Ийэм Дууна

Авторы:

и


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: .

Эбэм туһунан ийэм суруйбут ахтыытын аахтахпына, харахпар Библия «Притчи» диэн кинигэтин 31-с түһүмэҕэр ойууламмыт хоһуун дьахтар – амарах сүрэхтээх, кыһамньылаах ийэ, сатабыллаах хаһаайка, туруу үлэһит мөссүөнэ көстөн кэлэр. Эбэм Дууна биһиэхэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр мин иккилээхпэр сылдьыбыт, онтон ыла кыайан кэлбэтэх. Ол эрээри мин кинини өйдүүр курдукпун – сүрэхпэр туох эрэ олус сылаас, сырдык сөҥөн сылдьар… Биир эдьиийим кэпсээбитэ: эбэм, Сталин саҕана ыанньыксыттыы сылдьан, Бүлүүттэн тутуллан иһэр аҕабыыкка араас саастаах хас да оҕону дэриэбинэттэн аҕалан сүрэхтэппит. Дьиктитэ диэн баар, хомбуойдаан иһэр нуучча киһитэ ону бопсубатах. Иккиэн суол кытыытыгар дьиэлээх эбэм аахха хоммуттар. Дууна аҕабыыты маанылаан, аһатан-сиэтэн, өйүөлээн ыыппыт. Аҕыйах саҥалаах, сэмэй майгылаах, туохтан да куттаммат эбэм барахсан Айыы Таҥаратыгар бигэ итэҕэлин олоҕунан көрдөрөн ааспыт. 

                                                                        Саргылаана (Саломия) ЛЕОНТЬЕВА

 

Мин дьонум, аҕам Алексеев Егор Николаевич уонна ийэм Алексеева Домна Васильевна (дьоно-сэргэтэ Дууна диэн ааттыыллара), холкуостаахтар этэ, Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр Арыылаах, Харбалаах, Ынахсыт диэн кэрэ айылҕалаах сирдэринэн олорон ааспыттара. Аҕам былыр Таҥара дьиэтин оскуолатыгар үөрэммит, оттон ийэм үөрэҕэ суох этэ, ол да буоллар, буукубаны барытын билэрэ, өйүгэр биһигиннээҕэр ордук суоттуура.

Ийэм орто сэниэ ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт. Оҕолор аҕыстар эбит: Дууна, Сөдүөт, Сэмэнчик, Өлөксөй, Киргиэлэй, Аана, Ылдьаана уонна саамай кыралара Ньукулай. Былыр баай ыаллар, оҕолоро сэттэлээх, уончалаах эрдэхтэринэ, кимниин кэргэннии буолалларын эрдэттэн анаан илии охсуһан кэбиһэр эбиттэр. Ол курдук ийэбин, уончатын да кыайа илик оҕону, бэйэ-бэйэлэрин билсэн эрдэттэн бодоруһа үөрэнниннэр диэн, Орто-Сурт диэки олорор ыал уолун кытта холбуурдуу илии охсуспуттар. Уол дьоно уолларын кытта кэлэн ийэбин илдьэ барбыттар да, оҕо онно баран олох тэһийбэтэх, сотору дьонугар күрээн хаалбыт. Кэлин аҕабынаан эдэркээн баҕайы сылдьан көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттар.

Ийэм аҕата Чой Баһылай, ийэтэ Хонойо Мотуруона диэн эбиттэр. Эбэм Мотуруона үрдүк уҥуохтаах, модьу-таҕа көрүҥнээх дьахтар үһү. Кини бииргэ төрөөбүттэрэ: Даарыйа, Балбаара уонна Муҥур Ньукулай. Ийэм эбэтэ – Сымаҕыйаан Аана. Ол Сымаҕыйаан Аана бииргэ төрөөбүт убайдара Моруот Ньукулай уонна Аҥкыр Уйбаан диэн уос номоҕор киирбит улахан күүстээх дьон, эһэни да илиилэринэн киирсэн өлөрөллөрө үһү. Уҥуохтарынан икки миэтэрэ үрдүктээх, сүрдээх үлэһит, бултаан-алтаан айахтарын ииттинэр дьон эбит.

