Олунньу 14 күнэ.
Москваттан аэропорка киирээри моһуокка ыллара сырыттыбыт: суолга массыына элбэҕэ бэрт буолан, хаайтаран, рейспытыгар хойутаан хааллыбыт. Ол эрэн амарах санаалаах Таҥарабыт, үҥэрбитин истэн, улуу дьиктини оҥордо: сөмөлүөппүт, биһигини уон киһини күүтэн, балтараа чаас кэриҥэ хойутаан көттө!
Тель Авивка дохсун ардах кута турар. Манна биһигини Иерусалим таһынааҕы Горненскай манастыыртан кэлбит Магдалина диэн ааттаах эдэр манаах кыыс көрүстэ. Сып-сырдык сэбэрэлээх, өрүү ис-иһиттэн мичилийэ сылдьар. Уралтан төрүттээх, Эстониятааҕы Пюхтицы манастыырыттан кэлбитэ уонча сыл буолбут. Быладыыка Зосималыын олох доҕордуулар эбит. Микроавтобуспут суоппара Мурад, Вифлеемтэн сылдьар араб уола, урут Москваҕа олоро сылдьыбыт буолан нууччалыы холкутук кэпсэтэр. Оҕо сылдьан дойдутугар православнай оскуолаҕа үөрэммит.
Айаннаан истэхпитинэ сирдьиппит Магдалина бу тиийэн түһүөхтээх Горненскай манастыырбыт туһунан кэпсээтэ.
Иерусалимнааҕы Нуучча Духуобунай миссиятыгар бас бэринэр православнай манастыыр улуу пророк Иоанн Сүрэхтээччи төрөөбүт сиригэр кипарис, жасмин, oлива мас быыһыгар турар. Назарекка олорбут Айыы Тойон Ийэтэ Кыыс Мария манна аймаҕар Елисаветаҕа кэлэн, үс ый буолбут. Мантан олох чугас, хайа тэллэҕэр, Кини уу баспыт үрүйэтэ баар. Ону “Сибэтиэй Кыыс Мария үрүйэтэ” диэн ааттаабыттар.
Духуобунай миссия тойоно, археолог, учуонай, историк, архимандрит Антонин Капустин 1871 с. бу ытык сири Россияҕа анаан нуучча дьонун көмөтүнэн атыылаһан ылбыт. Онтон ыла манна Айн-Каремҥа Таҥараны дириҥник итэҕэйэр дьахталлар кэлэн олохсуйан барбыттар. Кэлин архимандрит Антонин бу сиргэ Таҥара ийэтин Казанскай иконатын аатыгар храм туттаран 1883 с. сибэтии гыннарбыт.
Биһигини манастыыр тиэргэнигэр турар аныгылыы тупсаҕай тутуулаах дьиэҕэ олохтоотулар. Бу дьиэни гректэр туппуттар. Мин Москваҕа бииргэ түспүт Валентина Степановнабын уонна кини дьүөгэтин Светлана Викторовнаны кытта биир хоско олорор буоллум. Иккиэн киэҥ-холку майгылаах, саас ортолоох номоҕон нуучча дьахталлара, архитектордар. Кэргэттэрэ сахалар үһү.
Куукуна остуолугар биһиэхэ анаан оҕуруот аһын арааһа ууруллубут. Аргыстарым Саха сириттэн туустаах балыктаах кэлбиттэр. Кэлбит дьон бары бииргэ чэйдээн баран, киэһээҥҥи сулууспаҕа бардыбыт.
Таҥара дьиэтин аанын аттыгар таһырдьа улахан көһөҥө таас турар. Иоанн Сүрэхтээччи аан маҥнай бу таас үөһэ туран, дьону Таҥараҕа эргиллэн өйдүүн-сүрэхтиин уларыйарга ыҥырбыта диэн суруктаах. Биһиги иһирдьэ киирээт, Айыы Тойон Ийэтин дьикти күүстээх Казанскай иконатыгар сүгүрүйдүбүт. Былыр 1914 с. манастыырга холера туран дьону кыдыйан барбытыгар бу икона иннигэр акафист аахпыттар, онуоха ол дьулаан ыарыы тохтоон хаалбыт.
