Сибэтиэй Павел. Апостол Тимофейга. Иккис суруга

Авторы:


Самое главное, Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , , , .
Күндү доҕотторбут, бүгүн биһиги эһигини икки тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктан быһа тардыылары кытта билиһиннэрэбит. Бу Саҥа Кэс Тылга киирбит сурук автора — сибэтиэй Павел Апостол. Кини эдэр доҕоругар Тимофейга эппит иһирэх тыла, аҕалыы сүбэтэ-амата барыта күн бүгүн биһиэхэ ананан суруллубут курдук. Сибэтиэй Апостол үрдүккэ ыҥырар, үтүөҕэ үөрэтэр истиҥ тыллара эһиги сүрэххитигэр эмиэ бэрт элбэҕи этиэ диэн эрэли кытта.

Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА, Библия тылбааһын Институтун богословскай редактора

1 түһүмэҕиттэн

Святой апостол Тимофей

Святой апостол Тимофей

3 Түүннэри-күнүстэри эйигин өйдөөн-санаан туран үҥэрбэр, өбүгэлэрим курдук эмиэ ыраас суобастаахтык сулууспалыыр Таҥарабар махтанабын. 4 Доҕоччугуом, хараххыттан уу-хаар баһан тураргын санаан кэллэхпинэ, эйигин көрсөн ис дууһабыттан үөрүөхпүн баҕарабын. 5 Бу билигин эмиэ эн истиҥ итэҕэлгин өйдөөн-санаан кэллим… Маҥнай эбэҥ Лоида, онтон ийэҥ Евника сүрэхтэригэр үөскээбит итэҕэлиҥ билигин эйиэхэ эмиэ дириҥник иэнигийэн сылдьарыгар мин бигэ эрэллээхпин…

7 Таҥара биһиэхэ биэрбит Тыына биһигини куттас гыммат, күүстээх гынар, тапталы, чөлү хараныыны иитэр…

13 Миигиттэн истибит чэгиэн үөрэҕиҥ холобурун ыһыктыбакка, Христос Иисустуун биир буолан итэҕэли, тапталы тутуһан олор, 14  эйиэхэ итэҕэйиллибит үтүөкэн баайы биһиги сүрэхпитигэр баар Сибэтиэй Тыын көмөтүнэн харыстаан илдьэ сырыт.

1 Онон, оҕом, Христос Иисус көмөтүнэн Таҥара илгэлээх үтүөтүттэн күүс ылан бөҕөргөөн ис; 2 итиэннэ элбэх туоһу ортотугар миигиттэн тугу истибиккин атыттары үөрэтэр кыахтаах, эрэллээх дьоҥҥо тириэрт.

3 Иисус Христос бэриниилээх буойуна буоларыҥ быһыытынан, суолбутугар тоһуйар ыарахаттары тулуйарга бэлэм буол. 4 Сэриилэһэ сылдьар киһи күннээҕи үлэнэн-хамнаһынан дьарыгыра сатаабат; буойун санаата биир: хайдах эмэ гынан тойонум санаатын таптарбын; 5 итиэннэ ханнык да бэйэлээх бөҕөс, күрэхтэһии быраабылатын кэһэр буоллаҕына, бириискэ тиксибэт; 6 хара көлөһүнүн тоҕон туран үлэлиир бааһынай бурдугун үүнүүтүттэн ким-хайа иннинэ амсайыахтаах.

7 Бу этэрбин толкуйдаан көр. Айыы Тойон эйиэхэ тугу барытын өйдүүргэ кыах биэриэҕэ. 8 Мин иһитиннэрэр Евангелиебар этиллэринэн, өлбүттэртэн тиллибит Иисус Христоһу, Давид удьуорун, өрүү өйдүү-саныы сырыт. 9 Евангелие туһугар мин бу билигин түөкүн кэриэтэ бохсуллан олоробун, оннук эрэйи көрөбүн; ол эрээри Таҥара Тылын бохсор кыаллыбат! 10 Дьэ ол иһин Таҥара талбыт дьонун туһугар, кинилэр эмиэ Христос Иисустуун биир буолан быыһаналларын, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт килбиэннээх сырдыкка тиксэллэрин туһугар, мин тугу барытын тулуйабын.

11 Бу бэргэн этии баар: “Кинилиин бииргэ өллөхпүтүнэ, Кинини кытта бииргэ олоруохпут; 12 тулуурдаах буоллахпытына, Кинилиин ыраахтааҕылыахпыт, Киниттэн аккаастаннахпытына, Кини биһигиттэн эмиэ аккаастаныаҕа; 13 биһиги эрэбилэ да суохпут иһин, Кини мэлдьи эрэбил – Бэйэтиттэн аккаастанар кыаҕа суох”…

15 Бары күүскүн ууран, бэйэҕин эрэбиллээх киһинэн, дьиҥ кырдьык тылыгар сөпкө үөрэтэн, кыбыстыыга киирбэт үлэһит быһыытынан Таҥараҕа көрдөрөргө кыһалын. 16 Оттон Таҥараттан толлубакка, кураанаҕы эрдэллэрин истибэт буол; оннук куолуһуттар дьиҥ итэҕэлтэн тэйдэр-тэйэн иһиэхтэрэ…

