Первое послание к Коринфянам святого апостола Павла

Глава 13 1 Пусть даже я говорю на языках человеческих и ангельских, но нет во мне любви – я лишь громыхание меди, бряцание тарелок. 2 Пусть владею пророческим даром, пусть ведомы мне все тайны и всё знание, и вера моя такова, что могу и горами двигать, но если нет во мне любви – я ничтожен.…Читать далее…

Берег культуры, Самое главное
Темы: , , , , .

Христос Бэйэтин туһатын көрүммэтэҕэ, онон биһиги эмиэ бэйэбитигэр буолбакка, атыттарга туһалыахтаахпыт

1 Биһиги күүстээхтэр бэйэбитин эрэ харана сатаабакка, мөлтөхтөргө сүгэһэрдэрин чэпчэтиһиэх тустаахпыт. 2 Хас биирдиибит чугастааҕытын итэҕэлин күүһүрдэр туһугар, киниэхэ үчүгэй буолаарай диэн, кинини үтүөҕэ үөрэтэргэ кыһаныахтаах. 3 «Эйигин үөҕээччилэр үөҕэр тыллара Миэхэ түстэ» диэн суруллубутун курдук, Христос эмиэ Бэйэтин туһун көрүммэтэҕэ.

Самое главное, Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , .

Өйдөммөт тылларынан саҥарымаҥ!

1Туохтан да ордук тапталга талаһыҥ; ол эрээри Тыын атын бэлэхтэригэр эмиэ, ордук пророк дьоҕуругар, дьулуһуҥ. 2Ким биллибэт тылынан саҥарар, ол дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа туһулаан саҥарар, тоҕо диэтэххэ кини тугу саҥарарын ким да өйдөөбөт, кини Тыын күүһүн туһанан кистэлэҥи этэр. 3Оттон Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр пророк дьону бөҕөргөтөн, өйдөтөн-сүбэлээн, уоскутан саҥарар.

Самое главное, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , , .

Эр киһи ойоҕунаан – биир эт-хаан

Матфейтан Сибэтиэй Евангелие  19-с түһ. 1 Иисус маны кэпсээн баран, Галилеяттан тахсан Иордан уҥуор Иудея сиригэр барбыта; 2 онно көй үгүс киһи батыһан барбытын барыларын үтүөрдүбүтэ. 3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?» 4 Иисус хоруйдаабыта: «Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар, эр киһини уонна дьахтары айбыта…Читать далее…

Самое главное, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , .

Евангелиеҕа тулуур туһунан

библия

Сибэтиэй Иаков апостол илдьит суруга 5-с түһ. 7 …Ханнык баҕарар кыыл-сүөл, көтөр, үөн-көйүүр уонна байҕал харамайдарын айылҕатын киһи айылҕата сыһытар кыахтаах, сыһыппыта даҕаны, 8 арай бэйэтин тылын ким да сыһытар кыаҕа суох: бу – өлөрөр сүлүһүнү толору иҥэриммит, туохха да кыайтарбат хара дьай. 9 Тылбытынан биһиги Аҕа Таҥараны айхаллыыбыт, эмиэ тылбытынан Таҥараҕа холоонноон айыллыбыт дьону…Читать далее…

Самое главное, Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , , , .