Сүрэхтэнии туһунан

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , , .

Православнай итэҕэли тарҕатааччы былыргы миссионер аҕабыыттар олохтоох нэһилиэнньэҕэ бэрт сайаҕастык сыһыаннаһан саҕалаабыттар быһыылаах – ол миэрэни ылыныыга утарсыы баара диэни мин истэ да, ааҕа да иликпин. Хайыахтарай – соһуччута, сонуна, остуоруйаны кэпсиир курдук ууһа-урана бэрт буоллаҕа уонна туох да ыгыы-түрдэрии суох, аны туран уруккуттан Таҥаралаах дьоҥҥо майгынныыр өттө элбэҕэ – дэлэҕэ «Бог» диэн тылы «Таҥара» диэн тута ааттаабытынан барыахтара дуо! Оттон саха ыыспа балаҕаныгар холоотоххо, Таҥара дьиэтэ киэҥэ-куоҥа, үрдүгэ, сырдыга, ырааһа, кылбачыйан киэргэлэ үгүһэ, биэтэҥнэтэр хадьыылаларыттан лаадан бурҕаллан тахсар буруотун сыта үчүгэйэ – кии түптэтин буруотугар тэҥнээх буолуо дуо!

Былыр саха дьонугар Таҥара дьиэтигэр сылдьыы бырааһынньык тэҥэ буолара үһү – билиҥҥи Опера уонна балет театрыгар барыы курдук киэргэнэн-оҥостунан, бэйэ бодолорун муҥутуурдук тардынан тиийэллэрэ буолуо. Итиннэ эбэн кэбиһиҥ – Таҥара бырааһынньыктарын: Ороһуоспа (биһиги диэки Ороһооспо диэччилэр), Кириһиэнньэ, Паасха, Таҥара күннэрин – чыычаах уйа туттубат күнэ, Ньукуолун, Бөтүрүөп, Ылдьыын, Миитэрэйэп, Ыспааһап, Сэмиэнэп, Бокуруоп, Охонооһойоп уо.д.а.

Онно ким төһө кыахтааҕынан ас үтүөтэ астанара – арыылаах алаадьы, эрдэттэн киллэрэн ириэриллибит атах эт алдьанар, сылгы хаһата, саламаат, сүөгэй үүттээх чэй… «Киристиэпкэ «Киристиэс бэскириэсэ!», «Бэйиистини бэскириэсэ!» дии-дии, сөбүлүүр кыргыттарбытын иккиһин-үсүһүн кэлэн дэлби уураан барарбыт, кинилэр онтон аккаастанар бырааптара суоҕа», – диэн аҕам күлэ-күлэ кэпсиир буолара. Нууччалыы «даа», «ньыат», «хоросоо» диэнтэн атыны соччо билбэт, сэриигэ дьону үтүктэн сылдьыбыт уонна, ытарынан үчүгэй буолан, илии бүлүмүөтүн иккис нүөмэринэн сэриини «Хорсунун иһин» медалынан түмүктээбит үөрэҕэ суох аҕам өссө кэпсиирэ: «Таҥара оскуолатыгар үөрэммит эрээри, тоҕо эрэ ыаллары кэрийэ сылдьан бурдукка хамнастаһан үлэлиир былыр биир эдэр киһи баара. Сайын оттор маспытын саас эрбэһиннэрэн ылааҥыга таһырдьа үлэлиибит.

Эдэр дьоннор балкыһарбыт элбэх, онно кини миигин нууччалыы үөрэтэ сатыыр, Таҥара мэлииппэтин нууччалыы аахтаран муҥнуура. «Тугу эмит, саатар, биир-икки тылы өйдөөн хаалбытыҥ дуо?» – диибин. «Хантан аныаха диэри иилиллэ сылдьыай! Арай мэлдьи «Майыымассаан сибэтээхэдыыха миин» диэн талкыйан тахсара өйбөр хаалбыт…». Кэлин өйдөөбүтүм, ол «во имя Отца и Сына и Святаго Духа, аминь» диэн эбит. Аҕам ити ахтыытын мин 1951 сыллаахха Афанасий Федоровка кэпсээбитим, ону кини Тамалакаан туһунан очеркатыгар киллэрбит этэ, ол очерк ити дьыл «Кыымҥа» дуу, «Эдэр коммуниска» дуу (Тамалакааҥҥа командировкалаабыт хаһыатыгар) тахсыбыта да, билиҥҥэ диэри көстө илик.

Мин 1927 сыллаахха, ийэм этэринэн, Эҥиэнтэйэп күнүн икки хонук иннинэ күн сирин көрбүт киһи, ити бырааһынньыктары баттаһа төрөөбүтүм. Колхуостар саҥа тэриллэ сатаан эрдэхтэринэ, нэһилиэнньэ олоҕун көҥүл-босхо соҕус ыыппыт НЭП бэлиитикэтин тобоҕо өссө да баарына, үлэһит, сүрэхтээх буолан мин дьонум лаппа кыанан барбыттара – 5-6 ыанар ынахтаахтара, олору таһынан оҕустаахтара, субай сүөһүлээхтэрэ, эмиэ 5-6 сылгылаахтара быһыылааҕа, көлүнэр аттаахтара, «куоп» диэн тэрилтэнэн сэппэрээтэр, тоҥхоорой диэн ааттаах тимир булуук уонна өссө тугу эрэ сурутан атыыласпыттара, аҕам өссө велосипед суруттарбыта кэлбитин «бу наһаа киһини охторор аты айааһыыргар хара үлэттэн бокуойдаммат киһи солоҥ суох буолуо» диэн, биир «үрүҥ» үлэһит аймаҕа аҕытаассыйалаан атыылаһан ылбыта.

