Тапталы уонна сырдык үөрүүнү миэхэ оҕом бэлэхтиир. Урут бу тапталым курус санааны кытта булкуһара. Машам ыарыыта Даун синдрома диэн. Оҕом эрэйдээҕи аһынан наһаа курутуйарым, бэйэбин да аһынан ыларым. Таҥараҕа кэлиэхпиттэн ол курус санаам улам-улам сүтэн, букатын атыҥҥа кубулуйбута. Билигин отой да Таҥара абыралын курдук ылынабын. Санаан көрдөхпүнэ, бу кириэһим суоҕа эбитэ буоллар, хайдах быыһаныам этэй? Мин оҕом миигин аадтан хостуур, үтүгэн түгэҕиттэн таһаарар диэн саныыбын. Таҥара миэхэ күүстээх тапталы биэрэр, ону мин дьоммунуун-сэргэбиниин үллэстэрим наадалаах диэн өйдүүбүн. Өскөтүн ким эмэ оҕоҥ туһун санаабакка, бэйэҥ эрэ быыһанаргын саныыгын диир буоллаҕына, этиэм этэ: маннык ыарыылаах оҕолор дууһалара сырдык, ыраас буолан Таҥараҕа чугастар, куруутун үөрэ-көтө сылдьаллар, аньыыны өйдөөн туран оҥорор буолбатахтар, уонна дьону, ким да буоллун, барытын таптыыллар.
Мин оҕом Машенька наһаа интэриэһинэй киһи, кини атын оҕолорго маарыннаабат. Бэйэтэ туһунан ураты эйгэҕэ олорор, куруутун үөрэ сылдьар. Телевизоры көрөрбүн, наһаа уһуннук туһата суоҕу телефонунан кэпсэтэрбин, аһары куолулаан барарбын сөбүлээбэт. Кими эмит сиилээн дуу, мөҕүттэн дуу бардахпына, ыһыытаан-хаһыытаан тохтотор, биитэр билээҕимсийэн үөрэтэн бардахпына эмиэ. Үҥэ туран санаам атыҥҥа аралдьыйдаҕына, наһаа хоргуппутуу ытыыр. Миигин христианныы үтүө быһыылаах-майгылаах буоларга, ыалдьыттары хайдах маанылыырга, эрэйдэнэ сылдьар дьону уоскутарга, иэдээҥҥэ түбэспиттэр тустарыгар үҥэргэ үөрэтэр. Кини саҥарбат, ону атыннык өйдөтөр, эбэтэр, ытаан-соҥоон туран, оҥоруохтаах дыалабын оҥорторор.
Арай биирдэ хаһыытаан баран отой тохтообото, «эдьиий, эдьиий» диир. Биир эдэр кыыһы кини инньэ диэн ааттааччы. Бу кыыс туохха эрэ түбэспит быһыылаах дии санаан, кини туһугар Таҥараҕа үҥэн бардым. Машам тута уоскуйда. Онтон били кыыспар телефоннаан билбитим, кырдьык, иэдээҥҥэ түбэһэ сыспыт этэ.
Оҕом ыарахан балаһыанньаҕа сылдьар дьону наһаа аһыммыт харахтарынан одуулаһар, мичээрдээн уоскута сатыыр. Ол киһи аатын ааттыыр, эбэтэр »эдьиий» биитэр »убаай» дии-дии олорор. Ол аата үҥэр быһыыта быһыылаах. Ити кэннэ хаалсыаҥ дуо, эмиэ үҥэн бараҕын. Кининэн Таҥара миэхэ элбэҕи биэрэр. Оҕом мин аанньалым курдук. Ону-маны сыыһа быһыыланаары гыннахпына тохтотор. Онтон наадалаах дьыаланы мунаахсыйа-мунаахсыйа оҥорор буоллахпына, миигин өйөөн, ону оҥорторо сатыыр. Таҥара дьиэтигэр хомунан барарбытыгар, мэлииппэтэ суох туох да иһин тахсыбат, илиитин биэрбэт, үҥпүтүм кэннэ биирдэ, астыммыттыы, илиитин биэрэр, оччоҕо тахсан барабыт.
Просфораны дьэ кини билэр, олус сөбүлүүр. Биирдэ храмтан кэлэн баран просфоралары остуолга уурбуппун ылан куоппуттаах. Мин хоспор киирдэҕинэ, просфора баар ыскаабыгар талаһар.
Таҥараҕа тиксии диэн тугун өйдүүр. Уһуннук храмҥа илдьибэтэхпинэ талаһар. Таҥаһын таҥнар уонна «бам-бам» диэн куолакал тыаһын үтүктэр. Ытыыр, бууннаан да туруон сөп. Сороҕор Таҥара дьиэтигэр эмиэ ытыыр, ол мин атыны санаан бардахпына, эбэтэр кыайан өр турбатын туруораары гыннахпына, биитэр туох эмэ атын биричиинэлээх буоллаҕына. Дьоннор оччоҕо куттаналлар, куоласпыт улахана бэрт буолар. Оҕобор дьон сыһыана тус-туһунан. Ону мин Таҥара көмөтүнэн улаханнык аахайбаппын. Миигин тулуурдаах буоларга үөрэтэр дии саныыбын.
Олохпутугар араас ыарахаттар элбэхтэр. Кыыһым, кыра оҕо курдук буолан, ууну да холбоон кэбиһиэн, аһылыкпытын, куруппабытын биир кэлимсэ гына буккуйталыан сөп. Ол эрэн кини мин өйдөөбөппүн тулуйара ордук эрэйдээх диэн, оҕобун аһынабын. Мин сөпкө быһыыланар буоллахпына, оҕом эмиэ оннук буолар. Кыыспын Таҥара дьиэтиттэн атын сиргэ ханна да сырытыннарбаппын, харыстыыбын. Биирдэ студеннар дьарыктанаары, үөрэтээри, оҕобун үөрэнэр сирдэригэр автобуһунан илпиттэрэ. Инбэлиит оҕо бөҕөнү муспуттар этэ. Мин киһим онно саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри тохтообокко ытаабыта. Кини отой атын интэриэстээх. Холобур, кинигэни бэрийэрин сөбүлүүр. Миэс-тэттэн миэстэҕэ уурталыыр. Кыайан аахпаппыт биллэр буоллаҕа дии, ол да буоллар, ааҕар киһи курдук туттан олорор, хартыыҥката да суох буоллун. Куруутун инньэ гынар, сарсыарда турда да, ыскаап диэки сүүрэр.
Биирдэ хоско кинигэ ааҕа сыттахпына киирэн кэллэ, илиитигэр Ксения Петербургская туһунан кинигэни тута сылдьар. Сирэйин көрүөҥ этэ, эчи үөрбүтүн, дууһата иэйбитин! Сибэтиэйдэри кытта кинигэнэн сибээстэһэр быһыылаах. Ол иһин кинигэни тыытарын көҥүллүүбүн, сороҕор алдьатар да буоллар. Кэлин наһаа алдьаппат, арай үрүт-үөһэ бэрийэн алҕаска хайа тардыан сөп.
Биһиги кинигэлэрбит үксэ духуобунай ис хоһоонноохтор. Оҕом «Логос» сурунаалы сөбүлүүр. Бэйэтин туһунан баар нүөмэри миигиттэн былдьаһан бөҕө буолбута.
Урут Маша үчүгэйдик хаамар этэ, автобуһунан айаннаан куоракка күүлэйдиир этибит. Ол саҕана кини саҥара, ыллыы сатыыра. Билигин саҥарбат. Сороҕор эмискэ биир эмэ тылы быктаран ылар. Саҥарыан иһин, куһаҕаннык тахсар буолан кыбыстар дуу, хайдах дуу.
Биирдэ Машам курдук оҕолоох ийэни кытта билсибиппит. Кыысчаана мин оҕобуттан быдан сайдыылааҕа, доруобай оҕо курдуга. Бэйэ-бэйэлэрин наһаа интэриэһинэйдик хардарыта өйдөһөр этилэр, барарбытыгар, ол кыыс мин Машабар сүрэх тиһиллибит оҕуруотун биэрбитэ, мин дьонум тустарыгар үҥк диэн көрдөһөргө дылыта. Ити мин бэйэм санаам. Ийэтэ миэхэ «Биологическай медицина институтугар суруй, кыыскар киһи фетальнай тканын олордоллоругар көрдөс» диэн сүбэлээбитэ. Ону абортаммыт оҕоттон ылаллар эбит.
