2011 сыл алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй епискобын Роман алгыһынан киин куорат Преображенскай кафедральнай собуоругар Таҥара литургията сахалыы тылынан барда. Сулууспаны аҕабыыттар Павел Слепцов уонна Михаил Добровольскай ыыттылар. Литургияҕа Аҕа баһылык Роман кэлэ сырытта уонна баар дьоҥҥо барыларыгар Айыы Тойон үтүө көмөтүн баҕарда. Мантан ыла хас баскыһыанньа аайы Преображенскай собуорга Литургия күҥҥэ иккитэ буолуоҕа. Бастакыта 8.00 ч. сахалыы тылынан, оттон иккиһэ 10.00 ч. церковнай славянскай тылынан ыытыллыаҕа.
Бүгүн биһиги Литургия тылбааһын кэмитиэтин чилиэнин, биллиилээх суруйааччы, публицист Михаил Васильевич Дьячковскай – Көлбөнү кытта кэпсэтэбит.
– Эһиги «Орто дойду» хаһыакка «Үөһээ дойду» диэн православнай рубрикалааххыт. Литургия сахалыы тылбаастаммытын туһунан тугу этиэххит этэй?
– Мин норуотум туһугар Таҥараҕа махтанабын. Москватааҕы Библия тылбааһын Институтун уонна Англияҕа кииннэнэр Холбоһуктаах Библейскэй Уопсастыбалар үлэлэринэн биһиги сахалыы тылынан Евангелиеламмыппыт уонна Саалтыырдаммыппыт. Оттон билигин өссө Литургияланныбыт. Ити билигин сир-сир аайы нэһилиэктэргэ, үтүктүспүт курдук, Таҥара дьиэлэрин туталларын эбэтэр уруккулары чөллөрүгэр түһэрэллэриниин хайдахтаахтык дьүөрэлэһэрий! Ити Таҥара алгыһын мэктиэтэ. Сахалыы тылынан сулууспа диэн миэхэ баҕа санаа эрэ этэ. Ол олоххо киирбититтэн наһаа үөрэбин. Биирдэ эмит Таҥара дьиэтигэр сулууспаҕа сырыттахха, наһаа да үчүгэйдик ыллыыллара-туойаллара, этэллэрэ-тыыналлара. Ол гынан баран барыта нууччалыы. Нууччалыы да буолбатах – церковнай славянскай тылынан. Муҥ саатар былыргы славянскай даҕаны буолбатах – анал церковнай. Нууччалар ону хотон өйдөөбөттөр. Нууччалыы быһаарар тылдьыттар син бааллар да, онно даҕаны барыта быһаарыллыбат. Сорох тыл хас эмэ араҥа-араҥа ис хоһоонноох, оттон сорох тылы быһаарарга бүтүн ыстатыйа, научнай үлэ наада. Аны туран ол ким кэлэн сулууспаҕа тылдьыттаах сылдьыай? Тус бэйэм оннугу көрбөтөҕүм. Онон нууччалар уонна нууччалыы тыллаах атын да омуктар – православиеҕа сүрэхтэммит буряттар, мордвиннар, татаардар, армяннар, грузиннар, еврейдэр, кореецтар, кытайдар эҥин – сулууспаны онон-манан одоҥ-додоҥ өйдүүр эбит буоллахтарына, сахалыы тылынан сулууспа өйдөнүмтүөтүнэн биһигини кинилэртэн үрдүкү таһаарар. Бу Таҥара биһиэхэ ураты таптала, күндүтэ-мааныта буолар.
– Нууччалар уонна нууччалыы тыллаахтар ол тугу өйдөөбөттөрүй, холобурун? Эбэтэр сыыһа өйдүүллэрий?
