Марктан Сибэтиэй Евангелие 1 1 Таҥара Уола Иисус Христос туһунан Евангелие саҕаланыыта. 2 Пророктар кинигэлэригэр: «Көр, бу Эн иннигэр Мин илдьит киһибин ыытабын, кини Эн барар суолгун солуоҕа; 3 иччитэх сиргэ үөгүлээччи саҥата: “ Айыы Тойон барар суолун солооҥ, Кини ыллыктарын көннөрүҥ”», – диэн суруллубутун курдук, 4 иччитэх сиргэ Иоанн кэлэн дьону, аньыыларын-хараларын бырастыы гыннаралларын…Читать далее…