Москва уонна бүтүн Русь Патриарха КИРИЛЛ үрдүкү аҕабыыттарга, ытык аҕаларга, дьааханнарга, манаахтарга, Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин итэҕэллээх оҕолоругар Паасханан эҕэрдэ суруга Айыы Тойон туһугар тапталлаах Сибэтиилээхтэн-сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар, ытык пресвитердэр, дьааханнар, Таҥараны таптыыр манаахтар, күндү бырааттарбыт уонна балыстарбыт! Аан дойдуну быыһаабыт Айыы Тойоммут өлөн баран тиллибитин кэрэһилиир кэрэмэн килбиэннээх улуу бырааһынньыкка духуобунай үөрүүнэн үөрэн, Кини хоруоптан…Читать далее…
Паасха
№ 2 Май 2012 (31). Родить нельзя убитьСүрэхтэнии туһунан
Православнай итэҕэли тарҕатааччы былыргы миссионер аҕабыыттар олохтоох нэһилиэнньэҕэ бэрт сайаҕастык сыһыаннаһан саҕалаабыттар быһыылаах – ол миэрэни ылыныыга утарсыы баара диэни мин истэ да, ааҕа да иликпин. Хайыахтарай – соһуччута, сонуна, остуоруйаны кэпсиир курдук ууһа-урана бэрт буоллаҕа уонна туох да ыгыы-түрдэрии суох, аны туран уруккуттан Таҥаралаах дьоҥҥо майгынныыр өттө элбэҕэ – дэлэҕэ «Бог» диэн тылы «Таҥара»…Читать далее…
Темы: Бокуруоп, Бөтүрүөп, Духуобунай академия, Кириһиэннэ, кэриир аҕабыыта, Миитэрэйэп, Ньукуолун, Ороһуоспа, Охонооһойоп, Паасха, Сахалыы, Сэмиэнэп, Сүрэхтэнии, Сүрэхтээбит аҕа, Таҥара, Таҥара бырааһынньыктара, Таҥара дьиэтэ, Таҥара күлүктэрэ, Таҥара үөрэҕэ, Хадьыыла, Ылдьыын, Ыспааһап, Эҥиэнтэйэп.
Хорула: итэҕэлгэ эргиллии
Бу Таҥара тыла миэхэ туһаайыллыбыт диэн өйдүүбүн. Мин 1960-70 сс. Омскай куоракка үөрэнэ сылдьан Таҥараҕа чугаһаан барбытым. Биһиги олорор уопсай дьиэбититтэн чугас үлэлии турар храм баара, хас өрөбүл аайы куолакал тыаһа иһиллэрэ олус кэрэ буолара. Онтон үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана бииргэ үөрэнэр Варя диэн кыыспыныын Паасха бырааһынньыгар сулууспаҕа сылдьан, дьикти-кэрэ куолакаллаах хуор ырыатын истэн, аан маҥнай аҕабыыты көрөн, кини дьону барытын алҕаабытын сөҕөн-махтайан тахсыбыттаахпыт. Ол кыыһым сааһыран баран, өлүөн эрэ иннинэ, сүрэхтэммитэ.