Храм уҥа өттүгэр тоҕус уончалаах схимонахиня нөрүччү туттан олорон Таҥараҕа үҥэ олорор. Аттыгар кэлэн турбуппар төбөтүн өндөппөккө эрэ сымнаҕас куолаһынан: “Тоойуом, аатыҥ кимий?” – диэн ыйытта. Ааппын эппиппэр: “Туох кыһалҕалаах оҕоҕунуй?” – диэтэ. Мин эппиппин барытын саҥата суох болҕойон иһиттэ. Кини курдук күүстээх итэҕэллээх ыраас киһи көрдөһөрүн Таҥара хайаан да ылыныа диэн, бүк эрэнэ санаатым.
Сулууспа кэнниттэн биһигини киэһээҥҥи аһылыкка ыҥырдылар. Киэҥ саалаҕа өлгөм аһылык тардыллыбыт хас да уһун остуола турар. Быладыыка Зосиманы манна уруккуттан билэр буоланнар, сүрдээх сылаастык көрүстүлэр. Манастыыр хотуна, игуменья Георгия, биһигини Сибэтиэй сиргэ кэлбиппитинэн эҕэрдэлээн тыл эттэ. Израилы атыннык өссө “Бэһис Евангелие” диэн ааттыыллар эбит.
Киэһэ хоспутугар кэлээт, сарсын Таҥараҕа тиксэргэ бэлэмнэнэн канон аахтыбыт. Аргыстарым олус кыһаллан-мүһэллэн ис сүрэхтэриттэн үҥэллэрин көрөммүн, бэҕэһээ киэһэ Лина Николаевна: “Паломничество – это всегда подвиг”, – диэбитин өйдөөн кэллим.
Ардах сэтэриэх быһыыта биллибэт. Түннүгүнэн көрдөххө, тиэргэн иһэ бүтүннүү килэйэн хаалбыт. Дөрүн-дөрүн былыргы мастар кыычырҕаһан ылаллара иһиллэр. Хаһан эрэ бу ойуур ыллыгынан Айыы Тойоммут Ийэтэ сылдьыбыта буолуо…
Олунньу 15 күнэ.
Сарсыарда чыычаах күйгүөрүттэн уһуктан кэлбитим, күн чаҕылыччы тыкпыт. Халлаан, бэҕэһээ киэһэ курулаччы куппутун мэлдьэспит курдук, ып-ыраас, ханан да былыт баара көстүбэт.
Үлэспит кэммитигэр 7 ч. 10 м. массыынабытыгар олорон, мантан 9 км ыраах сытар Иерусалимҥа Таҥара дьиэтигэр бардыбыт. Сибэтиэй сарыысса Александра храма Нуучча Духуобунай миссиятын тиэргэнигэр турар. Литургияҕа бары Таҥараҕа тигистибит, көрдөһүү суруктарбытын биэрдибит. Мин, аҕам Афанасий уонна ытык доҕорум Димитрий тустарыгар Таҥараҕа үҥэн баран, чүмэчи туруордум. Миэхэ өрүү үтүөнү баҕарар күндү дьонум барахсан, бүгүн мин Сибэтиэй сиргэ эһиги тускутугар үҥэ турабын…
Күнүс Айыы Тойоммут Кириэһин сүкпүт тиһэх суолунан Голгофаҕа бардыбыт. Сарсыарда Таҥараҕа тиксэн баран, бу суолбутугар тута сылдьаары, бары биирдии мас кириэс атыыласпыппыт. Сытыы тыаллаах күн. Миссия дьиэтигэр эрдэхпитинэ, хос кэтэ сырыт диэн, миэхэ тэбиэн түүтэ куопта биэрбиттэрэ, онон сылаастык сырыттым. Аара уулуссаҕа уһун эрээсэлэрин бирээдьинэ быанан курдаммыт, сыгынньах атахтарыгар сандалия кэппит францисканец манаахтары көрөн, тоҥмотторун сөхтүбүт. Биһиги бары Дьокуускайтан кэтэн кэлбит ичигэс атах таҥастаахпыт.
Маҥнай Преторияҕа Антоний башнятыгар бардыбыт. Онтон Иисус Христоһу доппуруостаабыт, хаан-билик буолуор диэри илдьи таһыйбыт сирдэрин ааһан, Претория хаайыытыгар тиийдибит. Манна Айыы Тойону, Пилат суутун кэтэһиннэрэн, икки атаҕын таас хандалылаан, илиитин сыапка баайан хоннорбут кып-кыараҕас никсик камераларыгар сырыттыбыт. Бары биир-биир сөһүргэстээн киирбиппит, иһэ ол курдук кыараҕас. Онтон Быладыыка Зосима умайа турар лампаада арыытынан сүүспүтүн кириэстии сотто.
