1Туохтан да ордук тапталга талаһыҥ; ол эрээри Тыын атын бэлэхтэригэр эмиэ, ордук пророк дьоҕуругар, дьулуһуҥ. 2Ким биллибэт тылынан саҥарар, ол дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа туһулаан саҥарар, тоҕо диэтэххэ кини тугу саҥарарын ким да өйдөөбөт, кини Тыын күүһүн туһанан кистэлэҥи этэр. 3Оттон Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр пророк дьону бөҕөргөтөн, өйдөтөн-сүбэлээн, уоскутан саҥарар.