Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 19-с түһ. 1 Иисус маны кэпсээн баран, Галилеяттан тахсан Иордан уҥуор Иудея сиригэр барбыта; 2 онно көй үгүс киһи батыһан барбытын барыларын үтүөрдүбүтэ. 3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?» 4 Иисус хоруйдаабыта: «Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар, эр киһини уонна дьахтары айбыта…Читать далее…
Ефес
№ 3 Декабрь 2008 (22). БРАК без бракаДьахталлар, эргитигэр бас бэриниҥ! Эрдэрэ, кинилэри ытыктааҥ, харыстааҥ, таптааҥ!
Сибэтиэй Петр апостол бастакы илдьит суруга 3 1-2 Ол курдук, Таҥара тылын ылыммат эрдээх дьахталлар эмиэ, эрдэргит эһиги Таҥараттан толлор ыраас олоххутун көрөн, биир тылы этиппэккэ, итэҕэли ылыналларын туһугар, кинилэргэ бас бэриниҥ. 3 Тас көстүүгүт – баттаххыт чочуонай оҥоһуута, кыһыл көмүс симэххит, сиэдэрэй таҥаскыт-сапкыт – эһиги киэргэлгит буолбатын, 4 ол оннугар сүрэххит ис дьиҥэ, сымнаҕас холку…Читать далее…
Апостол Павел: аҕалар уонна оҕолор тустарынан
Сибэтиэй Павел апостол Ефес христианнарыгар илдьит суруга 6 1 Оҕолор, Айыы Тойон туһугар төрөппүттэргитигэр бас бэриниҥ. Эһиги ытык иэскит итинник. 2 «Ийэлээх аҕаҕын ытыктаа» диэн бастакы кэриэс эрэннэриитэ – 3 «оччоҕо эйиэхэ үтүө түстэниэ, сиргэ олорор үйэҥ уһуо». 4 Эһиги, аҕалар, оҕолоргутун киҥнэрин-наардарын холуннарбакка, Айыы Тойон үөрэтэринэн иитиҥ. Послание к Ефесянам святого апостола Павла Гл.…Читать далее…