Сахалыы Литургия

2011 сыл алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман алгыһынан киин куорат Преображенскай кафедральнай собуоругар Таҥара литургията сахалыы тылынан барда. Сулууспаны аҕабыыттар Павел Слепцов уонна Михаил Добровольскай ыыттылар. Литургияҕа Аҕа баһылык Роман кэлэ сырытта уонна баар дьоҥҥо барыларыгар Айыы Тойон үтүө көмөтүн баҕарда. Мантан ыла хас баскыһыанньа аайы Преображенскай собуорга Литургия күҥҥэ иккитэ буолуоҕа.…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Күндү кылаат

Кирилл уонна Мефодий сибэтиэйдэр күннэригэр Нуучча Драмтеатрыгар буолбут кэнсиэркэ артыыс Саҥа Кэс Тылтан быһа тардыыны (Иисус Христос хайа үрдүгэр олорон үөрэппитин) ааҕарын истибитим. Ону истэн мин олус диэн долгуйбутум. Таҥара тыла дууһабар дириҥник өтөн киирэн, сүрэхпэр дуораһыйбыта. Онтон ыла мин ол Кинигэни ааҕыахпын баҕарар буолбутум. Күндү Кинигэлээх таһаҕаһы Таҥара дьиэтигэр аҕалбыттарын көрөн,  хаһан эрэ атыыга…Читать далее…

Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , .

Сибэтиэй Серафим Саровскайга ыалдьыттааһын

Сибэтиэй Серафим Саровскайга ыалдьыттааһын

Сибэтиэй сиргэ сылдьыан баҕарбат православнай христианин, ама, баара буолуо дуо? Икки сыллааҕыта тохсунньу 15 күнүгэр Айыыга холоонноох Серафим Саровскай таҥаралаабытын (1833) уонна сибэтиэй уҥуоҕа иккиһин хараллыбытын (1991) бэлиэтиир бырааһынньык кэмигэр Никольскай собуорга Литургияҕа үҥэ турбутум. Ол туран эмискэ дьикти күүстээх сибэтиэйгэ Дивеевоҕа ыалдьыттыы барыахпын туох да олус баҕаран кэлбитим. Тута киниэхэ үҥпүтүм. Ыалдьыттааһынтан тугу да…Читать далее…

Православная Эйкумена, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .