Килбиэннээх үлэтинэн төрөөбүт Сахатын сирин аатырдыбыт норуодунай учуутал Михаил Андреевич Алексеев сырдык аатын билбэт саха киһитэ, бука, суоҕа буолуо. Ким барыта истибит, аахпыт буолуохтаах кини хайдахтаах курдук уустук, чаҕылхай олоҕу олорон ааспытын. Кыра оҕо эрдэҕиттэн тулаайах буолуу кыһалҕатын билиитэ, сэриигэ сылдьан өйүн сүтэрэн билиэн түбэһиитэ, фашистар концлагердарын бары алдьархайын ааһыыта, аны онтон куотан баран бэйэтин дьонуттан өссө ордук ыарахан сору көрөн хаайыыга олоруута кими баҕарар долгутар. Кырдьык хайаан да кыайарыгар бигэ эрэллээх, дириҥ өйдөөх-санаалаах Михаил Андреевич сырдыкка, үрдүккэ эрэлин, дьулуурун хаһан да мөлтөппөтөҕө. Кини, ыра санаатын толорон, айымньылаах үлэ бары ымпыгын-чымпыгын билбитэ. Михаил Андреевич үөрэппит оҕолоро киин вузтарга киириигэ Советскай Союз үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлээхтэрэ. Талааннаах педагог ССРС народнай учууталын, РСФСР, САССР үтүөлээх учууталларын аатын ылбыта, А.Е.Кулаковскай аатынан госпремия лауреата буолбута. Олоҕун тиһэх сылларыгар кини умсугуйан туран Библияны ааҕара, Таҥара тыла сахалыы тылбаастанарыттан үөрэрэ. Чугас быраата, элбэх сыл Саха сирин спордун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Алексеев Афанасий Егорович, этэринэн, Михаил Андреевич өлөөрү сытан бииртэн хомойоро үһү: оскуолаҕа Таҥара үөрэҕин киллэриини, ыалдьан хаалан, туруорсубатым диэн. Бу ыстатыйа – кини олоҕун тиһэх сылларыгар сахатын норуотугар суруйан хаалларбыт кэриэс-хомуруос тыла.
Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА,
М.А. Алексеев сиэн балта
Библия диэн Таҥара үөрэҕин аан дойду бары сайдыылаах цивилизованнай норуоттара киһи аймах олоҕун акылаатынан ааҕаллар. «Киһи аймах дууһата амараҕын, аһынымтыатын улуу Таҥара киһиэхэ эрэ анаан айбыта» диэн Библия үөрэтэр. Арай «религия – киһи өйүн иирдэр үөрэх» диэн Карл Маркс теориятынан үйэ аҥаарын устата урукку Советскай Союзка аҥардастыы баһылаан олорбут Коммунистическай партия итэҕэли буорга-сыыска тэпсибитэ, ыган-хаайан, үөҕэн-ыыстаан, биһиги дойдубут норуоттарын итэҕэлтэн тэйиппитэ. Аан дойду бары атын норуоттара «киһини киһилии сиэрдээбит-майгылаабыт Таҥара үөрэҕэ – Библия» диэн халбаҥнаабат итэҕэллээхтэр уонна олохторун барытын ол үөрэҕинэн салайтараллар.
Кырдьык даҕаны, Библияны ааҕан баран, эргиллэн көрүөҕүҥ эрэ – онно киһи дууһата сөбүлээбэтэ туох эмэ баар дуо? Биир тылынан, суох! Хата, Библияны ааҕан баран, тоҕо эрэ булгуччу бэйэҕин эргиллэн көрүнүөх санааҥ кэлэр уонна бэйэҕэр ыйытык туруорунаҕын: «Хайа, бэйэм Айыы Тойон Таҥарам барахсаҥҥа аньыыны оҥоро сылдьарым буолаарай?» – диэн.
Библия диэн киһини сиэрдээбит-майгылаабыт Улуу Таҥара үөрэҕэ. Библияттан биһиги тугу булабытый? Эн көнө, көрсүө сиэрдээх-майгылаах буол; кырдьаҕастарга, кыамматтарга көмөлөһөр үтүө санааны олоҕуҥ аргыһа оҥоһун. Дьоҥҥо куһаҕаны оҥорортон аньыыргыыр буол; олоххор ыараханы көрүстэххинэ, «Таҥарам барахсан миигин аһыныа, өлөртөн-сүтэртэн өрүһүйүө» диэн, эрэлгин сүтэримэ; куруук үчүгэйгэ дьулус; ыараххаттары көрүстэххинэ, ону айдаана суох, уолуйбакка, тулуйарга үөрэн, хаһан даҕаны дьоҥҥо өһү-сааһы үөскэтимэ, дьоҥҥо эрэллээх доҕор буол! Дьэ, Библияттан итинник киһи дууһатын иһинэн сылаастык ааһар үтүө сүбэлэри булабыт.
Билигин саха норуота кэм үөрэххэ тииһинэн, олох ыарахаттарын тулуйа сатыыр. Оттон былыр сахалар хайдах ыарахан олоҕу олорон аастылар этэй! Саха норуота ол ыарахаттары хайдах тулуйан баччаҕа дылы тиийдэ? Ити боппуруоска аҕыйах тылынан бу курдук эппиэттиэххэ сөп: ону норуот тулуйбута – кини улуу Таҥараҕа итэҕэлэ-эрэлэ күүстээх буолан диэн. Биһигини Таҥарабыт барахсан көрүө, аһыныа, өруһүйүө диэн эрэлэ күүстээх буолан.
