Евангелист Марк об Иоанне Крестителе

Авторы:


Самое главное, Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , .

Марктан Сибэтиэй Евангелие

1

1 Таҥара Уола Иисус Христос туһунан Евангелие саҕаланыыта.

2 Пророктар кинигэлэригэр: «Көр, бу Эн иннигэр Мин илдьит киһибин ыытабын, кини Эн барар суолгун солуоҕа; 3 иччитэх сиргэ үөгүлээччи саҥата: “ Айыы Тойон барар суолун солооҥ, Кини ыллыктарын көннөрүҥ”», – диэн суруллубутун курдук, 4 иччитэх сиргэ Иоанн кэлэн дьону, аньыыларын-хараларын бырастыы гыннаралларын туһугар, аньыыларын билинэн сүрэхтэнэллэригэр ыҥырбыта. 5 Иудея дойдута бүттүүнэ итиэннэ Иерусалим олохтоохторо бука бары тахсан, аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ Иоаҥҥа сүрэхтэммиттэрэ.

6 Иоанн тэбиэн түүтэ таҥастааҕа, өттүгэр тирии курдааҕа, саранчанан уонна дьиикэй мүөтүнэн аһылыктанара.

7 «Кэннибиттэн миигиннээҕэр Күүстээх иһэр,  – диирэ Иоанн. – Мин тоҥхойон да туран, Кини атаҕын таҥаһын быатын сүөрэргэ сөбө суох киһибин. 8 Мин эһигини уунан сүрэхтээтим, оттон Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтиэҕэ».

 

От Марка святое благовествование

1

1 Начало Евангелия Иисуса Христа, Сына Божия,
2 как написано у пророков: вот, Я посылаю Ангела Моего пред лицем Твоим, который приготовит путь Твой пред Тобою.

3 Глас вопиющего в пустыне: приготовьте путь Господу, прямыми сделайте стези Ему.
4 Явился Иоанн, крестя в пустыне и проповедуя крещение покаяния для прощения грехов.
5 И выходили к нему вся страна Иудейская и Иерусалимляне, и крестились от него все в реке Иордане, исповедуя грехи свои.
6 Иоанн же носил одежду из верблюжьего волоса и пояс кожаный на чреслах своих, и ел акриды и дикий мед.
7 И проповедывал, говоря: идет за мною Сильнейший меня, у Которого я недостоин, наклонившись, развязать ремень обуви Его;
8 я крестил вас водою, а Он будет крестить вас Духом Святым.