Кини ис-иһиттэн аһыллан, дьикти кэрэ куолаһынан Айыы Таҥара тапталын туойа турарын истибит киһи ол ураты ырыаны хаһан да умнуо суоҕа. Дьиҥ талаан дьону дириҥник долгутар, умсугутар күүстээх.
Августина Семеновна Трифонова Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ыал бастакы оҕото, тоҕус бииргэ төрөөбүт бырааттарын-балыстарын көрөн, кыра сааһыттан үлэҕэ үөрүйэх, кыһамньылаах, сытыы-хотуу буола улааппыта.
Силиһэ суох мас үүммэт. Ийэтин өттүнэн Августина ырыаһыт, тойуксут дьон удьуора, онон ыллыырын бэрт кыра сааһыттан сөбүлүүрэ, кэлин өссө тылын-өһүн бэйэтэ айан туойар буолбута. Олус сэмэй уонна солото да суоҕа бэрт буолан, кини киэҥ эйгэҕэ тахса илик, хата ол оннугар, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьан төһө баҕарар ыллыан-туойуон, хомуска оонньоон дьүрүһүтүөн сөп. Оттон хоһоон суруйарга аан бастаан бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан холонон көрбүт. Бука, онно аҕатын чугас быраата, поэт, драматург Иван Алексеев, бэйэтэ да билбэтинэн, сабыдыаллаабыт буолуохтаах. Кыысчаан бастакы хоһоонун Күүкэй чээл күөҕэр көччүйэ сылдьан күөрэгэй ырыатын сөҕөн-махтайан суруйбут.
Кутана орто оскуолатын бүтэрэн баран, Августина Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэммитэ. Студенныыр кэмигэр спорт саанан ытар көрүҥүнэн дьулуурдаахтык дьарыктанан, уобалас сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсибитэ. Онтон 1979 с. эмиэ кини институтугар охотовед идэтигэр үөрэнэр, Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Семен Трифоновка кэргэн тахсан уол оҕоломмуттара.
Үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрбит эдэр дьон Сунтаар сиригэр кэлэн олохсуйбуттара. Августина Элгээйи совхозка селекционер-зоотехнигынан үлэлээбитэ, онтон 1991 сылтан кылаабынай зоотехнигынан анаммыта. Кэлин улууска бастакынан тэриллибит Ийэ-оҕо Киинигэр методиһынан, сельпоҕа экономиһынан, эт-үүт комбинатыгар кылаабынай бухгалтерынан үлэлээн-хамсаан, бастыҥ общественник буолан дьонун-сэргэтин дириҥ ытыктабылын ылбыта. Кини билигин Сунтаарга чааһынай предприниматель, биллиилээх меценат Н.П. Герасимова тэрийбит «Татыйыына» диэн маҕаһыыннарын ситимигэр миэбэли оҥорор сыах дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Кинилэр оҥорбут миэбэллэрэ Саха сирин бастыҥ табаарынан аатырбыта хайыы-үйэ уонча сыл буолла.
Олох үөһүгэр сылдьар кыайыылаах үлэһит, дьон киһитэ, түөрт оҕолоох ыал тапталлаах ийэтэ төһө да бу орто дойду дьолун толору билбитин иһин, дууһатыгар өрүү тугу эрэ уратыны, уһулуччулааҕы, үрдүгү, үтүөнү, үйэлээҕи туоххаһыйа көрдүүрэ. Дьэ онтон уонча сыллааҕыта кини сүрэҕэр «дьикти кыым саҕыллыбыта» – Августина Тыыннаах Таҥараны итэҕэйбитэ. Айыы Таҥара таптала киниэхэ эркээйи буолбута, киһи олоҕор көрсөр бары ыарахаттары, эриири-мускууру, кутурҕаны тулуурдаахтык ааһарыгар күүс укпута.
Күндү ааҕааччы, бүгүн биһиги эйигин биир итэҕэллээхпит Августина Трифонова олоҕун бэлиэ кэмнэригэр суруйбут хоһооннорун кытта билсиһиннэрэбит. «Мин тугу эрэ көрдүүбүн» диэн хоһоонун кини Бүлүү өрүскэ киирэн сүрэхтэммит үөрүүлээх күнүгэр суруйбут. Бу айымньылар аан бастаан «Чолбон» сурунаалга 2003 cыллаахха бэчээттэммиттэрэ.
Саргылана ЛЕОНТЬЕВА
Августина ТРИФОНОВА
***
Мин тугу эрэ көрдүүбүн
Муунтуйбут санаабар.
Өй-санаа мөккүөрүгэр
Дьикти кыым саҕыллар.
Олох муудараһын билбит
Ытык кырдьаҕас дьонум,
Үйэлэргэ сурукка тиспит
Биллиилээх бөлүһүөктэрим
Санааларын ситимигэр холбоһон
Итэҕэл эппиэтин көрдүүбүн.
Үйэлэри уҥуордаан этэн ааспыттар
Олох, итэҕэл арахсыспат аргыстарын,
Сайдан иннин диэки дьүккүйэрэ
Олох сокуона буоларын.
Сайаҕас санаабынан ылынан,
Сахалыы сиэринэн сэмэйдик
Дабайыым дуу биир кэрдииһи.
***
Эрэл кыыма саҕыллан,
Эриллэн, күүһэ эрдийэн,
Эллиннэр үйэлэриттэн эҕиллэн
Эн кэллиҥ Бүлүүм эбэ
Эҥсиллэр эҥээригэр.
Ыраах Палестина сылаас тыына
Ырааһынан илгийэн, үйэлэри уҥуордаан
Айылҕаттан айдарыллыбыт
Итиинэн, тымныынан эйэргэспит,
Эгэлгэ олох тыыныгар эриллибит
Ыраах тус хоту эйэҕэс дьонугар
Сылаас тыыҥҥын,
Сырдык санааҕын иҥэрэн,
Ырааһынан килбиктик чаҕылыйар
Ытык сири туоһулаан
Ытыгылаан аастыҥ эн, Илдьит!
***
Ааспыт үйэм алҕаһын
Анааран араардым.
Адьаһын даҕаны
Арахсыбыттар Таҥараттан.
Айыы Тойон,
Аҕам дьон
Алҕаһын бырастыы!
Бөҕө Айыы,
Бутуурдаах бириэмэни
Букатын бырастыы!
Өлбөт-сүппэт Айыы,
Өһөхтөөх өрөгөйү
Өр кэмҥэ бырастыы!
Айыы Тойонум Иисус!
Үтүө аналлаах
Үрүҥ Айыыны
Үрдүктүк тутан,
Үүнэр көлүөнэм,
Үрдэлин үрдэтэн,
Үктэннэ саҥа үйэҕэ!