Төһө да Сэбиэскэй былаас бириэмэтигэр Таҥараны итэҕэйии бобуллубутун иһин, сүрэхтэммит дьон син-биир итэҕэллэрин ыһыктыбакка сүрэхтэригэр тута сылдьалларын туһунан Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 96 саастаах ытык кырдьаҕас Мария Львовна Николаева санаатын үллэстибитин суруйарга сананным. Быйыл саас дойдубар Хорулаҕа бара сырыттахпына, кини миэхэ манныгы кэпсээбитэ:
– Оччолорго, сэрии кэмигэр, улахан аччыктааһын буолбутугар биһиги аҕыс киһилээх дьиэ кэргэммит эмиэ онтон туораабатахпыт. Үс күн устата тугу да аһаабакка, аҥаардас хаар уутун иһэн олорбуппут. Онно аҕам, кырдьаҕас киһи, хоргуйан сирэйэ иһэн киирэн барбыта. Төрдүс күммүтүгэр кураанах остуолун аттыгар олорон: «Маайаа, тоҕойуом, дьоҥҥун кытта куйуурдуу барсыаҥ этэ. Айыы Тойон Таҥара биһиги көрдөһүүбүтүн хайаан да истиэ, кыаммат-түгэммэт дьону хоргуйууттан быыһыа, көннөрү хаалларыа суоҕа, куһуокпутун биэриэҕэ», – диэбитэ. Сонно хомунан, куйуурдуу барар дьоммун кытта балыктыы күөлгэ бардыбыт. Онно тиийэн күөл кытыытын диэки соҕус куйуурдаан көрдүбүт да, балык хаппата, кураанах буола түстүбүт. Сэниэбит эстэн хаалла, аччыкпыт да бэрт. Бултуйбатахпытыттан бары хомойон аакы-сууку туттан дьиэбитигэр барыах курдук хомунан эрдэхпитинэ, сурдьум уол Мэхээлэ: «Эдьиэй, бүтэһик төгүл өссө холонон көрүөххэ, күөл үөһүгэр киирэн, саатар, биир ойбону алларыах», – диэтэ. Онуоха бары эгди буола түстүбүт, хайдах эрэ санаабыт көтөҕүллэн хаалла. Онон күөлбүт үөһүгэр киирэн ойбон алларан куйуурдаан эрдэхпитинэ, арай ойбоммут балык бөҕөнөн туола түстэ. Оо, онно хайдахтаах үөрбүппүтүн киһи тылынан кыайан эппэт, соһуччу үөрүү диэн ол этэ!
Дьэ балык бөҕөнү хостоотубут, алаас ыаллара бары тигистилэр. Көр, ол курдук мин аҕам Таҥараҕа итэҕэлэ күүстээҕэ, ол курдук Киниэхэ эрэнэрэ. Ону билиҥҥэ диэри умнубаппын.
Ол түгэҥҥэ биһиги хоргуйан өлөртөн быыһаннахпыт, онон бу баччааҥҥа дылы оҕолорбун, сиэннэрбин кытта сылаастык, сымнаҕастык олоробун уонна Айыы Тойон Таҥарабыттан маннык көрдөһөбүн: «Айыы Тойон аатыгар. Амыын. Аҕа, Уол аатыгар. Амыын. Сибэтиэй Тыын аатыгар. Амыын. Айыы Тойон Таҥара, абыраа, мин олохпор эрэйи көрбүппүн билэн тураҕын, онон эрэйи көрдөрбөккө, Курустуос Таҥара, миигин Бэйэҕэр ыл», – диэн.
Мария Львовна өссө маннык кэпсиир: «Эһэм оҕонньор барыбытыгар тыллыбыт талах умнаһын туттарара, оннук туран Таҥараҕа үҥэрбит, Курустуос Таҥара бырааһынньыгар сыллаһарбыт. Онно сүөһү төбөтүн кыйахалаан баран солуурга буһараллара, ону бары ыалынан сиирбит.
Урукку оҕо куһаҕан тылы билбэт этэ, хаабыска, хабылык, хааһах хостоһуу, тыҥырахтаах көтөр оонньуутун оонньуурбут».
Төһө да Мария Львовна кырдьаҕаһын иһин, дьиэтин иһигэр таах олорон, сытан хаалбакка, төһө кыалларынан дьонугар көмөлөһө сылдьар: үлэҕэ кэтиллэр үтүлүк тигэр (ачыкыламмат), иһит сууйар. «Урут икки көстөөх сиртэн үлэбэр сылдьар этим, бу билигин биэрэстэ аҥаардаах кулууп дьиэтигэр кыайан тиийбэппин», – диэн хомойор. Кини бэйэтин нэһилиэгэр уран тыллаах тойуксут быһыытынан биллэр, онон бу соторутааҕыта улус кииниттэн телевидение үлэһиттэрэ кэлэн устан барбыттар.
Ытык кырдьаҕас биһиэхэ, кинини истэн олорооччуларга, туһаайан: «Хаһан да санаарҕаабат буолуҥ», – диэн сүбэлиир. Оттон бэйэтэ Айыы Тойон Таҥара кэс тылын ис сүрэҕиттэн толоро сылдьарын бүтүн олоҕо да туоһулуур.
Дьэ ити курдук Таҥараҕа итэҕэллээхтэр удьуордара салҕанан бара турар. Мария Львовна кыыһын кытта олорор дэриэбинэлэригэр Хорулаҕа архимандрит Товия кэлэн элбэх киһини, ол иһигэр оҕолору, сүрэхтээбитигэр, кыыһа Матрена Егоровна эмиэ сүрэхтэнэн Таҥараҕа тиксибитэ киһини кэрэхсэтэр.
Матрена ИГНАТЬЕВА,
Дьокуускай
Дирин бэриниилээх итэ5эл сабыдыала! Махтал!
И мы Вас, Саргылана, благодарим! Это, правда, действие глубокой веры.