Соломуон аман өһө

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , .

Бүгүн биһиги Библия Эргэ Кэс Тыла киһи аймаҕы дириҥ муудараска үөрэтэр биир кэрэ-бэлиэ кинигэтиттэн кылгас кэрчиги бэчээттиибит. Бу сүдү айымньы аан маҥнай сахалыы тылбаастана сылдьар. Кинигэ былыргы еврейдии тиэкиһигэр кылгастык “Мишле” (Притчи) диэн ааттаммыт, оттон нууччалыы аата, гректии тылбааһы батыһан, “Книга притчей Соломоновых” диэн. Сүрүн ааптара Израиль улуу муударай өйдөөх Соломуон ыраахтааҕыта, ол гынан баран сорох түһүмэхтэри Масса ыраахтааҕыта Лемуил уонна омук өркөн өйдөөҕө Агур суруйан хаалларбыттар. Эмиэ Саалтыыр курдук, бу былыргы еврей тылынан хоһооннуу суруллубут кинигэ эдэр ыччаты ис сүрэхтэн Таҥараны итэҕэйэргэ, ытыктыырга, дуоспуруннаах, муударай өйдөөх буоларга, Айыы Тойон күндү бэлэҕин – олоҕу – сиэрдээхтик олорорго уһуйар.

 

Муударас – саамай күндү баай

 

2

1 Уолум! Өскөтүн мин этэрбин ылынан,  кэскиллээх кэс тылбын куккар-сүргэр иҥэрэн,

2 муударас үөрэҕин өйдөөн-дьүүллээн иһиттэххинэ,  уһуну-киэҥи томоонноон толкуйдаатаххына;

3 өскөтүн бэйэҕэр бигэ билиини ыҥыран, өйдүүр өйү-мэйиини көрдөһөн,

4 муудараһы, үрүҥ көмүһү курдук, дьүлүйэн көрдөөтөххүнэ,

кылааты курдук, кыһаллан була сатаатаххына,

5 АЙЫЫ ТОЙОҤҤО* ытыктабыл диэн тугун толору өйдүөҕүҥ,

Таҥараны билэр киһи буолуоҕуҥ.

6 Тоҕо диэтэххэ, муудараһы АЙЫЫ ТОЙОН биэрэр,

билэр-көрөр, өйдүүр дьоҕур эмиэ Киниттэн кэлэр.

7 АЙЫЫ ТОЙОН көнө сүрэхтээхтэри өрүһүйэрдии өрүү бэлэм турар,

Кини омнуота суох олохтоохторго дурда-хахха буолар,

8 кырдьыктаахтар ыллыктарын араҥаччылыыр,

итэҕэллээхтэрин суолун-ииһин хараанныыр.

 

9 Дьэ онтон эн көнө, кырдьыктаах, сиэрдээх быһыыны,

бары үтүө суолу өйдүүр кыахтаныаҕыҥ.

10 Ол курдук муударас эн сүрэххэр дириҥник иҥиэҕэ,

билии-көрүү дууһаҕын дуоһутуоҕа.

11 Оччоҕо ырааҕы анаарар кыаххар араҥаччылатан,

үтүөнү-мөкүнү араарар өйгөр харыстатан,

12 эндирдээх суолтан-иистэн,

дьон оҕуруктаах тылыттан-өһүттэн быыһаныаҕыҥ;

13 көнө суолтан туораан тахсан

ыас хараҥа ыллыктары ыырданар,

14 сиэхситтии кэбилэнэн үөрэр-көтөр,

куһаҕаны оҥорон, содурдук быһыыланан дуоһуйар,

15 токур суоллары тутуһар,

албын суолу-ииһи батыһан мунар-тэнэр бөтөстөртөн көмүскэллээх буолуоҕуҥ.

 

16 Дириҥ муударас эйигин атын киһи ойоҕуттан –

ньуолбар тыллаах-өстөөх туора дьахтартан,

17 эдэр сааһын аргыһын* бырахпыт,

Таҥаратын кэс тылын кэспит сэлээрчэхтэн– харыстыаҕа.

18 Киһимсэх дьахтар дьиэтэ-уота – өлөр өлүү угаайыта,

кини суола-ииһэ үтүгэн түгэҕинээҕи күлүктэргэ түһэрэр.

19 Киниэхэ киирбит дьонтон ким да эргиллибэт,

төннөн кэлэн олох суолугар үктэммэт.

20 Онон үтүө санаалаахтар суолларын тутус,

кырдьыксыт дьон ыллыгынан сырыт.

21 Тоҕо диэтэххэ, биһиги сирбитигэр көнө сүрэхтээхтэр олоруохтара,

ыраас дууһалаахтар хаалыахтара;

22 оттон кэрээнэ суохтар бу сиртэн киэр үтэйиллиэхтэрэ,

үктэтиилээх өйдөөхтөр силистэри түөрүллүөхтэрэ.

 

Саргылаана ЛЕОНТЬЕВА тылбааһа

________________________________________

2:5* АЙЫЫ ТОЙОН– Таҥара Эргэ Кэс Тылга суруллубут “Яхве”, ол аата “Кини баар”, эбэтэр “Кини олоҕу биэрэр” диэн суолталаах ааттаммат ытык аата бу тылбааска улахан буукубаларынанбэрилиннэ. Оттон бу ааттан атын суолтатыгар бастакы эрэ буукубалар улахантан суруллаллар (Айыы Тойон).

2:17* …эдэр сааһын аргыһын – Былыргы гректии тылбааска эдэр сааһыгар үөрэммит үөрэҕин.

 

6 комментариев

  1. Оннук! Муударас-саамай кунду баай!

  2. Действительно, Саргылана, мудрость — самое большое богатство!

  3. Огромным подарком стал перевод всей Книги притчей, на презентации которой посчастливилось побывать не так давно.

    • Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

Комментарии не допускаются.