Үтүөрэр туһугар

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , .
«Иисус Христос эйигин үтүөрдэр…»
Сибэтиэй Апостоллар Дьайыылара 9, 34

Сахалар уокка ас кээһэллэрин, уот иччитигэр сүгүрүйэллэрин оҕо эрдэхпиттэн көрөн, бэйэм да үтүктэн ас биэрээччибин. Аҕам уокка ас кээһэ-кээһэ кыраабыта туолбутуттан иччилэри итэҕэйэрим ордук күүһүрбүтэ.

Кини түүллээх этэ, ардыгар ыраах нэһилиэккэ буолуохтааҕы кэпсээн киирэн барара, холобур, ким өлөрүн, эбэтэр төрүүрүн. Онон биһиги көстүбэт эйгэ баарын итэҕэйэрбит бөҕөргөөн испитэ. Аҕам уҥуох тостубутун тутара үһү, наадьылаан оҕону төрөтөн дьахталлары бэркэ абырыыра үһү. Онон кини норуот эмчитэ дьоҕурдаах этэ. Ону үтүктэн мин ийэм радикулитын имэрийээччибин, онуоха: «Аҕаҥ илиитин курдук илиилээххин, үчүгэй имэрийээччи буолсугун», – диирэ.

Елена Ильинична в церкви

Фото Николая Дьяконова

Бэйэм түөрт уон биэс сааспар тосту мөлтөөбүтүм, үлэм кэнниттэн нэһиилэ дьиэбэр кэлэр буолбутум. Ол иһин хатха-йоганан, Москва бырааһа Зубков систиэмэтинэн бэйэбин бөҕөргөтүнэргэ быһаарыммытым. Уон сыл дьарыктанан кырдьык бөҕөргөөбүтүм. Тириибэр баар араас үөннэрим сүппүттэрэ.

Онтон аны атын эмтэнэр ньымалары көрдөөн, аҕам эмтиир дьоҕура миэхэ бэриллибитэ буолуо дии санаан, Сергей Безбороднай диэн Дьокуускайдааҕы экстрасенс курсун баран экстрасенс буолбутум. Дьиктитэ диэн – ыарыһахха диагноһын ыраахтан туруораҕын, холобур, кини ханнык тииһэ, ханнык тарбаҕа ыалдьарын чуолкай билэҕин. Харахтан харахха энергияны биэриини-ылыыны мин балтыбар боруобалаабытым.

Ол курска үөрэнэрбитигэр Сергей миэхэ Иисус Христос, Библия, кириэс уонна Таҥараҕа үҥүү киһини көмүскүүллэрин туһунан кэпсээбитэ. Мин итэҕэли интэриэһиргээбитим. Онон Библияны, мусульманнар Кораннарын, Агни-Йоганы, Бхагават Гитаны, Блаватская кинигэтин, магия, астрология кинигэлэрин ааҕыталаабытым. Олортон барыларыттан Библияны ордук сөбүлээбитим. Сотору евангельскай христианнар түмсүүлэригэр киирбитим. Онно миэхэ экстрасенстар куһаҕан тыын күүһүнэн эмтииллэр диэн быһаарбыттара. Куһаҕан тыыннар эмтиир да, эмтэтэр да дьон дууһаларыгар буортуну оҥороллор. Оттон Таҥара киһи үҥэрин истэн эти-хааны даҕаны, дууһаны даҕаны эмтиир.

Молитва Господня на якутском

В катакомбах св. Себастьяна. Италия. Елена Ильинична читает молитву Господню по-якутски

Онтон 1995 сыллаахха мин саахалламмытым. Диагноһым – «ушиб основания головного мозга». Оннукка түбэспит дьон улахан аҥаара өлөр. Дьокуускай уонна Санкт-Петербург евангелистарын үҥүүлэринэн Таҥара миигин уон сэттэ хонугунан үтүөрдэн балыыһаттан таһаарбыта. Сытар кэммэр мэлдьи үөрэ-көтө күнү быһа Таҥараны айхаллыырым, Киниэхэ үҥэрим.

Кэлин мин евангелистарга итэҕэл баарын үрдүнэн Таҥараҕа ытыктабыллара соччо дириҥэ суоҕун билбитим. Оттон православнай сулууспаны олус сөбүлээбитим, Таҥара храмҥа чахчы баар курдук санаабытым, элбэхтик үҥэллэрин астыммытым. Үс сыл устата Таҥараҕа: «Евангелистарбар хаалабын дуу, православиеҕа барабын дуу?» – диэн үҥэр этим.

Дьокуускайга сааскы мотуок куттала суоһаабытыгар евангелистар сулууспаҕа умнан кэбиһэн ол туһунан олох да үҥпэтэхтэрэ. Оттон православнай христианнар өрүс кытылыгар тахсан туран мэлиэбэн оҥорбуттара. Ол иһин мин православиеҕа көспүтүм. Хата, билигин өлбүт православнай төрөппүттэрим уонна бииргэ төрөөбүт убайдарым дууһаларын тустарыгар үҥэр кыахтанным.

Таҥара дьиэтигэр сылдьарбыт тоҕо нааданый? Храм кэрэ көстүүтүттэн дуоһуйаары, билэр дьоммутун көрсөөрү эрэ буолбакка, Таҥара дьиэтэ Таҥараны уонна Кини сибэтиэйдэрин кытта ситимниирин туһуттан. Үчүгэйдик эрдэттэн бэлэмнэнэн, астан туттунан туран туһааннаах үҥүүлэри молитвослов кинигэтиттэн ааҕан баран, Таҥараҕа тиксии уонна аньыыны этинии Кистэлэҥнээх дьайыылара киһи дууһатыгар, этигэр-хааныгар туһалаахтарын билбитим. Мин санаабар, килиэбинэн уонна арыгынан бэриллэр Христос Этэ-сиинэ уонна Хаана биһиги испитигэр иҥэн, аньыы-хара мөлтөппүт айылгыбытын, дууһабытын, эппитин-хааммытын бөҕөргөтөр, тупсарар. Оччоҕо биһиги сирдээҕи олохпутун сөпкө олорор кыахтанабыт уонна Таҥара биһиэхэ этэрин, биһигини Сибэтиэй Саарыстыбатыгар бэлэмниир Тылын, дөбөҥнүк ылынабыт.

Елена Ильинична СИДОРОВА