Таҥара абыралын курдук ылынабын

Тапталы уонна сырдык үөрүүнү миэхэ оҕом бэлэхтиир. Урут бу тапталым курус санааны кытта булкуһара. Машам ыарыыта Даун синдрома диэн. Оҕом эрэйдээҕи аһынан наһаа курутуйарым, бэйэбин да аһынан ыларым. Таҥараҕа кэлиэхпиттэн ол курус санаам улам-улам сүтэн, букатын атыҥҥа кубулуйбута. Билигин отой да Таҥара абыралын курдук ылынабын. Санаан көрдөхпүнэ, бу кириэһим суоҕа эбитэ буоллар, хайдах быыһаныам этэй?…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , .

Сахалыы Литургия

2011 сыл алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман алгыһынан киин куорат Преображенскай кафедральнай собуоругар Таҥара литургията сахалыы тылынан барда. Сулууспаны аҕабыыттар Павел Слепцов уонна Михаил Добровольскай ыыттылар. Литургияҕа Аҕа баһылык Роман кэлэ сырытта уонна баар дьоҥҥо барыларыгар Айыы Тойон үтүө көмөтүн баҕарда. Мантан ыла хас баскыһыанньа аайы Преображенскай собуорга Литургия күҥҥэ иккитэ буолуоҕа.…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Достанет со дна моря

2 Возлюбленные! мы теперь дети Божии; но еще не открылось, что будем. Знаем только, что, когда откроется, будем подобны Ему, потому что увидим Его, как Он есть. Первое соборное послание святого апостола Иоанна. Гл.3 2 Таптыыр бырааттарыам! Биһиги билигин Таҥара оҕолорунабыт, оттон кэлин өссө хайдах уларыйарбыт биһиэхэ ситэ арыллан биллэ илик. Арай биири чуолкай билэбит:…Читать далее…

Самое главное, Школа молитвы
Темы: , , , , , , , , , , , , , .

Сибэтиэй Серафим Саровскайга ыалдьыттааһын

Сибэтиэй Серафим Саровскайга ыалдьыттааһын

Сибэтиэй сиргэ сылдьыан баҕарбат православнай христианин, ама, баара буолуо дуо? Икки сыллааҕыта тохсунньу 15 күнүгэр Айыыга холоонноох Серафим Саровскай таҥаралаабытын (1833) уонна сибэтиэй уҥуоҕа иккиһин хараллыбытын (1991) бэлиэтиир бырааһынньык кэмигэр Никольскай собуорга Литургияҕа үҥэ турбутум. Ол туран эмискэ дьикти күүстээх сибэтиэйгэ Дивеевоҕа ыалдьыттыы барыахпын туох да олус баҕаран кэлбитим. Тута киниэхэ үҥпүтүм. Ыалдьыттааһынтан тугу да…Читать далее…

Православная Эйкумена, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Эһиэхэ этэбин, омук дьонугар!

язычество

Сибэтиэй Павел Апостол Коринф христианнарыгар бастакы илдьит суруга 10 Сымыйа таҥаралартан сэрэтии 1 Бырааттарыам, өбүгэлэрбит бука бары былыт халыҥ хаххатыгар сылдьыбыт­тарын, бары муораны курдаттаан ааспытта­рын өйдүөххүтүн баҕарабын; 2 кинилэр бары Моисейга холбоһон былыкка уонна муораҕа сүрэхтэммиттэрэ, 3 бары биир духуобунай аһы аһылыктаммыттара, 4 бары биир духуобунай утаҕы утахтаммыттара: ол хайдах диэтэххэ, кинилэри кытта барсан иһэр духуобунай очуос…Читать далее…

Самое главное, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , .