– Бу Саҥа Кэс Тыл тахсыыта наадалаах, туһалаах буолуо дуо?
– Урукку өттүгэр сахалар Таҥараҕа үҥэллэрэ, Таҥараны итэҕэйэллэрэ дуо?
– Бу Саҥа Кэс Тыл тылбаастаныыта хайдаҕый, саха киһитигэр өйдөнөр дуо?
Киһини тардар дуо?
– Таҥара тылын тылбаастыырга саха тыла сөптөөх эбит дуо?
– Бу тылбаас саха тылын баайын ситэ туһаммыт, алдьаппатах, байыппыт диэххэ сөп
дуо?
– Таҥара Үөрэҕин биһиги саха дьоно толоруохпутун сөп эбит дуу, биһиэхэ төрүт кыаллыа суох дуу?
– Хайдах гынан дьоҥҥо, оҕолорго Таҥара Үөрэҕин тиэрдиэххэ сөбүй?
– Таҥара дьиэлэрин үксэтэр, тутар наада буолуо дуо?
– Былыр Таҥара Үөрэҕин “Закон Божий” диэн ааттаан оскуолаҕа үөрэтэллэрэ.
–Билигин оннугу ханна эмэ киллэриэххэ сөп дуо?
–Таҥара Үөрэҕин тарҕатыыга, үөрэтиигэ сахалартан бэйэбититтэн аҕабыыттар баар
буолуохтарын сөп дуо? Ону хайдах бэлэмниэххэ сөбүй?
– Бу сахалыы тахсыбыт Сибэтиэй Евангелиены хайдах гынан дьон ортотугар
киэҥник тарҕатыахха сөбүй? Хас тэрилтэ, оскуола бэйэтин библиотекатыгар маннык кинигэни булунара кыаллыа дуо?
– Ханнык да үөрэххэ, сиэри-туому тутуһууга оҕону олох кыра эрдэҕиттэн, быһатын
эттэххэ, оҕо тэллэххэ туора сытарын саҕаттан иитэр ордуга биллэр. Ону ийэттэн-аҕаттан ордук ким толоруон сөбүй? Кинилэр бэйэлэрин оҕолорун бэйэлэрэ ииттэхтэринэ эрэ, оҕолоро үтүө билиилээх-көрүүлээх, үчүгэй майгыннаах буолаллара чахчы. Онон оҕону ийэтэ иитэригэр улахан суолтаны биэрэн, онуоха усулуобуйа, көмө оҥоруохха наада дуо?
– Таҥара Кэс Тылын бар дьоммутугар актыыбынайдык турунан тиэртэхпитинэ –
аньыыны-хараны, буруйу-сэмэни аҕыйаттахпытына, майгыбыт-сигилибит уруккулуу сытыары-сымнаҕас буоллаҕына, өлөрсүү-сүтэрсии, өстөһүү-сойуолаһыы, иҥсэрии-оботуйуу аҕыйаан, эйэлээх-эккэлээх олоххо кэллэхпитинэ, үчүгэй ааппыт үксээтэҕинэ, дьон-норуот буолан бу буор дойдуга даҕаны дьолго тиксэн олоруохпутун сөптөөх этэ диэн эрэнэ саныыгыт дуо?
Мантан да, атын өттүттэн да көрөн, бу Кэс Тыл кэскилин хайдах
ыараҥнатыаххытын бэйэҕит билиэххит буоллаҕа. Бу тахсыбыт Кинигэ ыал аайы барытыгар баар буолара туох да мэһэйэ, куһаҕана суох буолара чахчы.
Барыгытыгар Айыы Тойон Таҥара көмөлөстүн!
Суорун Омоллоон
2005 с., кулун тутар ый.
Воскресенскай