Мин ол саҕана Таҥараҕа кэлэ илик этим, онон, дьиксиммитим эрээри, оҥорторорго санаммытым. Маша куттаммыт хараҕын хаһан да умнубаппын. Трансплантация оҥороллоругар хаһыытаабыта кулгаахпар билигин да иһиллэр. Ол кэнниттэн туохпутун эрэ сүтэрбит курдук буолбуппут. Туох да үчүгэй өттүгэр уларыйыы тахсыбатаҕа. Кэлэн баран, сүрэхтэммиппит.
Кэлин Маша ыараханнык ыалдьыбыта. Тоноҕоһо туох эрэ буолбут этэ, диагноһун үчүгэйдик быһаарбатахтара. Сыттыкка өйөтөн олордор этим. Инвалиднай колясканан сылдьар буолбуппут. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, бэйэм аньыыбар атын дьон аньыытын эбиммиппин быһыылаах. Аборт диэн киһини өлөрүү буоллаҕа дии. Төһө да сүрэхтэнии кэнниттэн аньыы бырастыы гыныллыбытын иһин, оҥорбут дьыалабыт иһин эппиэттиир буоллахпыт дии саныыбын.
Москва гостиницатыгар биһигини кытта биир хоско олорбут дьахтар харчыбытын уоран ылбыта. Маша кинини наһаа таптыыр этэ, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ: «Упаси-упаси», – диирэ. Эппэрээсийэттэн быыһаа диэн көрдөһөөхтөөбүтэ буолуо дии саныыбын. Өссө биир трансплантацияны оҥорторор харчылаах этим, онтон то хтуу түһэн баран төннөр санаалааҕым. Ол гостиницаҕа олордохпутуна, биир үтүө майгылаах дьахтар харчыбытын уордарбыппытын истэн баран: «Смиряйтесь», – диэбитэ. Мин итинник тылы аан маҥнай истибитим. Итэҕэллээх киһи буолуо. Мин ону тоҕо эрэ ылыммытым. Таҥараҕа кэлэн баран, ити тыл ис хоһоонун өйдөөбүтүм, уонна билигин ол үтүө киһиэхэ махтана саныыбын. Олохпор ити тылы эркээйи оҥосто сатыыбын.
Билигин өйдүүбүн: Айыы Тойон быыһаан-абыраан ылаары, киһини итинник тургутан көрөр эбит. Маннык оҕолор төрүүллэрэ дьонноругар улахан туһалаах, оннук дьиэ кэргэҥҥэ таптал олохсуйар. Таҥара биһиэхэ, ыарыыны тулуйтаран, Киниэхэ тиийэр суолбутун арыйан биэрэр эбит. Өскөтүн итинник балаһыанньаҕа түбэспит киһи Таҥара биэрбитин холкутук ылынан Киниэхэ эрэннэҕинэ, олоҕо атыннык барар. Кини өйө-санаата уларыйан, дьиҥнээх сыаннастары өйдөөн, олоҕун суолун булар. Уонна маннык оҕолор алҕаска төрөөбөттөр.
Кинилэр Таҥараҕа чугас буоланнар, аанньал курдук ыраас дууһаларынан биһиги Киниэхэ чугаһыырбытыгар көмөлөһөллөр.
Сороҕор автобуска эбэтэр ханна эмит мин Машенькам курдук оҕолоох дьону көрдөхпүнэ, дууһам тапталынан иэйэр. Ийэлэрэ ону билбэттэр, оттон оҕолор олус диэн сэрэйэллэр. Биирдэ Оҕо Дьиэтин көһөрөллөрүгэр көмөлөһө сылдьан, ыарыһах оҕолор сытар хосторугар киирэ сылдьыбытым. Кыыһым курдук диагнозтаахтар элбэх этилэр. Тугу да саҥарбакка көрөн турбутум, быраҕыллыбыт кырачааннары аһынан, сүрэҕим ньүөлүйбүтэ. Ону кинилэр сэрэйэн, төбөлөрүн өндөтөн, «Эн кимҥиний?» диэбиттии көрбүттэрэ, сорохторо тура сатаабыттара. Муҥнаахтар дууһаларынан ийэлэрин кэтэһээхтииллэрэ буолаахтыа.
Валентина РОМАНОВА