«Иисус Христос эйигин үтүөрдэр…» Сибэтиэй Апостоллар Дьайыылара 9, 34 Сахалар уокка ас кээһэллэрин, уот иччитигэр сүгүрүйэллэрин оҕо эрдэхпиттэн көрөн, бэйэм да үтүктэн ас биэрээччибин. Аҕам уокка ас кээһэ-кээһэ кыраабыта туолбутуттан иччилэри итэҕэйэрим ордук күүһүрбүтэ. Кини түүллээх этэ, ардыгар ыраах нэһилиэккэ буолуохтааҕы кэпсээн киирэн барара, холобур, ким өлөрүн, эбэтэр төрүүрүн. Онон биһиги көстүбэт эйгэ баарын итэҕэйэрбит…Читать далее…