Эһиэхэ этэбин, омук дьонугар!

Авторы:


Самое главное, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , , , , , , , , .

Автор этого послания апостол Павел был гонителем первых христиан и носил имя Савл. «Савл терзал церковь, входя в домы и влача мужчин и женщин, отдавал в темницу» (Деян. гл.8, ст.3). Когда он шёл в Дамаск, чтобы связать последователей Христа и привести их в Иерусалим, ему явился Иисус, произошло чудо, и в Дамаск пришёл уже не Савл, враг Церкви Христовой, а Павел, её ревностный служитель. Именно он больше всех остальных апостолов потрудился ради просвещения язычников, исполняя волю Божию:

«Ибо так заповедал нам Господь: Я положил Тебя во свет язычникам, чтобы Ты был во спасение до края земли».

«Айыы Тойон биһиэхэ: «Эн сир уһуктарыгар тиийэ быыһабылы аҕаларыҥ туһугар, Мин Эйигин бары омуктарга сыдьаайар сырдык оҥордум», – диэн кэс тылын этэн турар. (Деян. 13, 47).

Святой Павел совершил много путешествий, основал христианские общины; он стал автором замечательных посланий, которыми до наших дней духовно питаются миллионы христиан во всем мире. Кто научил его всему этому? Кто дал ему силы и мудрость, мужество и терпение? Не Гамалиил, у ног которого он учился в юности, не книги, которые он прочитал, но Сам Бог – через Духа Святого. Его устами говорил Дух Святой. «Язычники, слыша это, радовались и прославляли слово Господне, и уверовали все, которые были предуставлены к вечной жизни» (Деян. 13, 48).

Сибэтиэй Павел Апостол Коринф христианнарыгар бастакы илдьит суруга

10

Сымыйа таҥаралартан сэрэтии

1 Бырааттарыам, өбүгэлэрбит бука бары былыт халыҥ хаххатыгар сылдьыбыт­тарын, бары муораны курдаттаан ааспытта­рын өйдүөххүтүн баҕарабын; 2 кинилэр бары Моисейга холбоһон былыкка уонна муораҕа сүрэхтэммиттэрэ, 3 бары биир духуобунай аһы аһылыктаммыттара, 4 бары биир духуобунай утаҕы утахтаммыттара: ол хайдах диэтэххэ, кинилэри кытта барсан иһэр духуобунай очуос таастан утахтарын ханнарал­лара, оттон ол таас – Христос Бэйэтэ этэ. 5 Ол эрээри Таҥара уордайар санаата бэрт үгүс киһиэхэ хоммут буолан, кинилэр өлүктэ­рэ иччитэх сир устун тэлгэнэн хаалбыта. 6 Бу барыта биһиэхэ, кинилэр курдук куһаҕаҥҥа баҕатыйбаппыт туһугар, сэрэтии буолар. 7 Онон, сорох өбүгэлэрбит сүгүрүйбүттэрин курдук, эмэгэккэ сүгүрүйэр буолумаҥ; кини­лэр тустарынан Суруйууларга «норуот олорон аһаан-иһэн барбыта, онтон туран эмэгэт иннигэр үҥкүү-битии тэрийбитэ» диэн этил­лэр. 8 Кинилэртэн сорох дьонноро содурдук быһыыламмыттарын курдук, биһиги эмиэ содурдук быһыыланар буолумуоҕуҥ; оннук быһыылана сырыттахтарына, соҕотох биир күн иһигэр сүүрбэ үс тыһыынча киһилэрэ суорума суолламмыта. 9 Кинилэр сорохторо Христоһу* үтэн-анньан көрбүттэринии, биһиги Кинини оннук үтэн-анньан көрөр буолумуоҕуҥ; кинилэр инньэ гына сылдьан эриэн үөннэргэ тиктэрэн өлбүттэрэ. 10 Өбүгэлэрбит сорохторо кэриэлийбиттэрин кур­дук, кэриэлийэр буолумаҥ; кинилэри, оннук кэриэлийбиттэрин иһин, өлөрөр-өһөрөр Аанньал ходуйтаабыта. 11 Бу барыта биһиэхэ сэрэтэр холобур буолбута итиэннэ тиһэх үйэлэргэ тиийбит дьону, биһигини, өйдөтөөрү, Суруйууларга киирбитэ.

12 Онон тирэхтээхтик турабыт дии сана­нар дьон, охтубат туһугар, сэрэхтээх буоллуннар. 13 Эһиги көрсүбүт ыарахан быһыыгыт-майгыгыт – киһи тулуйар тургутуута. Таҥара эппит тылын экчи толорор, онон хаһан даҕаны эһигини кыаххыт таһынан тургуттарыа суоҕа; итиэннэ тургутуллар кэмҥитигэр, тулуйаргыт туһугар, эһиэхэ күүс да биэриэҕэ, тахсар суолу да көрдөрүөҕэ.