Итэҕэлэ буорга-сыыска тэпсиллибит дойдунан аан дойду үрдүнэн киһи аймах остуоруйатыгар соҕотох Советскай Союз эрэ буолбута. Норуоту итэҕэлтэн тэйитии биһиги дойдубутун алдьархайга аҕалбыта. Дьон туохтан да сааппат, аньыырҕаабат буолбута, күлүгээннэр үксээннэр, дьон чуумпу, эйэлээх олохторун аймаатылар. Улааппыт оҕолор кырдьыбыт төрөппүттэрин абааһы көрөн, инбэлиит дьиэтигэр соһуулара, кыргыттарбыт, ийэ буолумаары, үөскүүр оҕолорун, күн сирин көрдөрбөккө, суох гыныылара, аньыырҕаабакка, үүнэн турар айылҕаны буортулааһын, арыгылыы-арыгылыы, киһи кэмэлдьтин сүтэрээһин, онтон да атын киһи кэлэйэр кэмэлдьилэрэ тахса туруута – барыта итэҕэли сүтэрии иэдээннэрэ.
Дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа оҕолору иитиигэ итэҕэл курдук улуу күүһү туһаммат буолбуттара үйэ аҥаарыттан орто. Хата ол оннугар, Таҥара суоҕун туһунан идеяны кичэйэн туран оҕо өйүгэр иҥэрэ сатыыллар. Оннук иитии оҕолорбутун туохтан да сааппат-кыбыстыбат, аньыырҕаабат оҥордо. Дьон сылдьар сиригэр сааттаах быһыылары оҥоруу элбээһинэ, дьону халааһын, атаҕастааһын, албын-түөкүн элбээһинэ – ити барыта итэҕэли сүтэрии иэдээннэрэ.
Былыргы кыһалҕалаах олохтоох сахалар оҕолорун Таҥараны итэҕэйэргэ хайдах курдук наҕыллык-холкутук, тиһигин быспакка, туох даҕаны ыгыыта-ыххайыыта суох иитэр этилэрий! Тоойуом, кырдьаҕас эбэҕэр көмөлөһөргүн умнума, чыычаахтар барахсаттары тамнаама; ынах бэйэтин көмүскэнэр тыла суох, кинини охсума – аньыы буолуо; кыра оҕону ытатыма; дьоҥҥо куһаҕаны оҥорума – ол бэйэҕэр эргиллиэн сөп; онтон да атын оҕо дууһатын иһинэн сылаастык ааһар сүбэлэри. Былыргы сахалар оҕону сыыйа-баайа итэҕэлгэ иитиилэрин түмүгэр, бүтүн саха норуота кэпсэлгэ киирбит көнө-көрсүө сиэрдээх-майгылаах.
Итэҕэл диэн киһи-аймаҕы сиэрдээбит улуу күүс буолар. Итэҕэли сүтэрии дойдуну хайдахтаах алдьархайга тиэртэ! Ол алдьархайы дьэ өйдөөн, билигин биһиги дойдубутугар собуордары, храмнары, Таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэн, Таҥара үөрэҕин норуокка тарҕатан эрэллэр. Бүтүн Россия радиотынан нэдиэлэ аайы религияны итэҕэйии туһунан кэпсииллэр. Итини, итэҕэл туһунан дьиҥнээх революция буолбутун курдук өйдүөххэ сөп. Ол революция арай биһиэхэ саха норуотугар баара тоҕо эрэ биллибэт, уу чуумпу. Религия курдук киһи-аймаҕы иитэр күүстэн туһаммаппыт хомолтолоох эрэ буолбатах, ону ааһан, сааттаах. Англичаннар, французтар, итальянецтар, японецтар, китаецтар уо.д.а. сайдыы өттүнэн биһигиттэн сахалартан хаалбыт буолан, былыр-былыргыттан олохторун фундаменынан Таҥараны итэҕэйиини ааҕаллар үһү дуо?
Хата биһиги, сахалар, билиҥҥи турукпутунан киһи-аймах сайдыбыт остуоруйатын кирилиэһин бастакы үктэлиттэн үөһээ тахса иликпит.
Былыргы саха ыала оҕолорун хайдах курдук быыстала суох Таҥараны итэҕэйэргэ иитэр этилэрий! Ону оҕо кэрэ музыканы истэр курдук истэрэ. Ким истибэтэҕэй былыргы саха ыалыгар ыалдьыттаабыт дьонтон, ийэлэр оҕолорун хайдах курдук итэҕэлгэ үөрэтэллэрин-иитэллэрин? Ол оҕо дууһатыгар кэрэ ырыа курдук тиийэрэ.
Республика билиҥҥи салалтата, саха интеллигенцията ааспыт олох алдьархайдаах алҕастарын өйдүөхтэрэ уонна, хойутаабакка, религия курдук киһини иитэр улуу күүскэ саха норуотун сыһыарар туһугар, дириҥ ис хоһоонноох, өйдөөх үлэни саҕалыахтара диэн эрэнэбин.
Бүлүү.
Кылгатыллан бэчээттэнэр
Таайбыт Михаил Андреевич ийэм Саргылаана Библиятын эдьиийбиттэн Идаттан көрдөөн ылбыт этэ. Ону ааҕан баран суруйбут ыстатыйата.
Махтал, Карина!