Суоруу таас кирилиэһинэн өссө аллара Варавва ороспуонньук уонна да атын буруйдаахтар сыппыт сирдэригэр түстүбүт. Сыырастаах тымныы эркини кыйа таас олбохтор көстөллөр. Хаайыылаахтар хам хараҕаламмыт сыаптара билиҥҥэ диэри ордон хаалбыттар. Былыр хаайыы иһэ ханан да уота суох ыас хараҥа буолара үһү. Санаабар, сыап кылыргыыр тыаһа, киһи ынчыктыыр саҥата иһиллэн кэлиэх курдук. Дууһаларыгар кыым да саҕа эрэл кылам гымматах дьоно сыппыт ыар тыыннаах хаайыылара.
Преторияттан тахсаммыт, эр-сэниэтэ эстибит Быыһааччы сүһүөҕүн сүтэрэн аан-маҥнай охтубут, онтон Ийэтин көрсүбүт сирин аастыбыт. Рим саллааттара ходуһаттан төннөн иһэр Симоҥҥа Айыы Тойон Кириэһин сүктэрбит сирдэринэн сибэтиэй Вероника дьиэтигэр тиийдибит. Билигин манна храм турар.
Үтүө санаалаах, хорсун Вероника Айыы Тойонун сирэйин хаанын сотон биэрбитин кэпсээбиттэригэр санаатым: оттон мин хайыам этэй, арай куорат уулуссатыгар күөх баламах буолбут сирэйдээх, илдьи кырбаммыт Айыы Тойоммутун охсо-тэбэ туралларын көрбүтүм буоллар? Кыыллара туран өһөхтөөҕүнэн көрбүт эрэттэр аны бэйэбин кырбыахтара диэн, көрө-көрө көрбөтөҕө буолуом эбитэ дуу? “Эһиги Мин бу саамай кыра бырааттарбыттан биирдэстэригэр оҥорботох үтүөҕүт – ол Миэхэ оҥорботох үтүөҕүт”.
Илиҥҥи баһаар аһын-үөлүн, араас туматын минньигэс сыта, таҥаһын-сабын дьэрэкээн өҥө, атыытын-эргиэнин айдаана-куйдаана барыта киһини бу кутурҕаннаах суолтан аралдьытан ыҥыра-маачыктыы сатыыр курдук. Сирэлиспит-бурулуспут араб оҕолоро биһигини эккирэтэ сылдьан, араас оҥоһуктары сыҥалыы-сыҥалыы харчы көрдүүллэр. Бу уулусса күннээҕи олоҕо Айыы Тойон Иисус Христос манан хаһан да Кириэһин сүгэн ааспатаҕын курдук…
Олунньу 16 күнэ.
Сарсыарда Катамон диэн сиргэ Литургияҕа бара сырыттыбыт. Манастыыр тиэргэнигэр халлаан күөҕэ өҥнөөх, дыргыл сыттаах хонуу сибэккитэ хоп-хойуутук үүммүт, онно, сайыны санатан, тойон ыҥырыа саҥата лоҥкунуур. Чыычаах чып-чыбыгырас. Былыр манна саҥа төрөөбүт Иисуһу Иерусалим Таҥаратын Дьиэтигэр аҕалбыттарыгар алгыһы кытта көтөҕөн ылбыт сибэтиэй Симеон олорбут. “Эппитиҥ курдук, билигин, Улуу Баһылык, кулуккун эйэни кытта ыытар буоллуҥ: эт харахпынан дьэ көрдөҕүм Эн бары норуоттарга анаабыт Быыһааччыгын – Таҥараны билбэт дьоҥҥо сыдьаайыахтаах сырдыккын, норуотуҥ Израиль албан аатын” диэн Таҥараны айхаллаабыт ытык кырдьаҕас. Кыра соҕус храм (былыргыта башня) иһэ лыык курдук киһи. Үксэ Украина дьоно мустубут.
