты аҕаламмыт, мин Таҥараҕа сүрэхтэммитим. Билигин санаатахпына, Таҥара миигин аньыылааҕы-харалааҕы Бэйэтэ ыҥырбыт эбит. Онтон ыла храмҥа сылдьан, Библияны, Саалтыыры, сибэтиэйдэр олохторун уонна да атын православнай кинигэлэри ааҕан, үҥэргэ үөрэнэн, Таҥараны кытта бииргэ сылдьар туһугар, кыратык да буоллар, үлэлэһэн барбытым. Бу барыта биирдэ оҥоһуллубат эбит, саҥаттан саҥа билии, бэйэ аньыытын утары охсуһуу – барыта Таҥара көмөтүнэн буоларын билбитим. Айыы Тойон Миигинэ суох тугу да гынар кыаххыт суох диэн эппитин курдук.
Кэлин дьүөгэбин Марияны кытта Санкт-Петербург уонна Кострома куораттар сибэтиэйдэригэр, Ксения Петербургскаяҕа, Иоанн Кронштадтскайга, Александр Невскэйгэ, Александр Свирскэйгэ сүгүрүйбүппүт, Псково-Печерскэй манастыырга, Кострома куорат Ипатьевскай, Богоявленскай, Анастасиинскай манастыырдарыгар сылдьыбыппыт.
Москва куоракка Христос Быыһааччы Храмыгар киирэн улаханнык дуоһуйан тахсыбытым. Волгоград куоракка эмтэнэ тиийээт, Сибэтиэй Парасковья Таҥаратын дьиэтигэр сулууспаҕа сылдьыбытым. Үөрэммит Омскай куораппыттан тэйиччи баар Ачаирскай Крестовай дьахтар манастыыра турар Сибиир Голгофата диэн сиригэр эмиэ үктэммит дьоллоохпун. Белокуриха куорат Сибэтиэй Пантелеимоҥҥа аналлаах Таҥаратын дьиэтигэр, онтон салгыы автобуһунан бардахха, Кыыс Мария мөссүөнэ таас хайа сирэйигэр чочуллан оҥоһуллубутун курдук сиригэр кыракый чочуобунаҕа эмиэ сылдьыбыттаахпын. Итиннэ барытыгар өй-санаа, доруобуйа тупсуута түмүллэн, бачча сааспар диэри оҕолорбун, сиэннэрбин, чугас уруу-аймах дьоммун, табаарыстарбын кытта этэҥҥэбит иһин Таҥараҕа махталым муҥура суох!
Арай биирдэ 2007 сыллаахха Преображенскай Таҥара дьиэтигэр сырыттахпына миэхэ санаа киирбитэ: православнай итэҕэл диэн тугун эн биллиҥ, онон төрөөбүт дэриэбинэҥ олохтоохторугар иһитиннэрэр кэмиҥ кэллэ диэн. Ити санаабын ыһыктанан, оччолорго Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырдааҕы Таҥаратын дьиэтин аҕабытыттан Андрейтан православнай итэҕэл туһунан кэпсииргэ алгыс ылан, дойдубар аттаммытым.
Хорула дэриэбинэтэ – мин төрөөбүт, оҕо сааһым ааспыт сирэ. Төгүрүк күөлү тула Сайылык алааһыгар олорор төрүт саха дьонун быһыытынан сылгы, ынах ииттинэн, булдунан, балыктааһынынан дьарыктанан олороллор, ону таһынан оҕуруот аһын дэлэччи үүннэрэллэр. Төһө да кырыымчык ырыынак бириэмэтигэр ыарахан олохтоохторун иннигэр, үөс сир диэки көһөн барбакка, ньир-бааччы олороллоро киһини үөрдэр.
Орто оскуолаҕа 180-ча оҕо үөрэнэр, онон олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаһан, сэргэхтик олороллор. Ханна да буоларын курдук, кыахтаах ыаллары кытта кыамматтар эмиэ бааллар.
Олохтоох администрация салалтатын көҥүлүнэн мин кулууп дьиэҕэ дьону мунньан, ардыгар биирдиилээн ыалларынан сылдьан кэпсээбитим. Күн аайы оскуола оҕолоругар кэлэн, кылаастарыгар киирэн олорон, кинилэр Таҥара үөрэҕин туһунан бэрт элбэх ыйытыыларыгар эппиэттээбитим; Айыы Тойон Иисус Христос, Кыыс Мария, Сибэтиэй Николай уо.д.а. тустарынан кэпсээн баран иконаларын көрдөрбүппэр оҕолор улаханнык интэриэһиргээбиттэрэ. Ити кэмҥэ нэһилиэк олохтоохторуттан уонча киһи Таҥараҕа сүрэхтэниэхпит этэ диэн баҕаларын биллэрбиттэрэ. Мин Хорулаҕа барыта икки нэдиэлэ курдук сылдьыбытым.
Онтон дойдуга кризис буолан хаалан, дьонум Таҥараҕа тиксэр баҕа санаалара тута кыаллыбатаҕа. Ол да буоллар, тиһигин быспакка, куораттан наадалаах литератураны ыыта турбутум. Якутскай уонна Ленскэй епископтара Зосима епархияттан 5 устуука Саҥа Кэс Тыл кинигэтин биэрбитэ, аҕабыыт Андрей иконалары, православнай литератураны ыыталаабыта. Онон дьонум бэлэмнэнэ сылдьыбыттара. Сүрэхтэниэн баҕалаахтары, Галина Афанасьевнаны, Варвара Тимофеевнаны кытта сибээһи тутарым.
Онтон дьэ эмиэ тиийэн, 20-тэн тахса хонук устата дьоммор кэпсээн, оскуола оҕолоругар, төрөппүттэригэр бэсиэдэ оҥордум. Оҕолор урут истибит буолан, бу да сырыыга болҕомтолоохтук олорон сэргээн иһиттилэр. Оскуола директора Егорова Елизавета Ивановна уонна төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Васильев саҥа тутуллубут оскуола спортивнай саалатыгар, олорор ыскамыайкалары киллэрэн, оҕолору толору мунньан кэпсэтии буолла, киэһэтигэр төрөппүттэр кэллилэр. Маннык бэлэмнэнии кэнниттэн, Ньурбаттан 12 көс ыраах сытар Хорулаҕа, суола куһаҕаныттан иҥнибэккэ, архимандрит Товия кэлбитэ. Кини ол саҕана Ньурба саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит Никольскай Таҥаратын дьиэтигэр быстах кэмҥэ сулууспалыы сылдьар кэмэ этэ. Онон 2010 с. олунньу ый 19-21 күннэригэр староста Вера Петровна Михайлованы кытта Хорулаҕа олохтоох нэһилиэк дьонун сүрэхтээтэ. Архимандрит Товия сахалар урукку олохторун билэрэ биһигини сөхтөрбүтэ. Кини, дьон хайаан да ууга киирэн туран үстэ умсан сүрэхтэниэх тустаах диэн, анал алюминий иһит оҥорторбута. Онон кыралыын- улаханныын, сүүрбэттэн тахса киһи, үксэ оҕо, ууга киирэн сүрэхтэннилэр. Ол иһигэр Раиса Дмитриевна Иннокентьева оҕолорунуун, сиэннэриниин, Елена Александровна Михайлова эмиэ дьиэ кэргэнин кытта сүрэхтэммиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх буолла.
Ити күн ууну эрэ буолбакка, дьон сүрэхтэммит дьиэтин эмиэ сибэтии гыннылар. Онтон олохтоох администрация салайааччыта Иванов Алексей Степанович архимандрит Товияны кытта көрсүһэннэр, санааларын атастастылар.
Иккис күнүгэр, өрөбүл сарсыарда эрдэттэн буоларын курдук, сулууспа кэмигэр православнай итэҕэллээхтэр, сүрэхтэммиттэр, ол иһигэр 80 саастаах Анна Марковна Семенова эмиэ, Таҥараҕа тигистилэр.
Архимандрит Товия сулууспа кэмигэр көмөлөһөөччүтүгэр Раиса Петровнаҕа сахалыы мэлииппэлэри аахтарбытын дьон долгуйа, астына иһиттилэр уонна сахалыы кинигэ дэлэй баара буоллар диэн, баҕа санааларын эттилэр.
Бу православнай түмсүү салайааччытынан оскуола учуутала Иванова Варвара Тимофеевна ананна. Олохтоох администрация салайааччыта Иванов Алексей Степанович, орто оскуола директора Егорова Елизавета Ивановна бу хамсааһыҥҥа олус болҕомтолоохтук сыһыаннастылар, улахан көмө оҥордулар. Мин Хорулаҕа сүрэхтэммит православнай христианнар ааттарыттан кинилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбин. Итэҕэйээччилэр кэлэр өттүгэр мустан үҥэллэригэр, Саҥа Кэс Тылы ааҕалларыгар анал миэстэни күһүҥҥэ диэри була сатыахпыт диэн, администрация салайааччыта Алексей Степанович үтүө баҕа санаатын биллэрдэ.
Биһиги улуу Аҕа Таҥарабытыгар бу үтүөкэннээх дьайыытын иһин уруй-айхал тылларын этэбит! Аминь.
Матрёна (Мария) ИГНАТЬЕВА