Күндү кылаат

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , .

Кирилл уонна Мефодий сибэтиэйдэр күннэригэр Нуучча Драмтеатрыгар буолбут кэнсиэркэ артыыс Саҥа Кэс Тылтан быһа тардыыны (Иисус Христос хайа үрдүгэр олорон үөрэппитин) ааҕарын истибитим. Ону истэн мин олус диэн долгуйбутум. Таҥара тыла дууһабар дириҥник өтөн киирэн, сүрэхпэр дуораһыйбыта. Онтон ыла мин ол Кинигэни ааҕыахпын баҕарар буолбутум. Күндү Кинигэлээх таһаҕаһы Таҥара дьиэтигэр аҕалбыттарын көрөн,  хаһан эрэ атыыга таһаараллар диэн кэтэспитим. Сүрэҕим туох эрэ миэхэ наһаа чугас, күндү кэлиэхтээҕин сэрэйэрэ.

Ардыгар сахалыы тылбаастаммыт кинигэлэр дэбигис өйдөммөт буолааччылар. Ол эрээри мин Таҥара тылын саҥа тылбааһа бэрт чэпчэкитик өйдөнүө диэн эрэнэ саныырым. Онтум кырдьык да оннук буолбута. Кэтэһиилээх күнүм тиийэн кэлбитэ, били баҕарбыт күндү Кинигэбин миэхэ бэлэх туттарбыттара. Онно үөрбүппүөн!.. Тутан турар Кинигэм сып-сылааһынан илгийэр курдуга. Арыйан ааҕан барбытым. Оо, Айыы Тойонуом, Эн миигин кытта кэпсэтэҕин! Таҥара тыла хайдах эрэ дьикти минньигэстик, дууһабын сырдатардыы, сүрэхпэр-быарбар сайан киирбитэ. Ааҕа олордохпуна хараҕым уута сүүрэрэ, үөрүүбүттэн сүрэҕим нүөлүйэн ылара. Санаабар, бүтүн бэйэм Таҥараҕа аһыллар курдугум…

Бу Кинигэ киһиэхэ өйдөнөр гына тылбаастаммыт диэн этэр кыра. Өйдөнөр эрэ буолбатах, ону ааһан, хайдах буолуохтааҕын курдук, хас биирдии тыла барыта орун-оннугар, лоп-бааччы. Онно ааҕа олорон мин өйдөөбүтүм: 1859 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куорат Свято-Троицкай Кафедральнай Собуоругар улахан да үөрүү буолбут эбит! Сибэтиитэл Иннокентий ол күн Таҥара сулууспатын аан маҥнай сахалыы тылынан ыыппыт. Оччотооҕу саха дьонугар төрөөбүт тыллара төһө эрэ сылаастык, истиҥник иһилиннэ буолла!

Билигин мин бу Саҥа Кэс Тылы хас күн аайы ааҕабын. Онтум миэхэ үгэс буолла. Ааҕыам иннинэ, бастаан чугас дьонум туһугар үҥэбин. Таҥарабыт илгэлээх үтүө көмөтүнэн аймахтарым итэҕэлгэ улам чугаһаан эрэллэр. Урут нууччалыы Евангелиены кыайан аахпаппыт диир дьон билигин бу Кинигэни төрөөбүт тылларынан ааҕаллар, кэбэҕэстик өйдөнөр диэн үөрэллэр. Таҥара тыла сүрэхтэригэр-быардарыгар өтөн киирэн өйдөрүн-санааларын сырдатар, үтүө өттүгэр уларытар. Айыы Тойон муҥура биллибэт улуу таптала сүрэхпитин сылытан, биһиги бэйэбит эмиэ аймах-билэ дьоммут, хаан-уруу норуоппут туһугар үҥэбит. Бу Саҥа Кэс Тыл саха норуотугар Таҥара быыһабыллаах суолун арыйыа диэн мин бигэ эрэллээхпин.

Саломия Леонтьева

 

Айыы Тойон Таҥара Бэйэтинэн салайан бүтүн норуот быыһанар суолун бэлэмнээбитин иһин мин Киниэхэ хайдах да махтаныахпын билбэппин. Саҥа Кэс Тыл тылбааһыгар үлэлээбит, көмөлөспүт дьоҥҥо бука барыларыгар, редактордарга, бэчээттээн таһаарааччыларга, Библия тылбааһын Институтугар уонна күндү Быладыыкабытыгар Гермаҥҥа бары сүбэтин-аматын, өйөбүлүн иһин дириҥ махталбын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин, кинилэргэ сүгүрүйэбин. Айыы Таҥара кинилэри быыһыахтын!