Архелогтар бу сибэтиэй Симеон аатыгар тутуллубут храм анныттан кини хоруобун булбуттар. Хоруоп сир анныгар турар, онон биэс лампаада ыйаммыт түөрт атахтаах чарапчыта эрэ көстөр. Дьонун уҥуоҕа эмиэ барыта манна үһү.
Мантан биһиги автобуспутунан Елеон хайатыгар бардыбыт. Бу Айыы Тойон Иисус Христос үөрэнээччилэрин кытта элбэхтик сылдьыбыт хайата. Түүн Кини манна кэлэн, чуумпуга Аҕатыгар үҥэрэ. Халлааҥҥа барарыгар тиһэх төгүл үктэммит, атаҕын суола тааска олорон хаалбыт сирэ. Манна сарыысса Елена, киирбит дьон Айыы Тойон барбыт халлаанын көрдүннэр диэн, куупала суох улахан төгүрүк храмы туттарбыт. Ону Персия сэрииһиттэрэ урусхаллаабыттар. Билигин бу мусульманнар бас билэр сирдэригэр аҕыс муннуктаах кыра таас чочуобуна турар.
Киэһэлик Иерусалим Патриархын Феофил резиденциятыгар бардыбыт. Патриарх биһигини Сибэтиэй сиргэ кэлбиппитинэн эҕэрдэлээтэ. Гректии саҥарар, ону биһиэхэ тылбаастаан биэрэллэр. Хардарыта эҕэрдэлэһии, кэпсэтии кэнниттэн патриарх биһиги Быладыыкабытыгар панагия, оттон аҕабыыттарга кириэс бэлэхтээтэ. Оттон Быладыыка киниэхэ Саха cириттэн аҕалбыт сувенирдарын туттарда. Арахсарбытыгар патриарх хас биирдиибитигэр өйдөбүнньүк бэлэх биэртэлээтэ, барыбытын кытта бииргэ хаартыскаҕа түстэ.
Олунньу 18 күнэ.
Яффаҕа баран истэхпитинэ хойуу массыыналаах киэҥ суол хабайар хаба ортотугар массыынабыт кэлиҥҥи көлүөһэтэ тоҕо барда. Нэһиилэ трасса кытыытын буллубут. Сонно, хантан да кэлбитэ биллибэккэ “Суол суһал көмөтүн” массыыната баар буола түстэ, биир киһи ойон тахсан суоппарбытыгар көмөлөстө, онон уһаабатыбыт.
Яффа (былыргы Иоппия) Иерусалимтан 80 км ыраах сытар. Бу куораты Ной уола Иафет олохтообута диэн үһүйээн баар. Иона пророк, Ниневияҕа барымаары, эмиэ мантан Фарсиска устубут.
Биһиги манна Москва патриархата бас билэр Нуучча тиэргэнигэр сибэтиэй апостоллар Петр уонна Павел ааттарыгар тутуллубут Таҥара дьиэтигэр сырыттыбыт. Аттыгар таас аҕыраадалаах апельсин саада баар. Былыр бу сиргэ Айыы Тойон үөрэнээччитэ иистэнньэҥ Тавифа олорбут. Кини эмискэ ыалдьан өлбүтүн апостол Петр тилиннэрбит. Тавифа чугас аймахтарын кытта хараллан сытар таас гробницатын киирэн көрдүбүт.
Яффа уулуссатынан айаннаан истэхпитинэ Лина Николаевна миэхэ Дьокуускайы холбоон биэрдэ. Оҕом Каайа саҥата олох бу турар. Саамай үөрбүтүм – ийэм үтүө буолбут. Санныбыттан бу күннэри быһа сүгэ сылдьыбыт ыарахан таһаҕаһым түстэ. Оҕобуттан быраатым бултаабыт эһэтин сыатын түргэнник Преображенскай собуор трапезнайыгар илдьэн биэрэригэр көрдөстүм. Ону манна Бет-Джалаҕа ойоҕостотон улаханнык ыалдьа сытар а. Феофаҥҥа тиксэриэхтээхтэр.
Айаннаан иһэн көрдөхпүнэ аара хайа үрдэ бүтүннүү виноград эбит. Саалтыыры тылбаастыырбар хайалар виноград күлүгэр хайдах саһалларын дьиктиргии саныыр этим. Кыыл-сүөл алдьаппатын диэн, винограднигы тула тааһы үрүт үрдүгэр уурталаан аҕыраада туппуттар.