– Ыраата барбакка, аан бастакы тыллары да ылыаҕыҥ. Литургияны саҕалыыр Улуу ектения саҕаланыытын. Ол «Миром Господу помолимся» диэн дьаахан этиитэ. Итини нууччалар уонна нууччалыы тыллаахтар «эйэлээхтик туран, Айыы Тойоҥҥо үҥүөҕүҥ» диэн өйдүүллэр. Оттон, дьиҥэр, итиннэ этиспэккэ-үөхсүбэккэ, охсуспакка туран үҥүөҕүҥ диэн буолбакка, олох атын «эйэ» этиллэр. Иисус Христос апостолларга «Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин» диэбит ис эйэтэ. Ол Сибэтиэй Тыын, Көнньүөрдээччи, киһиэхэ Таҥара алгыстаах күүһүн – илгэлээх үтүөнү түһэрэн, кини дууһатыгар биэрэр көнньүөрдүүтүн дьиктилээхэй чуумпута. Ол эбэтэр «Чуумпу», «Чуумпу Төрдө» ааттанар Айыы Тойон Иисус Христос Бэйэтэ. «Орто дойду» ааҕааччылара билэллэр, айыыга маарыннаах Мария Египетская, иччитэх куйаарга киһи аатыттан ааһара кэлэн, Таҥараҕа үҥэн ытыы-ытыы, муҥнана-сордоно сыттаҕына, эмискэ кини дууһатыгар сатыылаабыт чуумпуну. Онно кини ис-иһиттэн сырдаан, ырайга тиийбиттии, киһи кыайан эппэт дьолунан туолан, ол кэмтэн ыла аанньал кэриэтэ буолан, араас бэйэлээх дьиктилэри оҥорон барбыт. Дьэ оннук эйэ туһунан санатан этиллэр бу көрдөһүүгэ. Охсуһумаҥ, хараххытын басыһымаҥ диэн буолбакка, литургия ураты илгэлээх үтүөлэнэрин туһугар. Уот аантан чуо ону тоһоҕолоон. Айыы Тойон ол биэрэр эйэтин Евангелие атын түһүмэҕэр өссө киһи иһигэр баар Таҥара Саарыстыбатынан ааттыыр. Оттон Таҥара дьиэтэ, храм – бу сиргэ баар Таҥара Саарыстыбата буолар. Дьэ, оччотугар бу көрдөһүүнэн сирдэтэн, литургияҕа испитигэр Таҥара Саарыстыбалаах (Айыы Тойон биэрэр эйэтэ) сирдээҕи Таҥара Саарыстыбатыгар (храмҥа) туран, сулууспабытыгар Үөһээҥҥи, Халааннааҕы Таҥара Саарыстыбатын кытыннарабыт (биһиэхэ көстүбэт Ытык Үс Таҥараны, Айыы Тойон Ийэтин, Аанньаллары, сибэтиэйдэри). Ол эбэтэр Таҥараҕа тиксэрбит туһугар анаммыт дьайыыларга испитинээҕи, сирдээҕи уонна Халлааннааҕы Таҥара Саарыстыбалара биир буола түһэллэр. Итини ол иннинэ хас биирдиилэрэ тус-туспа туойа, араас-арааска тардыста сылдьыбыт киһи этэ-сиинэ, дууһата уонна ис тыына биир буолууларын, дьүөрэлэһиилэрин мэктиэтин быһыытынан көрүөххэ сөп. Дьэ ол иһин буоллаҕа буолуо, баара суоҕа үс тыллаах эрээри бэрт дириҥ духуобунай ис хоһооно нууччаларга өйдөммөт эбэтэр сыыһа өйдөнөр «Миром Господу помолимся» диэн көрдөһүү сахалыы арыллан, «Айыы Тойон биэрэр эйэтиттэн көнньүөрэн, дууһабыт алгыстаах чуумпутуттан Киниэхэ үҥүөҕүҥ» диэн өйдөнөрдүк быһаарыллан тылбаастаммыт. Ити барытын орун-оннугар туруорар. Онон литургияны өйдүүргэ сахалар балаһыанньалара нууччалардааҕар лаппа ордук буола түстэ.
– Оттон нууччалар эмиэ тылбаастаабаттар дуо? Тоҕо нууччалыы сулууспалар ыытыллыбаттарый?