Эһэм Чой Баһылай биэс уонун туолбакка сылдьан эмискэ баҕайы иһэ бүрүүстүгүрэн ыалдьан өлөн хаалбыт, ону оччотооҕуга чокуттаран өлбүт дииллэрэ. Билигин санаатахха, муҥура тэстэн өлтө буолуо.

Эбэм Мотуруона, оҕонньорун кэнниттэн түөрт сыл буолан баран, мас күрдьэҕи сытыы баҕайы быһаҕынан үүттүү олорон атаҕын үөс хоругун анньынан, онтон тэмтэрийэн 46 сааһыгар өлбүт. Аҕыс оҕо тулаайах хаалбыт, сүөһүлэрэ, ыарыы туран, бука барыта эстибит.

Ийэм эдэригэр үрдүк уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх, сымнаҕас, үчүгэй майгылаах этэ. Кими эмэ кытта этиһэрин хаһан да истибэтэҕим.

28_2001_11_3

Мин дьонум уон иккитэ оҕоломмуттарыттан аҕыс оҕо кыраларыгар өлбүттэр. Билигин биһиги түөрпүт: эдьиийим Аана, мин Лиза, бырааттарым Аппанаас уонна Куола. Аана – дьонум бастакы оҕолоро. Саамай кэнникилэр – мин, Аппанаас, Куола. Аана кыра оҕо эрдэҕинэ дьонум Дьокуускай куоракка көһөн киирэн сэттэ сыл, эдьиийим сэттэ сааһыгар диэри, олорбуттар. Онно элбэх оҕолоох биир аҕабыыт эмээхсинин кытта дьуккаахтаспыттар. Аҕалара хас да сыллааҕыта өлбүт ыал эбит. Ийэбиит тулаайах хаалан оҕолорун кытта олорбут. Киэҥ баҕайы хас да хостоох дьиэлээхтэр эбит, дьоммор биир хоһу биэрбит. Оҕолоро үлэлииллэр үһү. Ийэлэрэ улахан баҕайы көстөрүүлэҕэ миин буһарарын утуу-субуу кэлэ-кэлэ, олорбокко, туран эрэ аһаан бараллара үһү. «Хаһаайка асчыт баҕайы этэ, бурдук аһын арааһын оҥороро» диэн ийэм кэпсиирэ. Хас астаатаҕын аайы, кэтэ сылдьар бэриэнньигэр ип-итии буулканы суулуу тутан хоспор киллэрэн биэрэрэ диэн наһаа махтанара. Үрдүк уҥуохтаах, доруобай көрүҥнээх, олус үчүгэй майгылаах, киэҥ-холку дьүһүннээх дьахтар үһү. Хас өрөбүл аайы ийэбин Таҥара дьиэтигэр илдьэ барар эбит. Эдьиийим Аана «сулууспа кэмигэр мин собуор Таҥаратын дьиэтин тиэргэнигэр оонньуурум» диэн кэпсиирэ.

Ийэм дойдутугар Баппаҕаайыга хас да иконалаах кэлбит. Илбэҥэҕэ олордохпутуна, ампаарбыт аанын кэннигэр долбуурга үчүгэй баҕайы килэбэчигэс икона баара, ийэм ол иннигэр тугу эрэ ботугуруу турар буолара. Биирдэ: «Ийээ, тугу саҥараҕын, кими кытта кэпсэтэҕин?» – диэн ыйыппыппар, «ээ, бэйэм санаабын саҥарабын» диэбитэ. Аны санаатахха, Таҥаратыттан көрдөһөр эбит.