Сирдьиппит Магдалина этэринэн, Израиль кыһын эрэ, ардах кэмигэр, чэлгийэ көҕөрөр эбит. Оттон сайын бу бэйэлээх күөх мэччирэҥ күн уотугар куура хатан, хагдарыйан хаалар үһү.
Олунньу 19 күнэ.
Манастыыр. Сарсыарда көрбүппүт, жасмин, олива, лавр мастар, иһиттээх сибэккилэр бары үрүҥ куруһубанан бүрүллүбүттэр. Хаар түспүт! Урут Саҥа Кэс Тыл тылбааһыгар үлэлии сылдьан, семинарга лекцияҕа истэр буоларым: Израильга кыһыны быһа ардах түһэр, хаар бэрт дэҥҥэ эрэ Иерусалимҥа түһүөн сөп диэн. Үнүр Бет-Джалаҕа православнай араб ыалыгар ыалдьыттаабыппытыгар аҕалара Дауд, тутуу тойоно, манна хаар түстэҕинэ үлэ нэдиэлэ кэриҥэ тохтуур, суолга эрэй бөҕө буолар диэбитэ. Онон олохтоохтору эрдэттэн сэрэппиттэр.
Тиэргэн иһинээҕи сыырдара халтархайа бэрт буолан, сарсыардааҥҥы аһылыкка бэрт эрэйинэн бара сырыттыбыт. Маннык халтарааҥҥа ыраах үөһэ келиялаах кырдьаҕас манаах эмээхситтэр үс чааһынан түһэр түбэлтэлэрэ эмиэ баар үһү.
Суол төһө да кутталламмытын иһин, эбиэт кэннэ Иерихоннаатыбыт. Айаннаан истэхпит аайы сайыҥҥы тыына улам биллэн барда. Аара тэбиэннээх бедуиннар көстөллөрө элбээтэ.
Чаҕылхай күннээх, сылаас салгыннаах пальма куората Иерихон Иерусалимтан 37 км ыраах сытар. Иерихон – Иисус Навин кыайыы-хотуу көтөллөнөн киирбит маҥнайгы куората. Манна аатырбыт пророктар Илиялаах Елисей элбэхтик сылдьыбыттар, оттон Айыы Тойоммут Иисус Христос хараҕа суох Вартимейы үтүөрдүбүт уонна Закхей дьиэтигэр ыалдьыттаабыт.
Быладыыка Зосима урут Иерихоҥҥа олорбут, сулууспалаабыт буолан, биһигини Нуучча Духуобунай миссията бас билэр учаастагар олох дьиэтигэр курдук аҕалла. Манна былыргы храмҥа сулууспалыыр иеромонах Иннокентий барыбытын, маҥнайгы христианнар бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөрүнүү, үөрүүлээхтик көрүстэ, маанылаата. Икки мэндиэмэннээх сүүнэ таас дьиэҕэ олохпутун булуннубут. Түннүгүнэн пальмалар көстөллөр. Сайын Иерихоҥҥа 60 кыраадыс итии буолар эбит. Бииргэм уу иһэ, төбөҕүн уунан илитинэ сылдьыаххын наада үһү. Манна олус чуумпу буолуо эбит да, чугас турар мечеттэн сотору-сотору муэдзин ыллыыра иһиллэр.
Чэйдээн баран, Быладыыканы кытта гректэр храмнарыгар тиийэ сырыттыбыт. Аара Закхей Иисуһу көрөөрү ыттыбыт маһын көрдүбүт. Айыы Тойон кими да кыраҕын-хараҕын диэбэт, Кини кыраны өссө ордук бэлиэтии көрөр. Маныыһыт ыарахан үлэтин эдэр оҕо сааһыттан билбит, кэлин Израиль улуу ыраахтааҕыта буолбут Давид псаломугар “Ким мин туспунан Айыы Тойоҥҥо этиэ этэй? Айыы Тойон Бэйэтэ миигин истибитэ” диэн тыллар бааллар.
Бу аныгылыы көстүүлээх гынан баран нам-нум олохтоох кыра куоракка туристар олох аҕыйахтар эбит. Мас ыскамыайкаларга сэһэргэһэ олорор оҕонньоттор биһигини кытта тоҥхох гынан эйэҕэстик дорооболоһоллор.
