Сибэтиэй Павел апостол Ефес христианнарыгар илдьит суруга 6 1 Оҕолор, Айыы Тойон туһугар төрөппүттэргитигэр бас бэриниҥ. Эһиги ытык иэскит итинник. 2 «Ийэлээх аҕаҕын ытыктаа» диэн бастакы кэриэс эрэннэриитэ – 3 «оччоҕо эйиэхэ үтүө түстэниэ, сиргэ олорор үйэҥ уһуо». 4 Эһиги, аҕалар, оҕолоргутун киҥнэрин-наардарын холуннарбакка, Айыы Тойон үөрэтэринэн иитиҥ. Послание к Ефесянам святого апостола Павла Гл.…Читать далее…
тиһэх кэм
№ 1 Январь 2006 (15). Отцы & дети. Всё то же?Сибэтиэй Павел. Апостол Тимофейга. Иккис суруга
Күндү доҕотторбут, бүгүн биһиги эһигини икки тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктан быһа тардыылары кытта билиһиннэрэбит. Бу Саҥа Кэс Тылга киирбит сурук автора — сибэтиэй Павел Апостол. Кини эдэр доҕоругар Тимофейга эппит иһирэх тыла, аҕалыы сүбэтэ-амата барыта күн бүгүн биһиэхэ ананан суруллубут курдук. Сибэтиэй Апостол үрдүккэ ыҥырар, үтүөҕэ үөрэтэр истиҥ тыллара эһиги сүрэххитигэр эмиэ бэрт элбэҕи этиэ диэн эрэли кытта.