Өссө манныгы этиэхпин баҕарабын. Биһиги бары билэр, ытыктыыр киһибит Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон, уус-уран тыл биллиилээх маастара, олоҕун бүтэһик кэмин Таҥараҕа толору анаан, Саҥа Кэс Тыл тылбааһыгар үлэлээбит. Сыратын биэрэн, үлэтин тиһэҕэр тиэрдэн, ытык иэһин толорон баран, Таҥараҕа аттаммыт. Мантан көстөр Таҥара таптала, Кини тугу барытын салайар үрдүк муудараһа. Дмитрий Кононович олоҕун тиһэх кэмин Таҥара тылынан олорбут. Кырдьык да, Айыы Тойон эрэллээх киһитин дууһатын Киниэхэ саамай чугаһаабыт кэмигэр ылбыт эбит! Дмитрий Кононович бу сиртэн барыан иннинэ, аньыытын барытын этинэн, Таҥараҕа тиксибит, бэл диэтэр, собуордаппыт. Онон ыраас дууһалаах айаннаабыт. Тиһэх күнүгэр, барара чугаһаабытын билэ сытан, биир санаалаах чугас киһититтэн Саргылаанаттан: “Мин туспар Саалтыырда ааҕаар, көмөлөһүөҕэ”, – диэн көрдөспүт.

Мин Суорун Омоллоону чугастык билбэт этим эрээри, православнай киһи сиэринэн махтанан, кинини кытта бырастыылаһыы сулууспатыгар сылдьыбытым. Быладыыка Зосима Литургияны бэйэтэ ыыппыта. Сулууспа олус күүстээхтик барбыта, Таҥара күүһэ дьайара биллэр этэ. Кэлбит дьон хоруопка биир-биир чугаһаан, ытык киһибитин сүүһүттэн уураан ылаллара. Мин эмиэ уураан баран, хайдах эрэ бэйэм да өйдөөбөккө, сибэтиинньэҕэ, сибэтиэйдэргэ сыстан ылардыы, сүүһүгэр саба ууруллубут венчигэр сүүспүн сыһыары тутан ылбытым. Сонно киниттэн Таҥара илгэлээх күүһэ тахсарын билбитим. Онон Дмитрий Кононович үлэтин Таҥара ылыммытын, кини дууһата ханнык да ыарыы-сүтүү, ытабыл-соҥобул суох сиригэр тиийбитин бигэтик итэҕэйбитим. Айыы Таҥаратын аттыгар сылдьан таптыыр норуотун туһугар үҥэрэ-көрдөһөрө өссө ордук күүстээх буолуо диэн эрэнэ саныыбын.

Бу Саҥа Кэс Тыл тахсарын туһугар үлэлээбит дьон хаан-уруу норуоттарыгар хайдахтаах күндү кылааты киллэрбиттэрин биһиги өссө ситэ-хото өйдүү, сыаналыы иликпит. Ол эрэн бу кылаат дьайыыта бэрт сотору биллэн-көстөн барыа диэн итэҕэйэбин.

Валентина РОМАНОВА,
Дьокуускай

2 комментария

  1. Очень искреннее и трогательное повествование о глубоком подлинном переживании встречи со Словом Божьим на якутском языке.
    Родная речь для любого человека — это не просто функциональная система коммуникации. Для звуков родной речи человек распахивает сердце, в нем начинает отзываться и оживать вся память предков, все прошлые и будущие события. Автор рассказывает о том, с каким трепетом и волнением она открыла для себя Евангелие на якутском языке, чем обернулась для нее эта долгожданная встреча. Спасибо за то, что поделились этим опытом и заставили задуматься о ценности, точнее бесценности таких трудов, как перевод и распространенин Божьего слова, приносящего мир в седца.

  2. Благодарим Вас, Наталья, за добрые слова. Будем рады, если и Вы поделитесь своими впечатлениями или переживаниями с читателями «Логоса». Пишите нам!

Комментарии не допускаются.