Матфейтан сибэтиэй евангелие 23 түһ. …15Сор-муҥ эһигини күүтэр, соку-онньуттар уонна фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги саатар биир эмэ киһини итэҕэлгэ тардыахпыт этэ диэн сири сиксигинэн, муораны улаҕатынан сылдьаҕыт, уонна ол соруккутун си-тистэххитинэ, кинини бэйэҕитинээҕэр икки төгүл гееннаҕа сөптөөх киһи гына уһуйан таһаараҕыт. 16Сор-муҥ эһигини күүтэр, хараҕа суох сирдьиттэр! Эһиги ким Таҥара Дьиэтинэн андаҕайбыт — ол андаҕара…Читать далее…
Архивы авторов: Апостол Матфей
№ 3 Октябрь 2012 (32). Между правом и правдойТалаан туһунан домох
13 Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
14 Өссө маннык домоҕу истиҥ: биир киһи ыраах дойдуга аттанаары туран кулуттарын ыҥыран ылан, баайын-дуолун барытын кинилэргэ туттарбыт. 15 Биир-дэстэригэр кини биэс талаан харчыны, атыныгар икки талаан, үһүстэригэр биир талаан харчыны – ким төһө кыахтааҕынан көрөн биэрбит, уонна барыахтаах сиригэр баран хаалбыт.
Эр киһи ойоҕунаан – биир эт-хаан
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 19-с түһ. 1 Иисус маны кэпсээн баран, Галилеяттан тахсан Иордан уҥуор Иудея сиригэр барбыта; 2 онно көй үгүс киһи батыһан барбытын барыларын үтүөрдүбүтэ. 3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?» 4 Иисус хоруйдаабыта: «Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар, эр киһини уонна дьахтары айбыта…Читать далее…
«Умнаһыттар эһигини кытары куруук бииргэ буолуохтара»
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 26 6 Иисус Вифанияҕа кэлэн, араҥ буола сылдьыбыт Симон дьиэтигэр олордоҕуна, 7 биир дьахтар, алебастр иһиккэ үчүгэй сыттаах күндү арыыны аҕалан, Кини төбөтүгэр куппута. 8 Үөрэнээччилэрэ маны көрөн абаран: «Тоҕо ити күндү арыыны барыырый? – дэспиттэрэ. – 9 Бу арыыны үрдүк сыанаҕа атыылаан баран, харчытын дьадаҥыларга түҥэтиэххэ сөп этэ буолбат дуо?» 10…Читать далее…
Христос бырастыы гыныы туһунан. Иэскэ киирбит икки киһи туһунан домох
Матфейтан сибэтиэй Евангелие 18 21 Онуоха Петр Киниэхэ кэлэн ыйыппыта: «Тойонуом, быраатым миигин утары аньыыны оҥордоҕуна, мин кинини хаста бырастыы гыныахтаахпыный? Сэттэтэ дуо?» 22 Иисус эппитэ: «Суох, эйиэхэ сэттэтэ диэбэппин, сэттэ уон төгүл сэттэтэ диибин. 23 Ол эбэтэр Халлаан Саарыстыбатын маннык холобурдуохха сөп. Санаан көрүҥ: арай биирдэ ыраахтааҕы чаҕардарын кытта иэһин аахсыан баҕарбыт. 24 Иэһин…Читать далее…