Саровтааҕы манастыырга Нижегородскай губерния епархиятын саҥа баһылыгынан анаммыт архиерей тиийэн кэлбит. Кини Таҥара тапталлааҕын айыыга маарыннаах Серафим туһунан элбэҕи истибит эрээри, баачыка дьиктилэрин туһунан кэпсээннэри итэҕэйбэтэ эбитэ үһү. Архиерейы куолакал бөҕөнөн көрсөннөр, храмҥа киллэрбиттэр, онтон архиерейдар түһэр хосторугар илдьибиттэр. Өрүү буоларын курдук, күндүлээбиттэр-маанылаабыттар. Сарсыныгар архиерейдыы үрдүк чыыннаах улуу сулууспа өрөгөйө буолбут. Сулууспа кэнниттэн архиерей манастыыры…Читать далее…
илгэлээх үтүө
№ 3 Октябрь 2012 (32). Между правом и правдойСахалыы Литургия
2011 сыл алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман алгыһынан киин куорат Преображенскай кафедральнай собуоругар Таҥара литургията сахалыы тылынан барда. Сулууспаны аҕабыыттар Павел Слепцов уонна Михаил Добровольскай ыыттылар. Литургияҕа Аҕа баһылык Роман кэлэ сырытта уонна баар дьоҥҥо барыларыгар Айыы Тойон үтүө көмөтүн баҕарда. Мантан ыла хас баскыһыанньа аайы Преображенскай собуорга Литургия күҥҥэ иккитэ буолуоҕа.…Читать далее…
Темы: Аанньал, Апокалипсис, Аҕабыыт, Дионисий сибэтиитэл, Дьаахан, Евангелие, илгэлээх үтүө, Литургия, Москватааҕы Библия тылбааһын Института, Перевод, Саалтыыр, Сахалыы, Сибэтиитэл Иннокентий Вениаминов, Сибэтиэй Тыын, Сибэтиэйдэр, Собуор, Сулууспа, Таҥара, Таҥара Саарыстыбата, Холбоһуктаах Библейскэй Уопсастыбалар, Ытык Үс Таҥара.
Үрдүк үөрүүнү миэхэ биллэрбит үтүө киһи
«Үтүө тыл – дьол» диэн сахаҕа бэргэн өс хоһооно баар. Оттон тылтан дьыала тахсан киһини, бар дьону үөрдүүтэ – бу дьиҥ чахчы алгыһы аҕалар, саргыны салайар кэскиллээх суол. Мин олохпор оннук биир саамай улахан көмөнү оҥорбут күндү киһинэн миэхэ Георгий Петрович Яковлев буолар.
Сибэтиэй Павел. Апостол Тимофейга. Иккис суруга
Күндү доҕотторбут, бүгүн биһиги эһигини икки тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктан быһа тардыылары кытта билиһиннэрэбит. Бу Саҥа Кэс Тылга киирбит сурук автора — сибэтиэй Павел Апостол. Кини эдэр доҕоругар Тимофейга эппит иһирэх тыла, аҕалыы сүбэтэ-амата барыта күн бүгүн биһиэхэ ананан суруллубут курдук. Сибэтиэй Апостол үрдүккэ ыҥырар, үтүөҕэ үөрэтэр истиҥ тыллара эһиги сүрэххитигэр эмиэ бэрт элбэҕи этиэ диэн эрэли кытта.