Кэлин дьонум холкуоска киирбиттэр, ийэм Арыылаахха олорон ыанньыксыттаабыт. Оччотооҕуга ыанньыксыттар уонтан тахсалыы ынаҕы күҥҥэ түөртэ ыыллара, ньирэйдэрин эмиэ бэйэлэрэ көрөллөрө. Ону таһынан ийэм үс-түөрт ыанньыксыт үүтүн улахан баҕайы сэппэрээтэргэ эрийэн, арыылаан сорҕотун сиикэйдии, сорҕотун кыынньаран, лаахтаах таастарга кутан сайынын булууска тоҥорон баран түөрт биэрэстэлээх дэриэбинэҕэ сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн илдьэн завхозка туттарара. Сүөгэй иирдэн арыылыырыгар, ийэм эпэрээсcийэ оҥороору турар быраас курдук, илиитин харытыгар тиийэ тааска уу ылан кичэйэн суунара уонна арыыны уута суох буолуор диэри ыган таастарга уган, салгын киирбэт гына симэрэ. Кыынньардаҕына, онто биир да төбө суох дьэҥкир буолуохтааҕа. Оччотооҕуга ып-ыраас хаачыстыбалаах буолары ирдииллэрэ. Үүтүн аһытымаары, күҥҥэ үстэ-түөртэ эрийэрэ. Ньирэйдэрэ эмис, үчүгэй туруктаах буоллахтарына, хамыыһыйа кэлэн көрөн баран, төлөбүрэ диэн «көрбүт ньирэйдэргиттэн биири талан ыл» дииллэрэ. Ийэбэр үчүгэй баҕайы тыһы ньирэй тиксэн, ону ынах гыммыппыт.

Ньирэй отун сайын ийэм талах быыһыттан хотуурунан охсон, миигин, бырааппын Аппанааһы илдьэ баран үһүөн күн аайы сүгэн кэлэр этибит. Улахан отчуттар оттуур ходуһаларыттан ньирэй отун оттоппот этилэр. Ыанньыксыттар бэйэлэрэ эмиэ сүөһүлээхтэр, туспа хотонноохтор этэ, хайдах барытыгар тиийинэн үлэлииллэрин сөҕөбүн. Ол үөһэ сэрии саҕана кинилэргэ тэллэй хомуйтарар, отоннотор этилэр, ону маҕаһыыҥҥа туттараллара. Ийэм тэллэй хомуйарыгар биһигини илдьэ барара. Аҕалбыт тэллэйбитин барытын сирийэн көрөн баран, сарай иһигэр үөһэ таһааран хатарара.

Ийэм сыралаах үлэтэ сыаналанан, бастыҥ ыанньыксыт, ньирэйдьит быһыытынан оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын мунньаҕар хаста да ыҥырыллан бара сылдьыбыта. Онно сылдьыбытын биһиэхэ, оҕолоругар, үөрэн олорон остуоруйа курдук кэпсиирэ. Улахан дыбарыас дьиэҕэ киирэн мунньахтаабыттарын, онно остуол бөҕө тардыллыбытын, араас нуучча аһа элбэҕин. Ол сырыттаҕына грамота биэрбиттэр, онон бэлэх бөҕө ылан үөрэн кэлбитэ. Бастыҥ көрдөрүүлээх үлэтин иһин сэрии сылларын саҕана Ворошилов аатынан холкуостан бастакынан «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ийэм мунньаҕын кэнниттэн оройуон балыыһатыгар эмтэнэн кэлбитэ, куртаҕыҥ ыалдьар эбит диэн сытыарбыт этилэр. Быраастарын хайҕаан кэпсиирэ, миигин кичэйэн эмтээн үтүөртүлэр диэн кэлтэ. «Эмтээбит бырааһым Гурьев кэргэнинээн иккиэн наһаа билиилээх, кыһамньылаах, үчүгэй да дьоннор» диэн махтанан кэпсиирэ.

Аҕам Дьөгүөр сэрии саҕана Хампаттан дуу, Кыһыл Сыыртан дуу холкуоска таһаҕас аҕала барбыта. Ол сырыттаҕына, бэбиэскэ биэрэн үргүлдьү үлэ фронугар ыыппыттара. Биһиги, кыра оҕолоро, ийэбитин эрэ кытта аҕата суох хааллыбыт диэн айманыы бөҕө буолбуппут.

Ийэм сүөһү ыарахан үлэтигэр сылдьан отун-маһын бэйэтэ сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн аҕалара, аны холкуос ыарахан үлэтигэр сыыстаран ыарыһахтаан хаалбыт 20 саастаах эдьиийбин көрөрө. Үлэтин быыһыгар сүөһү тириитин имитэн, сири хаһан уот оттон, онно ыыһаан саһархай саппыйаан оҥороро уонна, хара өҥнөөн баран, миэхэ уонна эдьиийбэр саары этэрбэс тигэрэ. Уолаттарыгар сырдык саппыйаанынан таһаарара. Аҕабар уһун курумуну тигэн биэрэрэ. Онтуката билиҥҥи уу саппыкытын курдук уһун баҕайы этэ, аҕам ону кус ытыытыгар ууга кэтэрэ, төһө да ууну кэспитин иһин олох илийбэт этэ.

28_2001_11_4

Ийэм биэнсийэҕэ тахсыбытын кэннэ, дьонум Илбэҥэ бөһүөлэгэр көһөн кэлэн дьиэ туттубуттара. Онно биһиэхэ ыраах учаастактан оскуолаҕа үөрэнэ кэлбит оҕолор олороллоро, дьиэбит иһэ интэринээт курдук буолара. Ийэм көмүлүөк оһох иннигэр иистэнэ-иистэнэ остуоруйа кэпсиирэ, оҕолор төгүрүччү олорон олус кэрэхсээн истэллэрэ. Кэлин олортон биирдэстэрэ, Татьяна Алексеевна Таскина-Андреева, дьоммор наһаа махтанан, улаханнык ыалдьа сытан кинилэргэ анаан спектакль сценарийын суруйбут этэ. Ону Илбэҥэ оскуолатын үбүлүөйүгэр Бүлүү куоратыттан артыыстар кэлэн Илбэҥэ олохтоох дьонун кытта оонньоон көрдөрбүттэрэ.

Ийэм сүрдээх ыалдьытымсах этэ. Кини сүөһүгэ үлэлиир кэмигэр биһиги Өбүгэҕэ өр олорбуппут, онно ийэбэр дэриэбинэттэн эмп үлэһиттэрэ, учуутал дьахталлар күүлэйдии тиийэллэрэ. Ийэм онно, былыргы киһи сиэринэн, алаадьы буһаран, эт соркуойдаан, сүөгэйтэн арыы оҥорон остуолга иннилэригэр өрөһөлүү уурара. Кини ыалдьыты оннук көрсөрө биһиэхэ, оҕолорго, өйбүтүгэр хаалан хаалбыт. Ыалдьыттар үөрэн махтанан бараллара.

Сайын ийэлээх аҕам Илбэҥэ күөлүгэр холкуоска оттууллара. Өбүгэҕэ олорон «Тыһаҕастаах» диэн сиргэ ыанньыксыттыырын саҕана ийэм миигин илдьэ баран от охсор, мунньар этэ. Мин сайыһан доҕор эрэ буолан барсарым. Хотоммут таһыгар от сүгэн улахан баҕайы оту кээһэр этэ, Түргэн баҕайытык үөһэ тахсан, кини алларааттан бырахпыт отун тарҕатан уура-уура тэпсэн иһэр этим. Аны кыайан ылбакка сиргэ төттөрү түһэрэн ийэбин эрэйдиэм диэн кыһалла сатыырым. Ийэм, отун тула сылдьан, үөһэттэн аллара кичэйэн кыраабылынан тарыыра. Түстээн бүтэн үөһэттэн сырылаан түһэн баран көрдөхпүнэ, оппут үрдүгэ бөҕө буолара. «Ийээ, хас бугуллааҕый?» – диэн ыйытарым, оччоҕо «50–60 бугул» диирэ. Ол сүгэн сордоммут отун биригэдьиир кэлэн быалаан баран, бу оккутун бырыһыаҥҥа ылыаххыт диэн барара. Оччотооҕу салалта үлэһиттэрэ олус кытаанах этилэр. Ийэм киэҥ көҕүстээх, холку буолан тугу да саҥарбат этэ, хомойбутун да миэхэ көрдөрбөтөҕө.

Өбүгэҕэ олордохпутуна, сэрии саҕана, дьоммор биир Антон диэн ааттаах кырдьаҕас кытай киһитэ кэлбитэ. Суолунан ааһан иһэн биһиэхэ өр олорбута. Ол кытай көмүлүөк оһоххо чугууҥҥа ириис куруппа буһарынан сиирэ. Биһиэхэ, оҕолорго, онтуттан бэрсэрэ. Ийэм эмиэ аһылык бэрсэр этэ, дьонум иккиэн оҕонньору аһыналлара. Ол кытай баҕаны хомуйан аҕалан буһарынан сиир быһыылааҕа. Дэриэбинэттэн салайааччылар кэлэн кинини мөҕөллөр, үүрэллэр этэ.

