Кини көмөлөһөргө өрүү бэлэм этэ

Авторы:


Самое главное, Чело века
Темы: , , , , , .

Төрөөбүт Сахатын сирин туругурдар туһугар кыайыылаахтык үлэлээбит сатабыллаах салайааччы, талааннаах учуонай, «Туймаада Даймонд» ААО генеральнай дириэктэрэ, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина Георгий Петрович Яковлев биһиги биир итэҕэллээхпит, православнай христианин этэ. Кини, үтүө быһыылаах-майгылаах кырдьыксыт, кэрэ киһи, олоҕун хас биирдии күнүн тиһэҕин курдук олорон, бу орто дойдуга ананан кэлбит үрдүк соругун Таҥара иннигэр чиэстээхтик, ыраас суобастаахтык толорбута.

 

Георгий Петрович Яковлевы мин таайым, ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев өрүү киэн туттуулаахтык, үөрүүлээхтик ахтара. Михаил Андреевич, ырааҕы өтө көрөр мындыр киһи буолан, талааннаах эдэр учуонайтан бэрт элбэҕи күүтэрэ. Оттон мин Георгий Петровиһы 1987 сылтан, Хотугу сир физико-математическай проблемаларын институтугар дипломнай үлэбин суруйуохпуттан ыла билбитим.

Биирдэ Труфяков В.И. автордаах сэдэх кинигэни үлэбэр туттаары көрдөөн баран кыайан булбакка сырыттахпына, Георгий Петрович «миэхэ баар, уларсыам» диэн аҕалан биэрбитэ. Мин ыраахтан көрөр, урут кэпсэтэн билбэт киһим миэхэ итинник үтүөтүк сыһыаннаспытыгар олус үөрбүтүм. Онтон ыла билсэн, иккиэн Үөһээ-Бүлүү физико-математическай оскуолатын бүтэрбит дьон үөрэ-көтө кэпсэтэр элбэх уопсай тиэмэлээх буолбуппут. Кини аҕа табаарыс быһыытынан миэхэ бэрт үгүһү сүбэлээбитэ. Онон кини туһунан олус көнө майгылаах, күлүүлээх-оонньуулаах, хаһан баҕарар көмөҕө кэлэргэ бэлэм үтүө киһи диэн өйдөбүл миэхэ хаалбыт.

2006 сыл күһүнүгэр Саха Республикатын вице-президенэ А.К. Акимов салайааччылаах улахан делегация Бүлүү улууһугар Лөкөчөөҥҥө мин үлэлиир оскуолабар сылдьыбыта. Кинилэр «Балыксыт балаҕана» диэн музейбытын көрө кэлбиттэр этэ. Онно кинилэри кытта Георгий Петрович баара. Ааттаах-суоллаах улахан киһиттэн толлон хайдах чугаһыахпын билбэккэ турдахпына, кини бэйэтэ миэхэ тиийэн кэлэн: «Хайа, Аида, манна баар эбиккин дии», – диэн бэрт судургутук кэпсэтэн, олохпун ыйыталаһан барбыта. «Наукаҕа барыахтаах киһи манна бүгэ сытар эбиккин», – дии-дии күлбүтэ. Син-биир уруккутун курдук боростуой, элэккэй этэ, ханнык да үрдүктүк туттуу киниэхэ суоҕа. Ити бүтэһик көрсүһүүбүт этэ.

Георгий Яковлев

Георгий Яковлев

Москваҕа үөрэнэ сылдьан Георгий Петрович мин тастыҥ убайбын, билигин Баппаҕаайыга олорор мелиоратор идэлээх А.И. Николаевы кытта бииргэ дьиэ куортамнаан олорбуттар эбит этэ (ол саҕана Москватааҕы Олимпиадаҕа бэлэмнэнэн студеннары уопсайдарыттан таһаара сылдьыбыттар). Афанасий ол кэми ахтарыгар, доҕоро дьону кытта уопсай тылы түргэнник буларын, киэҥ билиилээҕин, мындыр толкуйдааҕын, ким да буоллун, кыһалҕалаахха куруук күүһэ баарынан көмөлөһөрүн кэпсээччи.

Георгий Петрович туһунан өссө ордук элбэх сылаас тылы мин таайбыттан, учууталым Михаил Андреевич Алексеевтан, истибитим. Ол ылбыт сырдык өйдөбүлүм кэлин Георгий Петровиһы бэйэтин көрсүбүтүм кэннэ өссө ордук чиҥээбитэ. Мин биир саамай үөрэрим – бу икки үтүө киһи олохторун бүтүүтүгэр Таҥараны ис сүрэхтэриттэн итэҕэйбиттэр. Михаил Андреевич Бүлүү куоратыгар олорон Библияны умсугуйан ааҕарын өйдүүбүн. Итэҕэли сүтэрии норуокка улахан иэдээни аҕалла диирэ. «Итэҕэл диэн киһи аймаҕы сиэрдээбит улуу күүс, былыр сахалар оҕолорун Таҥараны итэҕэйэргэ иитэр этилэр», – диэн өрүү тоһоҕолоон этэрэ. Кини республика салалтата, интеллигенцията киһини иитэр бу улуу итэҕэлгэ саха норуотун, ыччатын сыһыарар туһугар дириҥ ис хоһоонноох, өйдөөх үлэни саҕалыахтара диэн эрэнэрэ.

Оттон Георгий Петрович Таҥараны ис сүрэҕиттэн итэҕэйэр буолан дойдутугар Сунтаарга храм тутулларыгар биир итэҕэллээҕэр Нина Прокопьевна Герасимоваҕа көмөлөспүтүн, кинини өйөөбүтүн, кэлин онно бэйэтэ сүрэхтэммитин мин олус долгуйан истибитим. Кини, мин санаабар, Михаил Андреевичка үөрэнээччи эрэ быһыытынан буолбакка, Таҥараҕа итэҕэлинэн эмиэ чугас.

 

                        Аида (Александра) ЛЕОНТЬЕВА,
Бүлүү, Лөкөчөөн

Фото: Георгий Яковлев таптыыр учууталын М.А. Алексеевы кытта