22 Эдэр саас имэҥиттэн куот, ыраас сүрэхтэн Таҥараны ыҥырааччылары барыларын кытта бииргэ кырдьыгы, итэҕэли, тапталы итиэннэ эйэни-или тутуһарга дьулус. 23 Акаары, ньүдьү-балай мөккүөргэ кыттыһыма; ити барыта иирсээҥҥэ тиэрдэрин билэҕин; 24 Айыы Тойон кулута кими да кытта мөккүспэккэ, киһиэхэ барытыгар эйэҕэстик сыһыаннаһыахтаах, үөрэтэр кыахтаах, тулуурдаах буолуохтаах, 25 утарсааччыларын номоҕоннук көннөрүөхтээх; баҕар, Таҥара ол дьоҥҥо, аньыыларын-хараларын билинэн Киниэхэ эргилиннэхтэринэ, дьиҥ кырдьыгы билэр кыаҕы биэриэҕэ, 26 оччоҕо өйдөнөннөр, адьарай бэйэтин баҕатын толортороору, кинилэри иҥиннэрбит оҕууруттан төлө көтөн тахсыахтарын сөп.

3 түһүмэҕиттэн

1 Тиһэх кэмҥэ бэрт ыарахан күннэр үүнүөхтэрэ, ону билиэхтээххин. 2 Дьон бэйэмсэх, харчыга хараҥарар, улаханнык сананар, бэрдимсийэр, куруубай, төрөппүттэригэр бас бэриммэт, үтүөҕэ махтаммат, Таҥараны ытыктаабат буолуохтара; 3 эйэлэһэри билбэт, дьону холуннарар адьынаттаах, бэйэлэрин кыана туттуммат, хаҕыс быһыылаах-майгылаах, үтүөҕэ өстөөх, 4 таҥнарыахсыт кэмэлдьилээх, кэрээнэ суох, дьоһумсук майгыланыахтара, Таҥараны таптыыр оннугар таҕылларын тарҕаталларын ордоруохтара. 5 Кинилэр итэҕэл таһын эрэ тутуһуохтара, оттон ис күүһүн ылыныахтара суоҕа. Оннук дьонтон тэйэ тутун…

10 Оттон эн барытыгар – үөрэххэ, олоххо, сыалга-сорукка буоллун, итэҕэлгэ, уйугас буолууга, тапталга, тулуурга буоллун – мин суолбунан барбытыҥ; 11 миигин Антиохияҕа, Иконияҕа, Листраҕа сойуолааннар, эрэйи-муҥу көрөрбөр барытыгар эн миигин өрүү уҥа-хаҥас халбаҥнаабакка батыһарыҥ. Мин ол сойуолаһыыны барытын тулуйбутум, барытыттан Айыы Тойон быыһаан таһаарбыта. 12 Христос Иисус холобурун батыһан Таҥара иннигэр ыраас олоҕу олоруохтарын бҕарар дьону барыларын даҕаны сойуолаһа туруохтара. 13 Нэгэй, албын дьон куһаҕаҥҥа өссө өрө баран дьону да муннарыахтара, бэйэлэрэ да мунуохтара. 14 Оттон эн туохха үөрэммиккин билэн туран, тугу бигэтик итэҕэйбиккин мүччү тутума. 15 Христос Иисуска итэҕэлгинэн быыһанаргар эйиэхэ муудараһы иҥэрэн эркээйи буолар кыахтаах Сибэтиэй Суруйуулары эн өссө оҕо эрдэххиттэн билэҕин. 16 Суруйуулар барылара Таҥара Тыынынан суруллубут буоланнар, киһини үөрэтэргэ, аньыытын саралыырга, көннөрөргө, кырдьыктаах олоххо түстүүргэ туһалаахтар, 17 Онон Таҥара киһитэ бары өттүнэн ситэн-хотон, ханнык баҕарар үтүөнү оҥорорго бэлэм буола үүнэн тахсар.

4 түһүмэҕиттэн

5 Оттон эн тугу барытын өйдөөн-төйдөөн ырыҥалаа, ыарахаттары кытаатан тулуй, Евангелиены иһитиннэрээччи сулууспатын оҥоро-ситэрэ сырыт, бэйэҥ үлэҕин эҥкилэ суох толор. 6 Мин олоҕум хайыы-үйэ толук буолан сиэртибэнньиккэ уурулунна, аттанар кэмим тиийэн кэллэ: 7 үтүө туруулаһыынан туруулаһан, сүүрэр түһүмэхпин түмүктээн, биэтэккэ таҕыстым, итэҕэлбин энчирэппэтим. 8 Онон аны билигин Айыы Тойон, Кырдьыктаах Судьуйа, ол Күҥҥэ туттарар наҕараадата – кырдьыктаах быһыы мэнньиэһэ – миигин күүтэр; ону Кини миэхэ эрэ буолбакка, Кини кэлэрин таптаан күүтээччилэргэ барыбытыгар туттарыаҕа…

На заставке: Рембрандт Харменс ван Рейн. Тимофей и его бабушка. 1648 г.