Күһүн үөрэх аһыллыытыгар Лөкөчөөнтөн, ол саҕана Андреев холкуостан, оҕо бөҕө үөрэнэ кэлбит дэһэллэрэ. Мин дьоммор таайым Ачаам Өлөксөй уола Федоров Петр диэн уол уонна эмиэ аймахпыт Алексеев Гавриил (Мырҕай) уола Ыстапаан, онтон кэлин Ксенофонтов Өлөксөй кыыһа Евдокия (Огдуос) олорбуттара. Бу оҕолорго ийэм киэһэ аайы, көмүлүөк оһоҕу отто-отто, чаанньык өрөн чэй кутан иһэрдэрэ уонна халыҥ баҕайы кинигэттэн «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхону аахтаран истэрэ. Бүөтүр чабырҕахтаан эрэрдии наһаа түргэнник уонна чуолкайдык ааҕара. Ол аахпытын барытын ийэм өйүгэр хатаан баран, кэлин биһиэхэ оҕолорго остуоруйалыыр уонна олоҥхолуур этэ.

Биирдэ маннык түбэлтэ буолбута. Дьиэ иһигэр иккиэн эрэ баар этибит. Ийэм кыра сэппэрээтэри иитэн бэлэмнээн баран толору үүт кутан эрийэн иһэн: «Мэ, аргыый аҕай эрий», – диэт, таһырдьа тахсыбыта, хотонугар барбыта быһыылаах. Сэппэрээтэрим тутааҕа эрийэрбэр кытаанах баҕайы этэ, ону түргэтэтээри күүскэ соҕус эрийбитим, дьэ, доҕоор, кытахтаах үүтүм түөрэ баран халыйа түспэт дуо, ону уолуйан көрөн туран бараммын, ийэм кэлэн мөҥүө диэн таһырдьа ыстанным, ойуурга сүүрдүм уонна хаһан кэлэрин кэтээн сыттым. Кэлэн дьиэҕэ киирэн эрэрин көрөн өссө куттанным. Ийэм түргэн баҕайытык таһырдьа тахсан: «Хотуой, кэл, ханна бааргыный, сот тохпут үүккүн!» – диэн үөгүлээтэ. Хата холкутук ыҥырда диэн аргыый аҕай дьиэбэр кэлэн киирбитим, бэйэтэ сотон бүтэрбит этэ, миигин олох да мөхпөтөҕө, көннөрү «бастаан аргыый, баттаабакка эрийэр баҕайыта» диэн үөрэтэрдии эппитэ.

28_2001_11_2

Мин ийэбин туохха барытыгар бастыҥ үлэһитинэн ааттыыллара, кырдьыгын да эттэххэ, кини сатаабатаҕа суох курдук өйдүүбүн. Биэнсийэҕэ тахсан баран ииһинэн дьарыгырбыта, дьиэ кэргэнин дьонун бука барыларын таҥыннарара. Маҕаһыыҥҥа хотуобай таҥас суоҕун кэриэтэ этэ, биирдэ эмит таһаҕас кэллэҕинэ халыҥ уочарат буолара, аҕыйах танас кэлбитэ сонно бүтэн хаалара. Ийэм «Зингер» диэн иистэнэр атах массыыналааҕа, ол миэхэ билигин да баар. Онно наһаа үчүгэйдик иистэнэрин таптыы көрөр буоларым. Иис киһи ис киирбэх баҕайытык туттан, атаҕынан үктээн хамсатара киһи эрэ көрөн олоруох курдуга. Миэхэ үчүгэй баҕайы байбаралаах сахалыы ырбаахылары тигэрэ.

Мин фельдшер үөрэҕин бүтэрэн кэлэрбэр ийэм таҥас бөҕөнү тигэн уурбут этэ: ыт саҥыйах (ону дьон бөрө тириитэ дуо диэн ыйытар этилэр), таба тыһа этэрбэс, сылгы холуоһа, кырааскаламмыт андаатар бэргэһэ, ичигэс баҕай кырса тириитэ истээх, бөрө тириитинэн тигиллибит үтүлүк. Оччотооҕу эмп үлэһитэ ыраах учаастактарынан ыарыһахха барарга атынан айанныырбар ичигэс танастаах буолан биирдэ да ыалдьыбатаҕым.

