Саха дьоно былыр сүөһү иитэн, бултаан, балыктаан, кэлин бурдук үүннэрэн ииттинэн олорбуттара. Манна барытыгар эр киһи дьаһайааччы уонна сүрүн толорооччу буолара. Ону таһынан, дьиэ кэргэнин, аҕа ууһун туора биистэртэн көмүскүүрэ, улуус, нэһилиэк араас мунньахтарыгар куолаһын киллэрэр киһинэн эмиэ кини буолара.
Дьахтар эйгэтэ дьиэтин, хотонун иһинэн муҥурданара. Эр киһи ойох ыларыгар халыым төлүүрэ. Эргэ барар кыыс төрөппүттэрэ баай буоллахтарына, кыыстарыгар энньэ биэрэн ыыталлара. Ол эрэн оннук кыахтаах ыал аҕыйах буолара. Онон эр киһи ойоҕун атыылаһан ыларын тэҥэ этэ. Ол иһин дьахтар тугу да бэйэтэ быһаарар кыаҕа суоҕа, улгум кулут курдук балаһыанньалааҕа. Баай дьон хас да кэргэннэниэхтэрин сөбө. Онтуларын алаас-алаас ахсын тус-туспа олохтоон, сүөһүлэрин көрдөрөллөрө. Дьиэ, хотон иһинээҕи үлэ барыта дьахтар санныгар сүктэриллэрэ. Маны таһынан, кини дьиэ кэргэнигэр бүтүннүүтүгэр ис-тас таҥас тигэн таҥыннарар эбээһинэстээҕэ. Дьахтар сарсыарда барыларыттан эрдэ турара, киэһэ барыларыттан хойут утуйара, күнүс оҕотун эмтэрэригэр эрэ хотонтон тахсарын кэриэтэ этэ. Маннык түбүктээх ыал ийэтэ сыл ахсын төрүүрэ, ол оҕолоруттан биир эмэ оҕо улаатан киһи-хара буолара. Ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар кытта дьахталлар от үлэтигэр сылдьан сыһыыга уонна сүөһү көрөр кэмнэригэр хотоҥҥо төрүүр этилэр. Үгүс дьахталлар, олохторо ыараханыттан киҥнэрэ-наардара холлубут эрдэрин батталыгар биир тылы утары быктарбакка, тиһэх тыыннарыгар диэри барыны бары тулуйан олороллоро.
Сахалар христианствоны ылыммыттарын кэннэ дьахтар аймах олоҕо балайда тупсубута: сүрэхтэммит саха дьоно Таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэнэллэрэ, мэлдьи да буолбатар, сулууспаҕа сылдьаллара уонна Таҥараҕа тиксэллэрэ. Таҥара дьиэтэ эйэлээхтик олорорго, бэйэ-бэйэни таптыырга үөрэтэрэ, саха киһитин кытаанах майгытын сымнатара.
Сахалар ааҕарга-суруйарга үөрэнэн барбыттарыгар кыыс оҕо оскуолаҕа барара бобуллар этэ.
Оччотооҕу дьахтар эрэйдээх дьылҕата саха литературатын классиктара А.Е.Кулаковскай («Саха дьахталларын мэтириэттэрэ»), А.И.Софронов драмаларыгар, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа новеллаларыгар, онтон да атын айымньыларга дьэҥкэтик көстөр.
Сэбиэскэй былаас саха дьахтарын батталтан босхолообут өҥөлөөх. Бүгүҥҥү олоххо, христианскай итэҕэл уонна Таҥара дьиэтин үлэтэ саҥалыы сайдар кэмигэр, ийэ, дьахтар общество олоҕор оруола улаатан иһэр.
Саха сэмэй дьахтарыгар – кыһамньылаах ийэҕэ, эрэллээх кэргэҥҥэ, алаһа дьиэни араҥаччылааччыга – айхал буоллун!
Филологическай наукалар кандидаттара, СГУ доцена,
Егор Сидорович СИДОРОВ