14 Онон, таптыыр бырааттарым, эмэгэккэ сүгүрүйэртэн куотар буолуҥ. 15 Мин эһигини толкуйдаах дьон курдук санааммын этэбин, онон бу тугу эппиппин ырыҥалаан көрүҥ. 16 Бу махтанан туран иһэр алгыстаах иһиппит биһигини Христос Хааныгар тиксиһиннэрэр буолбатах дуо? Оттон бу тоһутан ылан сиир килиэппит биһигини Христос Этигэр-сиинигэр тиксиһиннэрэр буолбатах дуо? 17 Бу килиэп биир, оттон биһиги элбэх да буолларбыт биир килиэби үллэстэр буоламмыт, эмиэ биир Эт-сиин буолабыт.

18 Израиль норуотун ылан көрүөҕүҥ: сиэртибэлэммити сиэччилэр сиэртибэн-ньиккэ кытыктаах буолаллар буолбатах дуо? 19 Бу аата туох диэн этэр быһыыбыный? Эмэгэт таҥаралар туох эмэ суолталаахтар диэн этэбин дуу, биитэр эмэгэттэргэ бэлэх-туһах бэриллэр ас эмиэ туох эмэ суолталаах диэн этэбин дуу? 20 Суох, инньэ диэбэппин. Тыыннаах Таҥараны билбэт омуктар бэ­лэхтэрин-туһахтарын Таҥараҕа буолбакка, абааһыларга биэрэллэр диэн этэбин, оттон эһиги абааһылары кытта сибээстэһиэххитин мин баҕарбаппын. 21 Айыы Тойон иһититтэн иһэ сылдьан абааһы иһититтэн иһэр кыаххыт суох, Айыы Тойон аһын аһыы сылдьан абааһы аһын аһыыр кыаххыт суох. 22 Хайаан биһиги Айыы Тойону күнүүлэтэргэ сорунуохпутуй? Ама биһиги Кинитээҕэр күүстээх үһүбүт дуо?

23 «Биһиэхэ барыта көҥүллэнэр», бэрт сөп, ол эрээри барыта биһиэхэ туһалаах буолбатах, «биһиэхэ барыта көҥүллэнэр», ол эрээри барыта көмөлөөх буолбатах. 24 Хан­нык баҕарар киһи бэйэтигэр эрэ туһалаахха буолбакка, атын киһиэхэ туһалаахха дьулу-һуохтаах.

25 Баһаарга атыыланар аһы-үөлү иҥэ-тоҥо барбакка, холку суобастаах олорон сиир буолуҥ. 26 Суруйууларга этиллибитин курдук, «сир уонна сир үрдүгэр баар барыта Айыы Тойон киэнэ».

27 Таҥараны итэҕэйбэт ханнык эмэ киһи дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырдаҕына, бара сылдьыаххытын баҕарар буоллаххытына, күндүлүүр аһылыгын барытын иҥэ-тоҥо барбакка эрэ, холку суобастаах олорон сиир буолуҥ. 28 Арай ким эмэ эһиэхэ: «Бу кэрэх этэ», – диэтэҕинэ эрэ, оннук эти ол эппит киһи туһугар, кини суобаһын туһугар сиэмэҥ. «Сир уонна сир үрдүгэр баар барыта Айыы Тойон киэнэ».** 29 Мин эһиги суобаскыт туһунан эппэппин, ол киһи суобаһын туһунан этэбин. Тоҕо мин көҥүлбүн атын киһи суобаһа хаач­чахтыахтааҕый? 30 Өскөтө мин махтанан туран аһыыр буоллахпына, тоҕо махтанар аһым иһин ким эрэ миигин сэмэлиэхтээҕий?

31 Онон, ас да аһаабыккыт, утах да испиккит – тугу гыммыккыт барыта Таҥараны албан аатырдыах эрэ тустаах. 32-33 Мин эмиэ бэйэм туһабын көрүммэккэ, үгүс дьоҥҥо туһалаах буолаарай диэн, кинилэр быыһа­налларын туһугар, туохха барытыгар, киһиэхэ барытыгар санааларын табардыы сыһыаннаһарым курдук, эһиги эмиэ иудейдары да, атын омуктары да, Таҥара церковын да аньыыга киллэрбэт курдук олоруҥ.

* Христоһу – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойону».

