Дьикти дьүрүлгэн

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , .

Көрдөһүү 

Көмөлөс дуу Эн миэхэ дьиҥнээхтик олорорго,
Күн ахсын дьулуһан үйэлээҕи оҥорорго;
Көҥүлү, сырдыгы, кэрэни эрэ таптыырга,
Кырдьык туһугар бүтүн олохпун да аныырга;
Көмүскэс сүрэхтэнэн күндүнү көрөргө,
Көппөхтөн көмүһү булан өрүүтүн сөҕөргө;
Киһи киилэ буолан, үрдүк соругу ситэргэ –
Күүһү түмүнэн, күннээҕи кириэһи сүгэргэ.

 

* * *
                                           Балтыбар Лизаҕа

Сарсыардааҥҥы саһарҕа –
Сүдү дьүһүлгэн –
Кэрэтик даҕаны иһиттэн суһумнуур;
Сандаархай сүүс араас өҥүнэн дьүһүйэн,
Ол ону Ким эрэ үөһэттэн ойуулуур.

Сарсыардааҥҥы саһарҕа –
Дьикти дьүрүлгэн,
Ону эмиэ Ким эрэ дьүөрэтик таһаарар;
Саҕахтыын силбэспит Эбэ күөл, иһийэн,
Ол одун куйаары, кый ырааҕы, анаарар.

 

  Ходуһаҕа 

Ситэн эрэр отоннуу саҕах тэтэрэ кэйбит.
Күһүөрү сайын хонуу сыта ордук минньийбит.
Сөрүүн сүдүрүүнү өөр-өр сырдырҕаччы кэстим,
Күүс үлэҕэ көмөлөһөн, үөрэ саныы истим.
Сиккиэр тыал сэгэйэ сиэлэн, ыллык суолга ситтэ,
Илим көрөр килбик уоллуу хомус быыһыгар сүттэ.

 

   Ыйдаҥа киэһэ 

Махтанабын Эйиэхэ түүҥҥү күнүҥ иһин,
Миэхэ дьолу тосхойбут өҥ күһүнүҥ иһин.
Махтанабын билигин да эдэрим иһин,
Инникибэр мин кэм да эрэнэрим иһин.
Махтанабын олох диэн бэрт дьиктитин иһин,
Ону миэхэ бу маннык биллэрбитиҥ иһин…

 

31_2012_20_3

 

Охсуллубут от сыта 

Асфальт кытыытыттан охсуллубут оту булан,
Аҕабар балыыһаҕа аҕалан биэрбитим.
«Туох ааттааҕы…», – аҕам курустук сонньуйбута,
Түүтэҕи ылан оронун баһыгар укпута.

Өссө да хагдарыйа илик от дыргыл сыта
Салгына суох палаата иһин тунуйбута.
Көлөһүн уонна эмп аһыы сытын үтэйэн,
Сайын кэлэн турарын сытыытык санаппыта.

Түөрт-биэс эр киһи саҥата суох олорбута.
Түннүккэ күөх истээх сахсырҕа сааҕыныыра,
Көрүдүөргэ тараҕай уол оҕо оонньуура,
Сэргэ палаатаҕа биир ким эрэ ынчыктыыра.

Онтон ыла, ол умнуллубат күнтэн ылата,
Охсуллубут ходуһа минньигэс көй сыта
Аҕыс саастаахпар миэхэ кыраабыл туттарбыт
Аҕабын уонна ол ыар балыыһаны санатар.

 

* * *

 

Баҕарабын
Айыллыбытынан бүтүн күүһүн
Айгыраппатах тыыннаах тыл
Дууһам бүтэй алааһыгар
Дьүүктэ уутунуу дьүрүһүтэр
Уу нуурал дуоһулаҥар.

Дьулуһабын
Иэйиллибитинэн сүдү күүһүн
Энчирэппэтэх чөллөөх тыл
Сүрэҕим бүччүм тиэргэнигэр
Көмүс таммахтыы чурулуур
Улуу нуһараҥ уоскулаҥар.

 

Оҕо үҥүүтэ 

(М.Бенхэм-Эдвардс хоһоонун көҥүл тылбааһа)

 

Мин олоҕум сулус буолан,
Ыас хараҥаҕа сыдьаайдын,
Муммуту сирдээн таһааран,
Барыахтаах суолун сырдаттын.

Мин олоҕум чэчик буолан,
Дьоммун кэрэҕэ угуйдун,
Дулҕа быыһыгар да туран,
Үүммүт сиринэн дуоһуйдун.

Мин олоҕум ырыа буолан,
Курутуйбуту көнньүөртүн,
Самныбыты да ыллатан,
Санаатын өрө көтөхтүн.

Мин олоҕум тайах буолан,
Мөлтөҕү суолга өйөөтүн,
Тирэхтэнэн, сэниэ ылан
Тиийэригэр көмөлөстүн.

 

31_2012_20_2

* * *

 

Мин үөл-дьүөлгэ тиийиэҕим,
Дьиэбэр киирэн кэлиэҕим.
Оргууй кууһуом ийэбин,
Онтон хостуом кэһиибин.
Оһох уота тачыргыа,
Үөрэ-көтө кыымын ыһыа.
Иккиэн өөр-өр чэйдиэхпит,
Ирэ-хоро кэпсэтиэхпит.

* * *

 

«И вошли к Ною в ковчег»
                           Бытие 7:15

Намҥа баар Нуой аала –
Нуойап дьиэ кэргэнэ,
Саха талыы ыала.

Манна баар аһымал,
Муҥтан быыһаан ылар
Амарах дьиҥ таптал.

Быстыбыт салҕатар,
Ыалдьыбыт өйөтөр,
Хоргуйбут өл хабар.

Суһал көмө ыала –
Абырал чиҥ аалын
Сирдээҕи анала.

Айыҥат алгыһа
Арчылыы туруохтун –
Алаһа аалгыт
Туругуруохтун!

* * *

                             Марияҕа

Онно барыта олус истиҥ,
Ордук кэрэ, ордук дириҥ.
Баар онно дьиҥ доҕордоһуу,
Бары бүттүүн сомоҕолоһуу.
Суох онно санаа самныыта,
Сүрэх ааспат-сүппэт ыарыыта.
Бэл кутурҕан кытта сырдык,
Бигэ таптал эмиэ кырдьык.
Ытабыл ырыанан солбуллар,
Ыарыы да алгыһы аҕалар.
Өлүү диэн онно – үрдүк үөрүү,
Өлбөөдүйбэт Күҥҥэ көтүү.

 

Саргылаана Леонтьева