Суорун Омоллоонтон ыччакка анаан

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , .

Икки сыллааҕыта, Бүлүү тыатыгар Лөкөчөөҥҥө онус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Дмитрий Кононович уонна Надежда Семеновна миигин Саҥа дьылга Москваҕа ыалдьыттата ыҥырбыттара. Ол саҕана ийэм Бэс Чагдаҕа кинилэргэ олорон, Саҥа Кэс Тылы бэчээккэ бэлэмниирэ. Икки сыл кэриҥэ көрбөтөх ийэбин олус ахтарым гынан баран, халлаан тымныыта бэрт буолан, эһэлээх эбэм ыыппатахтара. Онтон саас, каникулум кэмигэр, Москваҕа хараҕын эмтэтэ барар эһэбин Леонтьев Афанасий Ивановиһы кытта босхо барсыбытым. Дмитрий Кононович, маҥнай көрсөрбүтүгэр, миэхэ илиитин уунан  баран, сүрдээх эйэҕэстик: «Каайа, Каайа, үчүгэй Каайа!» диэн ыллыыр быһыылаахтык эппитин хаһан да умнубатым буолуо. Кини куруук күлэ-үөрэ, сырдыы сылдьарын өйдөөн хаалбыппын. Эһэм аҕыйах хонукка санаторийга сынньана сылдьан, Дмитрий Кононовичтыын өрүү көрсөр, сэһэргэһэр этэ. Иккиэн булчут дьон буоланнар, тыл аҥаарыттан өйдөһөллөрө. Төннөрбүт чугаһыгар мин Дмитрий Кононовичтан, Бүлүү улууһун «Олох суола» хаһыатыгар анаан, кыра интервью ылбытым. Ыйытыыларбын киниэхэ суруйан биэрбитим, онуоха кини, уталыппакка, эмиэ суругунан эппиэттээбитэ. Ону бүгүн эһиги, «Логос» хаһыат ааҕааччыларын, болҕомтоҕутугар таһаарабын. 

                                                                                              Кая (София) ЛЕОНТЬЕВА,

                                                                                              ФЭИ 1-ы курсун студентката

 

 Дмитрий Кононович, Эн олоххор саамай улаханнык туохтан үөрбүккүнүй?

– Уон алта сааспар (1922 с.) убайым Иван Харитонович Сивцев, күһүн «Кутту» диэн үрэххэ соҕотоҕун оттуу сырыттахпына, сурук ыыппыта: «Миитэрэй, куоракка киирэ оҕус. Үөрэниэҥ, мин олорор ыалгын буллум», – диэн. Онно олус үөрбүтүм.

Оттон туохтан саамай хомойбуттааххыный? 

– 1937 с. сэтинньи 4 күнүгэр миигин түрмэҕэ илпиттэрэ. Хайдах бу туох да буруйа суох киһини хаайалларый диэн, онтон олус хомойбутум.

Киһиэхэ саамай ханнык хаачыстыбаны сөбүлүүгүнүй?

– Сымыйалаабат, кырдьыксыт көнө киһини.

Хайгыыр кинигэҥ ханныгый уонна таптыыр суруйааччыҥ кимий?

– Таптыыр кинигэм – Библия. Таптыыр суруйааччыларым – Пушкин, Толстой уонна Шекспир.

Бэйэҥ суруйууларгыттан хайаларын ордук сөбүлүүгүн?

– «Ньургун Боотур» олоҥхоттон оҥоһуллубут опера либреттотын.

Инники өттүгэр туох былааннааххыный?

– Бүгүҥҥү күннээҕи эдэр ыччат олоҕуттан киносценарий суруйар баҕалаахпын.

Мин «Аанчык» диэн кэпсээҥҥин сөбүлээн аахпытым. Аанчык сэмэй, сымнаҕас быһыылаах-майгылаах. Кини эн идеалыҥ дуо? Олоххо итинник кыыһы көрбүтүҥ дуу, биитэр Бэйэҥ айбытыҥ дуу?

– Аанчык – саамай таптыыр, аһынар уобараһым. Саха кыыс оҕолорун дьылҕаларыттан мунньуулаах гынан баран, өйтөн кыра оҥоруулаах  реальнай уобарас.

Эдэр кыыска саамай ханнык хаачыстыбаны сөбүлүүгүнүй?

– Холкуну, номоҕону, көрсүөнү, ис-иһиттэн сэмэй эйэҕэһи, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк туттары-хаптары, бэйэтин чөлүн кытаанахтык харанары, киэргэмсэҕэ суоҕу, куруутун барытыгар ырааһы.

Эн Лөкөчөөн туһунан кэрэхсээн истэргин мин бэлиэтии көрдүм. Туохтан маҥнай интэриэһиргээбиккиний?

– Уруккута кыра, үрэх баһа сир эрээри, бэрт муударай, үтүө санаалаах дьоннордооҕун истэммин уонна билигин булугас өйдөөх, бар дьон диэки үтүө санаалаах, эрчимнээх итиэннэ талааннаах ыччаттардааҕын билэммин.

Дмитрий Кононович, эдэр ыччакка Эн тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Эдэр саас маҥнайгы кылаастан үрдүк үөрэҕи бүтэриэххэ диэри барыта үөрэххэ, билиини-көрүүнү үксэтэргэ, эти-хааны, доруобуйаны  чэбдик оҥорорго, үрдүк үтүө санааны тутуһарга, ийэни-аҕаны, бар дьону, айылҕаны таптыырга-харыстыырга, эҥкилэ суох майгыннанарга ананар. Оҕо, эдэр киһи куһаҕаны тугу да оҥоруо суохтаах, арыгыны, табаҕы, атын да сүлүһүннээҕи тугу да сиэ-аһыа суохтаах, эт-хаан имэҥириитин кыатаныахтаах, ис сүрэхтэн ыраас, үрдүк буоларга, оҕолонор дьолу булар дириҥ тапталга тиксэргэ, Таҥара үөрэҕин тутуһарга дьулуһуохтаах, кини оччоҕо үйэтин тухары үөрэ-көтө олоруоҕа. Мин баҕам, алгыһым итинник.

                                                                       Кулун тутар ый, 2004 с.

Москва