Киэһээҥҥи сулууспа кэнниттэн бары хоспутугар сарсыардааҥҥы Литургияҕа Таҥараҕа тиксэрдии бэлэмнэннибит.
Олунньу 21 күнэ.
Тиверия. Мария Магдалина төрөөбүт сэлиэнньэтэ Магдала мантан олох чугас. Кытылга үүммүт пальма хойуу лабаатын быыһынан көрдөхпүнэ Геннисарекка тыылаах балыксыт илимнии сылдьар. Хаһан эрэ Айыы Тойон үөрэнээччилэрэ эмиэ ситигирдик сырыттахтара.
Мин харахха эмтээх диир сып-сылаас уулаах үрүйэлэригэр баран сууннум, оттон Людмила Сергеевна радоннаах көлүйэҕэ сөтүөлээтэ. Ойуур иһигэр кылыгырыы сүүрдэр ып-ыраас уулаах үрүйэ аттыгар тааска олорон, мин дуоһуйуохпар диэри өөр-өр чуумпуну иһиллээтим.
Кытылга таас кирилиэскэ турдахпытына Быладыыка: “Ол муора уутун өйдөөн көрүҥ эрэ, Айыы Тойон туораабыт суола оол көстө сытар. Ити сииги Айыы Тойон суола диэн ааттыыллар”, – диэбитэ. Онно көрдөхпүнэ, муора устун туох эрэ сырдык тыргыллаҕас барара, кырдьык, ыллыгы санатара.
Сып-сап чэйдээт, 8 ч. саҕана Үөһээ Галилеяҕа Назарекка бардыбыт. Айаннаан истэхпитинэ сирдьиппит Магдалина ыраах иннибитигэр хайа үөһэ турар куораты ыйбыта: “Ити Цфат куорат. Айыы Тойон, Цфаты көрөн туран, хайа үрдүгэр турар куорат кыайан саспатын туһунан домоҕу кэпсээбит. Билигин ити художниктар уонна каббалистар куораттара”.
Онтон Иисус Христос кыра оҕо сааһыттан 30-гар диэри олорбут Назарет куоратыгар сырыттыбыт. Билигин манна үксэ арабтар олороллор. Еврейдэр үөһээҥҥи кыбаарталга бааллар үһү. Уулусаҕа киһи олох аҕыйах. Суол кытыытыгар уонча миэтэрэ үрдүктээх фикус мас турарын соһуйа көрдүм. Саха сиригэр ийэбэр баар фикус Израильга маннык сириэдийэ үүнэр эбит. Айыы Тойон сылдьыбыт уулуссаларынан Кини дьиэтэ турбут сиригэр тиийэ сырыттыбыт. Манна Иерусалим диакона Конон, Иисус Христос уруута, 249 с. Таҥара дьиэтин туттарбыт. Онно Иосиф дьиэтигэр сыһыары тутуллубут мастарыскыайы көрдүбүт. Ити өстүөкүлэ анныгар көстөр таас мастарыскыай иһигэр Айыы Тойон кыра Оҕо сылдьан Иосифка көмөлөһөн илии-атах буолбут.
Айыы Тойон Ийэтин холуодьаһыгар кэлэн, уу сомсон истибит. Сибэтиэй Архангел Гавриил Кинини аан маҥнай манна уу баһа сырыттаҕына эҕэрдэлээбит. Онтон Кыыс Мария дьиэтигэр киирбитин кэннэ иккиһин көстөн, Киниэхэ Таҥара Үөрүүлээх Илдьитин иһитиннэрбит.
Назарет баһаарын аттынан ааһан иһэн, биир намчы бэйэлээх эдэркээн ийэ кыракый уол оҕону көтөҕөн турарын көрдүм. Уһун бүтэй таҥастаах, төбөтүгэр саал былааттаах. Кэргэнэ үлэтигэр бартын кэннэ, ас атыылаһа кэлбит быһыылаах. Оҕото, илиитин эймэҥнэтэ-эймэҥнэтэ, туох эрэ диэн саҥаран быычыгырыыр. Хаһан эрэ манна Кыыс Мария Иисуһу эмиэ ити курдук көтөҕө сырыттаҕа.
