Быйыл кыһын тохсунньу сүүрбэ күнүгэр Москваҕа эмтэнэ тиийээт, мин быһа үлэбэр, Библия тылбааһын Институтугар, барарга санаммытым. Киирбиппэр дьонум, үөрэн, тула үмүөрүспүттэрэ, саҥа тахсыбыт Саалтыыр кинигэтин аҕалан, миэхэ туттаран кэбиспиттэрэ. Бу уһун дьаныардаах үлэбит түмүгүн кууһан туран, мин ытык доҕорбун Дмитрий Кононовиһы өйдөөн кэлбитим. Биэс сыллааҕыта манна балыыһаҕа сыттаҕына, субу күн сирин көрбүт Саҥа Кэс Тылы илдьэн биэрбиппэр кини сүр сэниэлээхтик оронугар олоро түһээт: «Дьол! Дьол! Дьол!» – диэбитэ. Мин санаабар, бу иккиэн бииргэ тылбаастаабыт күндү кинигэбитин көрбүтэ эбитэ буоллар, кини үөрүүтэ муҥура суох буолуо этэ.
Саҥа Кэс Тыл
№ 1 Апрель 2010 (25). Язык мой – друг мойБэһис Евангелиены арыйдахха
Олунньу 14 күнэ. Москваттан аэропорка киирээри моһуокка ыллара сырыттыбыт: суолга массыына элбэҕэ бэрт буолан, хаайтаран, рейспытыгар хойутаан хааллыбыт. Ол эрэн амарах санаалаах Таҥарабыт, үҥэрбитин истэн, улуу дьиктини оҥордо: сөмөлүөппүт, биһигини уон киһини күүтэн, балтараа чаас кэриҥэ хойутаан көттө! Тель Авивка дохсун ардах кута турар. Манна биһигини Иерусалим таһынааҕы Горненскай манастыыртан кэлбит Магдалина диэн ааттаах эдэр…Читать далее…
Суорун Омоллоонтон ыччакка анаан
Икки сыллааҕыта, Бүлүү тыатыгар Лөкөчөөҥҥө онус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Дмитрий Кононович уонна Надежда Семеновна миигин Саҥа дьылга Москваҕа ыалдьыттата ыҥырбыттара. Ол саҕана ийэм Бэс Чагдаҕа кинилэргэ олорон, Саҥа Кэс Тылы бэчээккэ бэлэмниирэ. Икки сыл кэриҥэ көрбөтөх ийэбин олус ахтарым гынан баран, халлаан тымныыта бэрт буолан, эһэлээх эбэм ыыппатахтара. Онтон саас, каникулум кэмигэр, Москваҕа хараҕын эмтэтэ…Читать далее…
Темы: Библия, интервью, Сахалыы, Саҥа Кэс Тыл, Суорун Омоллоон, Таҥара үөрэҕэ.
Күндү кылаат
Кирилл уонна Мефодий сибэтиэйдэр күннэригэр Нуучча Драмтеатрыгар буолбут кэнсиэркэ артыыс Саҥа Кэс Тылтан быһа тардыыны (Иисус Христос хайа үрдүгэр олорон үөрэппитин) ааҕарын истибитим. Ону истэн мин олус диэн долгуйбутум. Таҥара тыла дууһабар дириҥник өтөн киирэн, сүрэхпэр дуораһыйбыта. Онтон ыла мин ол Кинигэни ааҕыахпын баҕарар буолбутум. Күндү Кинигэлээх таһаҕаһы Таҥара дьиэтигэр аҕалбыттарын көрөн, хаһан эрэ атыыга…Читать далее…
Темы: Айыы Тойон, Библия тылбааһын Института, Быладыыка Герман, Быладыыка Зосима, Евангелие, Кирилл уонна Мефодий, Литургия, Саалтыыр, Саҥа Кэс Тыл, Свято-Троицкай кафедральнай собуор, Сибэтиинньэ, Сибэтиитэл Иннокентий, Сулууспа, Суорун Омоллоон, Таҥара, Таҥара тыла.
Бу Саҥа Кэс Тылы сыаналыырга биһиэхэ маннык ыйытыылар көмөлөһүөхтэрин сөп
– Бу Саҥа Кэс Тыл тахсыыта наадалаах, туһалаах буолуо дуо? – Урукку өттүгэр сахалар Таҥараҕа үҥэллэрэ, Таҥараны итэҕэйэллэрэ дуо? – Бу Саҥа Кэс Тыл тылбаастаныыта хайдаҕый, саха киһитигэр өйдөнөр дуо? Киһини тардар дуо? – Таҥара тылын тылбаастыырга саха тыла сөптөөх эбит дуо? – Бу тылбаас саха тылын баайын ситэ туһаммыт, алдьаппатах, байыппыт диэххэ сөп дуо?…Читать далее…