Ийэм төбөтүгэр куруук былаат баанарын сөбүлүүрэ, хаһан да төбө сыгынньах сылдьыбат этэ (иннигэр баанара). Ол иһин, Дьокуускайга медучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, ийэбэр куруук кыра хаарыс былаат аҕаларым, онтон наһаа үөрэрин билэр этим. Кини үөрбүтүн-хомойбутун таһыгар биллэрээччитэ суох.

Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн, икки сылы арыый кыайбат кэмҥэ дьоммун кытта олорбутум. Иккиэн кырдьаҕас этилэр, бииргэ олоруохпут диэн наһаа үөрбүттэрэ. Уһаайба ылан саҥа дьиэ туттар санаалаахтара. Аҕам улахан баҕайы ампаар туттубута. Ол сырыттахпытына, райбольница миигин Лөкөчөөҥҥө баран үлэлээ диэн бирикээс таһааран кээспит этэ, оччотооҕуга эмп үлэһитэ тиийбэт буолан холостуой киһини ханна баҕарар анаан кэбиһэллэрэ. Төрөппүттэрим кырдьаҕастар диэн аккаастанан көрбүтүм да, ылымматахтара. Онон дьонум 1961-1962 сс. Дьокуускайга, уоллара Аппанаас баар сиригэр, көспүттэрэ. Инники кыракый сиэннэрин илдьэ ийэм барбыта, кэлин соҕус аҕам кыыһынаан көспүттэрэ.

Дьокуускайга олорон биһиэхэ өтөр-өтөр улахан фанера дьааһыгы толору кэһии ыыталлар этэ, онно аһылыгыттан оҕо таҥаһыгар тиийэ араас эгэлгэ барыта симиллибит буолара.

Ийэм 1965 с. биһиэхэ Лөкөчөөҥҥө кэлэн сиэнэ Дунялыын хас да ый буолбуттара. Онно кэргэммэр уонна кэргэним икки булчут таайыгар кэтиинчэ, үтүлүк тигэттээн биэрбитэ, акка илдьэ сылдьарга бэрэмэдэй тикпитэ. Кыра кыргыттарбытыгар ырбаахы, оһуордаах этэрбэс, үтүлүк, бэргэһэ тигэттээбитэ, биир тылынан эттэххэ, иистэннэриэхтэрэ диэн анаан кэлбит быһыылааҕа. Сотору, ийэм кэлтин кэннэ, кэргэним дьоно өтөхтөрүгэр көспүттэрэ, оннук саас аайы сайылыы көһөөччүлэр. Онон ийэм биир ынах хаалбытын ыыра, күөлтэн от охсон ньирэйгэ сүгэн таһаарар этэ. Күһүн сэтинньигэ айан массыынатынан дьиэлээбитэ.

Ийэм 1968 с. алта уон тоҕус сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.

 

                                                                                              Елизавета АЛЕКСЕЕВА,
                                                                                                Бүлүү, Лөкөчөөн  

4 комментария

  1. Олох ыарахаттарыгар охтубакка, киэн ке5устээх, холку майгылаах эбээлэрбит, эhээлэрбит барахсаттар о5олоругар, сиэттэригэр куруук куус-кеме буолаллар. Ис тас керуннэринэн олус да кыраhыабай дьоннор, Саломия, ийэ5эр ахтыытын уллэстибитигэр улахан махтал!

  2. Үтүө тылгыт иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын! Ийэбин эмиэ үөрдүөм. Айыы Тойон эһигини араҥаччылыы сырыттын!
    Саломия

  3. Эбэм Елизавета Егоровна суруйбутун ааҕан үөрдүм. Кини олус көнө, үтүө майгылаах. Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн бастакы эмп үлэһитэ. Хос эбэм Дууна истиҥ итэҕэлэ дьоммор бэриллибит дии саныыбын. Ол иһин ийэм Саргылаана тылбаас үлэтигэр кэлбитэ буолуо. Айыы Тойоҥҥо барытыгар махтал!

    • Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

Комментарии не допускаются.