Патриарх Кирилл: Христос тиллибитэ!

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , .

Москва уонна бүтүн Русь Патриарха КИРИЛЛ 

үрдүкү аҕабыыттарга, ытык аҕаларга, дьааханнарга, манаахтарга,  Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин итэҕэллээх оҕолоругар Паасханан эҕэрдэ суруга

 

Айыы Тойон туһугар тапталлаах Сибэтиилээхтэн-сибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар, ытык пресвитердэр, дьааханнар, Таҥараны таптыыр манаахтар, күндү бырааттарбыт уонна балыстарбыт!

Аан дойдуну быыһаабыт Айыы Тойоммут өлөн баран тиллибитин кэрэһилиир кэрэмэн килбиэннээх улуу бырааһынньыкка духуобунай үөрүүнэн үөрэн, Кини хоруоптан тахсыбытын өйбүнэн-санаабынан анааран тураммын, эһиэхэ бука барыгытыгар олоҕу туругурдар толору күүстээх, кыайтарбат кырдьыктаах, өрөгөйдөөх тыллары туһаайдаҕым буоллун:

ХРИСТОС ТИЛЛИБИТЭ!

Сандаархай сыдьаайдаах Паасха түүнэ киһи аймахха Таҥара тапталын – Халлааннааҕы Аҕабыт үйэлэр иннилэриттэн баар Уола, киһи айылҕатын ылынан, кинини аньыы-буруй ыарыытыттан үтүөрдүбүтүн уонна, үтүгэн түгэҕэр түһэн биһигини өлөр өлүү бохсубут хандалытыттан босхолоон, биһиэхэ Айыы Таҥарабытын, Олохпутун Оҥкуллааччыны, кытта биир буолар күндүттэн күндү кыаҕы бэлэхтээбитин, – толору көрдөрбүтэ. Айыы Тойон тугу барытын бырастыы гынар итинник улууканнаах тапталыгар кытыктанан, биһиги «дьону утары буолбакка, бу үйэ халыҥ хараҥатын дьаһалталарын, былаастарын, баһылыктарын утары, халлаан аннынааҕы хара дьай тыыннарын утары сэриилэһэр» (Еф 6, 12) кыайтарары билбэт сэптээх-сэбиргэллээх буойуттар буолабыт.

Онон биһиги, киһи кэбирэх айылҕата барыттан-бары дьиксинэр уйан санаатын кыайаммыт, хайдахтаах да суостаах кэми эрдээхтик көрсөр кыахтанабыт. «Таптал куттанары билбэт – сиппит-хоппут таптал кутталы киэр кыйдыыр. Куттанар киһи эрэйи көрөр, кини таптала ситэтэ суох» (1 Ин 4, 18).

Айыы Тойон биһигини, Кини суолунан иһээччилэри, «Куттанымаҥ!» диэн бөҕөргөтөр, сүргэбитин көтөҕөр тыла Евангелиеҕа элбэхтик хатыланара мээнэҕэ буолбатах. Кэлэр кэмтэн, араас суоһуур кутталтан, сымыйата-кырдьыга биллибэт үһү-бадах кэнэҕэс иэдээнтэн чаҕыйар санааны үгүстэр бэркэ билэллэр.

Ол эрээри биһиги бэйэбитинэн Айыы Тойонтон аккаастамматахпытына, Кини биһигини хаһан да хаалларыа суоҕа. Бу билигин эмиэ, биһиги Кинини, өлөр өлүүнү кыайбыт Айыы Тойону, уруйдуур-айхаллыыр күннэрбитигэр, Быыһааччыбыт биһиэхэ хас биирдиибитигэр туһаайан: «Куттаныма, итэҕэй эрэ!» – диэн хат тоһоҕолоон этэр (Мк 5, 36).

Онон биһиги киһилии сиэрбит-майгыбыт, бу дойду уодаһыннаах быһыытыттан чыҥха атын буолан, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт Дьиҥ Кырдьыгы илэ-чахчы бигэргэтэ туруохтун. Төһө да билигин уопсастыба уонна итэҕэл көҥүлэ хааччахтамматаҕын иһин, христианныы олох көрдөбүлүн бигэтик тутуһан олорор киһи син биир сүүрүгү утары барарыгар тиийэр. Онон кини дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар иҥэриллэ сатыыр аньыыны-хараны уонна ону кытта иллэһэр туругу ылымматын биллэрэр.

Айыы Тойоҥҥо хайыһаммыт, биһиги духуобунай өттүнэн уһукта илик чычаас олохтон, бу дойдуга баһылыыр-көһүлүүр бэйэмсэх быһыыттан төлө көтөммүт, Тиллии кэрэмэн сырдыгын Халлааннааҕы Куоракка тиксэрэр эркээйи быһыытынан ылынар кыахтанабыт.

Бараммат үйэлээх олоххо тардыһар күүһү биһиги бука бары Евхаристия биир уопсай иһититтэн сомсобут. Айыы Таҥара бары өттүнэн сибэтиэй Тыынын илгэлээх үтүөтэ барыбыт дууһабытыгар энчирээбэт или-эйэни, бигэ итэҕэли иҥэриэхтин, үчүгэйи хотуулаахтык оҥорор күүһү-уоҕу биэриэхтин.

Христос Этигэр-Хааныгар тиксэммит, биһиги, Ытык Суруйууга этиллибитин курдук, Таҥара айылҕатын кытыктаахтара буолан тахсабыт (2 Пет 1, 4), онон ис хаан айылгыбытын уларытар сүдү күүстэнэбит. Таҥараҕа тиксэммит, биһиги Киниэхэ, «Бэйэтин аччатынан, кулут уобараһын ылынан, дьон тэҥэ буолбут, киһи курдук көрүҥнэммит, Бэйэтин намтатынан, өлүөр да диэри – кириэскэ тиириллиэр диэри – истигэн» (Флп 2, 7-8) Айыы Тойоҥҥо маарынныыр үрдүк дьоллонобут.

Сиэр-майгы духуобунай өттүнэн уларыйыыта уопсастыба, норуот, дойду олоҕун уларытыы төрдө-төбөтө, сүрүн күүһэ буолар. Ханнык да дьыала, бытархай чаастара чочуллубакка эрэ, толору үчүгэй көрүҥнэнэр кыаҕа суох. Аҕа дойдубут төһө чөл олохтооҕо араас социальнай, политическай бөлөххө киирэр эдэр-эмэн дьон сиэрдээх өйүнэн-санаатынан быһаарыллар. Историческай Русь судаарыстыбаларын, Таҥара Дьиэтин итиэннэ, киэҥник ыллахха, Айыы Таҥарабыт биһиэхэ, араҥаччылаатыннар, «харыстаатыннар» (Айыллыы 2, 15) диэн, туттарбыт айылҕатын сайдар суола биһиги олорор олохпут хайысхатыттан тутулуктаах.Таҥараҕа үҥэн тураммын, мин эһиэхэ, күндү дьоммор, бука барыгытыгар аад күүһүн самнарбыт Айыы Тойоммутун өйдөөн-санаан өрүү үөрэ-көтө сылдьаргытыгар, күннээҕи үлэҕитигэр-хамнаскытыгар үөһэттэн өлгөм көмөнү дэлэйдик ыла тураргытыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.

 

ХРИСТОС ДЬИҤ ЧАХЧЫ ТИЛЛИБИТЭ!

Аминь.

 

+ КИРИЛЛ
МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХ БАҺЫЛЫГА

Христос Паасхата
Москва
2012