1Туохтан да ордук тапталга талаһыҥ; ол эрээри Тыын атын бэлэхтэригэр эмиэ, ордук пророк дьоҕуругар, дьулуһуҥ. 2Ким биллибэт тылынан саҥарар, ол дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа туһулаан саҥарар, тоҕо диэтэххэ кини тугу саҥарарын ким да өйдөөбөт, кини Тыын күүһүн туһанан кистэлэҥи этэр. 3Оттон Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр пророк дьону бөҕөргөтөн, өйдөтөн-сүбэлээн, уоскутан саҥарар.
Сокуон
№ 1 Апрель 2010 (25). Язык мой – друг мойЭр киһи ойоҕунаан – биир эт-хаан
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 19-с түһ. 1 Иисус маны кэпсээн баран, Галилеяттан тахсан Иордан уҥуор Иудея сиригэр барбыта; 2 онно көй үгүс киһи батыһан барбытын барыларын үтүөрдүбүтэ. 3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?» 4 Иисус хоруйдаабыта: «Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар, эр киһини уонна дьахтары айбыта…Читать далее…