Саровтааҕы манастыырга Нижегородскай губерния епархиятын саҥа баһылыгынан анаммыт архиерей тиийэн кэлбит. Кини Таҥара тапталлааҕын айыыга маарыннаах Серафим туһунан элбэҕи истибит эрээри, баачыка дьиктилэрин туһунан кэпсээннэри итэҕэйбэтэ эбитэ үһү. Архиерейы куолакал бөҕөнөн көрсөннөр, храмҥа киллэрбиттэр, онтон архиерейдар түһэр хосторугар илдьибиттэр. Өрүү буоларын курдук, күндүлээбиттэр-маанылаабыттар. Сарсыныгар архиерейдыы үрдүк чыыннаах улуу сулууспа өрөгөйө буолбут. Сулууспа кэнниттэн архиерей манастыыры…Читать далее…
Манастыыр
№ 3 Октябрь 2012 (32). Между правом и правдойХорула: итэҕэлгэ эргиллии
Бу Таҥара тыла миэхэ туһаайыллыбыт диэн өйдүүбүн. Мин 1960-70 сс. Омскай куоракка үөрэнэ сылдьан Таҥараҕа чугаһаан барбытым. Биһиги олорор уопсай дьиэбититтэн чугас үлэлии турар храм баара, хас өрөбүл аайы куолакал тыаһа иһиллэрэ олус кэрэ буолара. Онтон үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана бииргэ үөрэнэр Варя диэн кыыспыныын Паасха бырааһынньыгар сулууспаҕа сылдьан, дьикти-кэрэ куолакаллаах хуор ырыатын истэн, аан маҥнай аҕабыыты көрөн, кини дьону барытын алҕаабытын сөҕөн-махтайан тахсыбыттаахпыт. Ол кыыһым сааһыран баран, өлүөн эрэ иннинэ, сүрэхтэммитэ.
Сибэтиэй Серафим Саровскайга ыалдьыттааһын
Сибэтиэй сиргэ сылдьыан баҕарбат православнай христианин, ама, баара буолуо дуо? Икки сыллааҕыта тохсунньу 15 күнүгэр Айыыга холоонноох Серафим Саровскай таҥаралаабытын (1833) уонна сибэтиэй уҥуоҕа иккиһин хараллыбытын (1991) бэлиэтиир бырааһынньык кэмигэр Никольскай собуорга Литургияҕа үҥэ турбутум. Ол туран эмискэ дьикти күүстээх сибэтиэйгэ Дивеевоҕа ыалдьыттыы барыахпын туох да олус баҕаран кэлбитим. Тута киниэхэ үҥпүтүм. Ыалдьыттааһынтан тугу да…Читать далее…
Темы: Аалтаар, Аанньал, Айыыга холоонноох, Акафист, Аньыы Сахалыы, Баачыка, Боҕуруодьусса, Быладыыка Герман, Быыһааччы, Дивеево, Игумения, Иисус Христос, Икона, Кириэстээх хаамыы, Литургия, Манаах, Манастыыр, мэлииппэ, Просфора, Рака, Серафим Саровскай, Сибэтиинньэ, Сибэтиэй Пантелеимон, Сибэтиэй сир, Сибэтиэйдэр, Собуор, Сулууспа, Чочуобуна.