Хорула: итэҕэлгэ эргиллии

Бу Таҥара тыла миэхэ туһаайыллыбыт диэн өйдүүбүн. Мин 1960-70 сс. Омскай куоракка үөрэнэ сылдьан Таҥараҕа чугаһаан барбытым. Биһиги олорор уопсай дьиэбититтэн чугас үлэлии турар храм баара, хас өрөбүл аайы куолакал тыаһа иһиллэрэ олус кэрэ буолара. Онтон үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана бииргэ үөрэнэр Варя диэн кыыспыныын Паасха бырааһынньыгар сулууспаҕа сылдьан, дьикти-кэрэ куолакаллаах хуор ырыатын истэн, аан маҥнай аҕабыыты көрөн, кини дьону барытын алҕаабытын сөҕөн-махтайан тахсыбыттаахпыт. Ол кыыһым сааһыран баран, өлүөн эрэ иннинэ, сүрэхтэммитэ.

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Дьоҥҥо көмө буолаарай диэн

Дьоҥҥо көмө буолаарай диэн

Бу ахтыыбын мин, 70 сааспар диэри олохпун туох да итэҕэлэ суох мээнэ олорон кэлбит киһи, сааһыран баран православнай итэҕэли ылына сатыы сылдьар кэммэр тирэх буолаарай диэн, “Логос” хаһыакка суруйарга сананным. Баҕар, эмиэ мин курдук муна-тэнэ сылдьар дьоҥҥо көмө буолуоҕа. Дьэ маннык. Миэхэ, улахан аймаҕа-чаҕара суох киһиэхэ, балтым кэриэтэ үчүгэйдик саныыр кыыһым Дарья (миигин эдьиийим диэн…Читать далее…

Откровение
Темы: , , , , , .