Тиверияҕа, аттанар аһылыкпытыгар, барыбытыгар биирдии бөдөҥ баҕайы ыһаарыламмыт балыгы ууран биэрдилэр. Эмиһин, амтана минньигэһин! Мэктиэтигэр уҥуоҕа суох курдук. Быладыыка: “Бу сибэтиэй Петр балыга, Saint Peter’s fish диэн ааттыыллар”, – диэтэ. Апостол Петр, балык айаҕыттан нолуок төлүүр манньыатын булан ылаары, Айыы Тойон сүбэтинэн хаптарбыт балыга маннык эбит.
Олунньу 23 күнэ.
Вифанияҕа кэлэммит (Иерусалимтан 3 км ыраах сытар), Айыы Тойоммут таптыыр доҕорун Лазары тилиннэрбит гробницатыгар сырыттыбыт. Сүүрбэ түөрт үктэллээх синньигэс кирилиэһинэн кыараҕас таас ииҥҥэ киирэ сырыттыбыт. Лазарь, Айыы Тойон ыҥырбытыгар тиллэн баран, саабаҥҥа сууламмытынан хараҥаҕа өр да хааман тахсыбыт эбит. Баҕар, онно дьикти сырдык сыдьаайан, суолун сырдаппыта буолуо.
Быладыыка тыл көтөҕөн, бары таас иин иһигэр туран ырыа ыллаатыбыт. Үөһэ Магдалина: “Манна тахсан ыллааҥ, уочараты тутумаҥ”, – диир ыксаабыт саҥата иһиллибитэ. Быладыыка сүр холкутук: “Суох, ыллаан баран биирдэ тахсыахпыт, ыллаабатахпытына кэлин тиллиэхпит суоҕа дии”, – диэн хардарбыта. Тахсыбыппытыгар кыараҕас кирилиэскэ мустан турар омук дьоно истиэнэҕэ ыга сыстан, силэллэн биэрбиттэрэ. Ким да дьэбин уоһуйбут сирэйэ суоҕа, бары биһиэхэ мичээрдии тураллара.
Олунньу 24 күнэ.
Израильга бүтэһик түүммүтүгэр Айыы Тойон тиллибит Хоруобун Храмыгар Таҥараҕа тигистибит. Литургияҕа Быладыыка Зосима сахалыы тылынан барыбытыгар или-эйэни баҕарда. Кувуклияттан чугас турар буоламмын, сулууспаны барытын чуолкайдык көрдүм: биһиги дьоммут, протоиерей Сергий Богачев, иерей Сергий Клинцов, иеродиакон Мелетий, гректэри кытта бииргэ тураллар. Үөрүүлэриттэн сирэйдэрэ-харахтара сып-сырдык.
Таҥара дьиэтэ толору киһи. Сир бары муннугуттан Таҥараҕа махтана, үҥэ-сүктэ кэлбит араас омук дьоно ыга симсэн турабыт. Айыы Тойон сиргэ баар кэмигэр Кинини эмиэ субу курдук элбэх киһи батыһа сырыттаҕа. Ол да буоллар, дьоммун син булан көрдүм: Валентиналаах Светлана олох чугас тураллар эбит, миигин көрөн, мичээрдэһэ түстүлэр, арыый тэйиччи долгуйбут сирэйдээх Олег көстөр.
Манастыырга сарсыардааҥҥы аһылык кэнниттэн бары Таҥара дьиэтигэр муһуннубут. Манна манастыыр олохтоохторо биһиэхэ өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаан баран, “Иерусалимныын бырастыылаһыы” диэн ырыаны ыллаатылар. Биһиги, уон хонукка сылаас ытыс үөһэ сылдьыбыт дьон, кинилэргэ ис сүрэхпититтэн махтанныбыт.
Баҕар, хаһан эрэ манна үҥэ-сүктэ кэлбит биир эмэ саха киһитэ көрөн үөрүө дии санааммын, манастыыр библиотекатыгар сахалыы Саҥа Кэс Тылы уонна “Алта псалом” кинигэни бэлэхтээтим.
Саргылаана (Саломия) ЛЕОНТЬЕВА
Бу епископ Зосима Израильга тиһэх сырыыта эбит. Ааҕарга олус интэриэһинэй. Кини ийэбэр, харчыта суоҕун көрөн, бэйэтэ сувенир ылан биэрбит этэ, миэхэ эмиэ чааскы ыыппыта. Олус махтана саныыбын…
Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал, Карина!