– Литургия ис хоһоонун анаан-минээн хасыһан үөрэтэр дьон, биллэн турар, оннук литератураны син булар. Олох суох диир табыллыбат. Оттон ол да иһин тустаахтар ону үөрэтэннэр, сахалыы тылбаас таҕыстаҕа дии. Литургияны нууччалыы тылбаастыыртан туттунар биир сүрүн төрүөтүнэн буолар Таҥара сулууспатыгар туох да духуобунай ытык, сакральнай сыаннаһа суох күннээҕи олох, уулусса тыла сатаммат диэн өйдөбүл. Ол логиканан сулууспа тыла-өһө күннээҕи олох кириттэн-хаҕыттан ыраас, сибэтиэй, туохтан да ураты тыыннаах бэйэтэ олох туспа эйгэ буолуохтаах.
– Литургия урут тылбаастамматаҕа дуо? Уон тохсус үйэҕэ Дионисий Хитров сибэтиитэл тэрийбит Таҥара уонна Таҥара сулууспаларын кинигэлэрин тылбаастыыр хамыыһыйа баара дии.
– Баҕар, сыыһарым буолуо гынан баран, мин билэрбинэн литургия сахалыы толору тылбааһа суох. Литургияҕа дьон иннигэр саамай элбэхтик саҥарар-иҥэрэр киһинэн, этэргэ дылы, сулууспаҕа кэлбит норуот иннигэр сулууспа дьайыыларын сүрүн толорооччунан дьаахан буолар. Аҕабыыт биирдэ эмит эрэ көстөн ааһар. Ол иһин буоллаҕа буолуо, мин дьаахан этэр тыла эрэ тылбаастаммытын көрбүтүм. Ырыалар да урут тылбаастаммыттарын билбэппин.
– Ол дьаахан тылын тылбааһа уруккутунан хаалбыт дуу?
– Электронканан мин Литургия тылбааһын тиэкиһин тутан турабын. Онно дьаахан тыллара саҥаттан тылбаастаммыттар этэ.
– Тоҕо? Туох биричиинэттэн? Тыллара эргэрбит дуо?
– Тыл эргэрбэт. Саҥа Кэс Тылы, Саалтыыры уонна Литургияны саҥаттан тылбаастаабыттара саха тыла эргэрбититтэн буолбатах. Боруоста урут онно наһаа элбэх тыл нууччалыы киирбит, хайдах эрэ сахалыы тустаах наадатын эрэ быһаарсан саҥарар нуучча курдук. Ол курдук хас хардыы ахсын киһи «святой», «Царство», «славаҥ», «душа», «молитва» эҥин диэн тылларга иҥнэр. Баҕар, тыллар оннук нууччалыы суруллууларын, били церковнай славянскай тыл курдук, туох эрэ ураты тыыннаах книжнай лексика быһыытынан киллэрбиттэрэ буолуо. Ол гынан баран дьыала быһаарыыта быдан судургу да буолуон сөп: ол кэмҥэ аҕабыыттар барыларын кэриэтэ нууччалар этилэрэ кимиэхэ да кистэл буолбатах. Хамыыһыйа да омугунан састааба онтон улахан атына суоҕа эбитэ буолуо. Онон ыраас саха тылын ол тылбаастан эрэйэр табыллыбат. Туох эрэ эсперанто тылын курдук наһаа искусственнайа бэрт. Ол иһин Таҥара Тылын уонна сулууспатын саҥаттан тылбаастааһын бириэмэ адьаһын тирээн турар ирдэбилэ этэ. Апокалипсис буолаары турар дии, оттон биһиги ол туһунан ааҕа да иликпит. Оонньоон этэбин, Айыы Тойон Бэйэтэ эппитинэн, ол буолуохтаах күнүн, чааһын ким да билбэт.
– Оччоҕуна урукку тылбаастар наадата суохтар, халтайга үлэлэр этэ дуо?
– Кырдьык, былыргы тылбаастар билигин музейдарга, библиотекаларга эрэ бааллар эрээри, ол Дионисий сибэтиитэл хамыыһыйатын үлэтин суолтатын хайдах да намтаппат. Оччотооҕу кэм күннээҕи бэбиэскэтигэр нууччалыы билбэт сахалар Таҥара Тылын, сулууспалары өйдүүр буолаллара наада этэ, оннук буолбута даҕаны. Ол тылбаастар сахалары сырдаппыттара. Төһө да быдан эрдэ сүрэхтэммиттэрин иһин, тылбаастар баар буоланнар, Таҥара Тыла норуот дууһатыгар тиийбитэ. Ону ааһан, сибэтиитэл Иннокентий Вениаминов саҕана чуо ол тылбаастарынан сибээстээн, Таҥара кинигэлэрин Арассыыйа атын омуктарыгар тылбаастааһын боппуруоһа туран, Нуучча Православнай Церковын үрдүкү иерархтарын ортолоругар атыыр айдаан, мөккүөр бөҕөтө турбута. Таҥара кинигэлэрин дьиикэй омуктар варвардыы тылларыгар тылбаастааһын Таҥара Тылын киртитиэ диэччилэр бааллара.
– Оттон саҥа тылбаастар туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Итэҕэйэр киһи өйдүүрүнэн туох барыта Таҥара көҥүлүнэн, Кини оҥоруутунан буолар. Евангелие, Саалтыыр уонна, Литургия саҥа тылбаастара ким эрэ бэйэтиттэн оннук быһаарыытыттан оҥоһуллубатахтара. Ол аата хас биирдиилэрин туһугар араас кэмҥэ утуу-субуу тустаах чаастара оҕустаҕа. Ону Герман, Зосима уонна Роман Аҕа баһылыктарбыт Таҥара өй угуутунан, Кини этиитинэн алҕаатахтара. Кинилэр эмиэ бэйэлэрэ алҕаабаттар – кинилэринэн, кинилэри нөҥүө Таҥара алҕыыр. Ити элбэҕи этэр эбээт! Ол аата ити тылбаастарынан биһиэхэ Таҥара ураты алгыһа түстэҕэ! Онон биһиги барҕара сайдар, чэчириир кэскиллээхпит уонна ол кэскилбит суола таастыы бигэ, тоҕо диэтэххэ, бүтүн аан дойдуну айбыт Айыы Таҥара, бары баар барытын, хас кыракый микроб да, төлкөтүн-дьылҕатын илиитигэр тутан олорор Айыы Тойон алгыһыттан ордук бигэ туох баар буолуон сөбүй?! Онон үөр-көт, өрөгөйдөө, саха омуга! Айыы Таҥара кэрэмэн килбиэнэ эйиэхэ сыдьаайда! Сахалар, төрөөбүт тылгытынан буолар сулууспаларга сылдьыҥ!
Кэпсэттэ Сергей Соколов
Есть чудотворная икона образа Божией Матери с младенцем Иисусом, называемая «Слово плоть бысть». Слово (Логос), Сын Божий, Второе Лицо Пресвятой Троицы, восприняло человеческую природу. Так и Божественная Литургия, которая служится на родном якутском языке, входит в сердца и души якутян, преображая и освещая изнутри наш народ. Язык, на котором звучит Слово Божие, является освященным благодатью Духа Святаго. Аминь.
И спасибо журналу Логос за такие рубрики, которые во всей полноте раскрывают тему о православной жизни Якутии для нас якутян, живущих за её пределами. Очень отрадно всегда читать о родных и близких людях, об их успехах и достижениях в духовном развитии нашей любимой Республики…
Спасибо, Ирина! Мы постараемся передать Ваши слова переводчикам!
Интереснейшие пояснение важных моментов литургии на якутском от глубокоуважаемого писателя. Спасибо за сайт! У него очень высокий уровень, можно поставить в один ряд с читаемым российскими сайтами, а по содержанию, где-то даже на порядок выше. Интересно перечитывать статьи в удобном формате.