** «Сир уонна сир үрдүгэр баар барыта Айыы Тойон киэнэ» – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.

языческая статуя

Первое послание к Коринфянам святого апостола Павла

10

1 Не хочу оставить вас, братия, в неведении, что отцы наши все были под облаком, и все прошли сквозь море;
2 и все крестились в Моисея в облаке и в море;
3 и все ели одну и ту же духовную пищу;
4 и все пили одно и то же духовное питие: ибо пили из духовного последующего камня; камень же был Христос.
5 Но не о многих из них благоволил Бог, ибо они поражены были в пустыне.
6 А это были образы для нас, чтобы мы не были похотливы на злое, как они были похотливы.
7 Не будьте также идолопоклонниками, как некоторые из них, о которых написано: народ сел есть и пить, и встал играть.
8 Не станем блудодействовать, как некоторые из них блудодействовали, и в один день погибло их двадцать три тысячи.
9 Не станем искушать Христа, как некоторые из них искушали и погибли от змей.
10 Не ропщите, как некоторые из них роптали и погибли от истребителя.
11 Все это происходило с ними, как образы; а описано в наставление нам, достигшим последних веков.
12 Посему, кто думает, что он стоит, берегись, чтобы не упасть.
13 Вас постигло искушение не иное, как человеческое; и верен Бог, Который не попустит вам быть искушаемыми сверх сил, но при искушении даст и облегчение, так чтобы вы могли перенести.
14 Итак, возлюбленные мои, убегайте идолослужения.
15 Я говорю вам как рассудительным; сами рассудите о том, что говорю.
16 Чаша благословения, которую благословляем, не есть ли приобщение Крови Христовой? Хлеб, который преломляем, не есть ли приобщение Тела Христова?
17 Один хлеб, и мы многие одно тело; ибо все причащаемся от одного хлеба.
18 Посмотрите на Израиля по плоти: те, которые едят жертвы, не участники ли жертвенника?
19 Что же я говорю? То ли, что идол есть что-нибудь, или идоложертвенное значит что-нибудь?
20 Нет, но что язычники, принося жертвы, приносят бесам, а не Богу. Но я не хочу, чтобы вы были в общении с бесами.
21 Не можете пить чашу Господню и чашу бесовскую; не можете быть участниками в трапезе Господней и в трапезе бесовской.
22 Неужели мы решимся раздражать Господа? Разве мы сильнее Его?
23 Все мне позволительно, но не все полезно; все мне позволительно, но не все назидает.
24 Никто не ищи своего, но каждый пользы другого.
25 Все, что продается на торгу, ешьте без всякого исследования, для спокойствия совести;
26 ибо Господня земля, и что наполняет ее.
27 Если кто из неверных позовет вас, и вы захотите пойти, то все, предлагаемое вам, ешьте без всякого исследования, для спокойствия совести.
28 Но если кто скажет вам: это идоложертвенное, – то не ешьте ради того, кто объявил вам, и ради совести. Ибо Господня земля, и что наполняет ее.
29 Совесть же разумею не свою, а другого: ибо для чего моей свободе быть судимой чужою совестью?
30 Если я с благодарением принимаю пищу, то для чего порицать меня за то, за что я благодарю?
31 Итак, едите ли, пьете ли, или иное что делаете, все делайте в славу Божию.
32 Не подавайте соблазна ни Иудеям, ни Еллинам, ни церкви Божией,
33 так, как и я угождаю всем во всем, ища не своей пользы, но пользы многих, чтобы они спаслись.

«Вот тайна: есть души, которые познали Господа; есть души, которые не познали Его, но веруют; а есть и такие, которые не только не познали, но и не веруют… Неверие бывает от гордости. Горделивый человек своим умом и наукою хочет познать всё, но ему не даётся познать Бога, потому что Господь открывается только смиренным душам… И на небе, и на земле Господь познаётся только Духом Святым… И у язычников душа чувствовала, что Бог есть, хотя они и не знали, как почитать истинного Бога. Но Дух Святой научил Святых Пророков, потом Апостолов, потом Святых Отцов и Епископов наших, и так истинная вера дошла до нас… О, люди, творение Божие, познайте Творца. Он любит нас. Познайте любовь Христову и живите в мире… Обратитесь к Нему, все народы земли, и вознесите молитвы свои к Богу; и молитва всей земли пойдёт к небу, как прекрасное тихое облако, освящённое солнцем… Познайте, народы, что мы созданы для славы Божией на небесах, и не прилепляйтесь к земле, ибо Бог – наш Отец, и любит нас, как дорогих детей», — говорил преподобный Силуан Афонский.