Аҕам дьону хамнастаһан сир солотон, балачча ыһыы сирдэммитэ – ньэчимиэн, оруос бэркэ үүнэр этэ. Тупсубут олоҕуттан дьирээлэһэн, колхуоска хойут – мин оскуолаҕа киирэр дьылбар – 1935 сыллаахха киирбитэ, онон, хата, бытархай кулаак кутуруксутун уола диэн оҕолортон ыыстаммакка хаалбытым.

Айан суолун саамай кытыытыгар олорор буоламмыт кыһын баҕас ыалдьыт-хоноһо элбэх буолара, сороҕор хараҕа суох да, харахтаах да олоҥхоһуттар, остуоруйаһыттар хоноллоро, оччоҕо таһынааҕы ыалларбыт киирэн ону истэллэрэ, оттон атын ыалга хоноллоругар биһиги тахсан истээччибит. Таабырын таайсыыта эмиэ интэриэһинэй буолааччы – уустук таабырыны кыайан таайбакка: «Туохха сыһыаннааҕый?» – диэн ыйыта олороллорун билигин да истэр курдукпун.

Соторутааҕыта буолан ааспыт бандьыыттар тустарынан сэһэргэһэллэрэ – Степан Кардашевскайы – Быралгы бартыһааны бандьыыттар өлөрбүт дьиэлэрэ биһиги бөһүөлэкпитигэр – Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар билигин да турар. Дьэ оннук киэһээҥҥи түмсүүлэргэ абааһы-иччи туһунан элбэхтик да кэпсэтиһэллэрэ! Кыра наадабар таһырдьа киэһээ хараҥаҕа соҕотоҕун тахсыбат этим. Таҕыстахпына даҕаны, ииктээн баран, маах сүүрүүнэн кэлэн дьиэм ааныгар лик гына саалла түһэрим – абааһы сырсыаҕа диэх курдук саныырым.

Араамалаах да, араамата да суох Таҥара күлүктэрэ (иконалара) дьоммор хас да баар быһыылааҕа – билигин миэхэ биир араамата суох «Казанская икона Пр. Девы» диэн икона баар, хата хайдах ордон хаалбыта эбитэ буолла! Оччотооҕу ааспыты-былыргыны аахсыбат «улуу урусхал» сылларын саҕана бэрт элбэх араас иконалар (эһэм аахха элбэхтэр этэ – чаалбаан хаймыылаахтар эҥин) алдьаммыттара, сүппүттэрэ-оспуттара.

Эһэм аах куруолуктары ииттэ сылдьыбыттара, ол хоспох наара оронноругар, долбуурдарыгар элбэх да араас ымыйалар, кытыйалар, чорооннор, матааччахтар, туос ыаҕаҋа арааһа бааллара – фарфоровай ыстакааннар-бүлүүһэлэр, тимир тэриэлкэлэр-миискэлэр уонна солуурдар лоҥкунаһан кэлбиттэрин кэннэ дьэрэкээн ойуулаах-оһуордаах мас уонна туос иһиттэр-хомуостар хачыгыраччы үлтү тэпсиллибиттэрэ – улуу урусхал сыллара уруккуну умнуҥ диэн имнэнэр быһыылаахтара…

Мин ийэм Анисия аҕам олоҕуттан Тамалакаантан 17 биэрэстэлээх Нам нэһилиэгин киинигэр Хомустаахха төрөөбүтэ, төрөппүттэрэ Родионовтар (аҕата Мөчөкө Дьөгүөр диэн) таҥараһыттара эбитэ дуу – ийэм халандаара Таҥара күннэрэ этилэр – биир Таҥара күнүттэн атын күнэ хас хонугунан кэлэрин үөрэҕэ суох дьахтар кини нойосуус билэрэ. Ийэбиттэн бэрт аҕыйах сыл аҕа бииргэ төрөөбүт убайа Афанасий Егорович Родионов революция иннигэр Исидор Бараахабы кытта Үөһээ Бүлүү начальнай оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэр үһү, онон ыраахтааҕы былааһын саҕана Таҥара үөрэҕин «барбыт» киһи быһыытынан Таҥара күннэрин хонуктарын суоттуурга, баҕар, балтын кини үөрэппитэ буолуо – мин Эҥиэнтэйэп икки хонук иннигэр төрөөбүппэр букатын мунаарбат этэ.

Биирдэ миигин үстээх-түөртээх эрдэхпинэ ханнык эрэ кыһыҥҥы бырааһынньык күн Таҥараҕа үҥтэрбиттэрэ – Таҥара холоругун долбууругар буолуо – дьиэбит арҕаа муннугар Таҥара күлүгэ (икона) баар быһыылааҕа, ол үрдүнэн тоҕо эрэ хап-хара улахан улар дуу, куртуйах дуу кутуруга сарайан турар этэ. Дьонум миигин ыккардыларыгар туруорбуттара уонна биһиги үҥтэхпитинэ маннык үтүктээр дии-дии үөрэтэн биэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн, арыый улааппытым кэннэ, дьонум мин сүрэхтэммитим туһунан кэпсээбиттэрэ. Оччолорго кэриир аҕабыыта сылга биирдэ, муҥутаан иккитэ нэһилиэктэри кэрийэн сүрэхтиир-бэргэһэлиир, Таҥараҕа тиксэрэр буолуохтаах, онон хас да оҕону бииргэ сүрэхтиир түбэлтэтигэр ол оҕолор ааттара биир буолара үһү. Дьонум бастакы оҕолоро – мин биир сыл иннибинэ төрөөбүт уол (кини 5 ыйдааҕар өлбүт) аата Сөдүөт диэн эбит – Чуорунай Өлөксөй уола Сөдүөт Васильевтыын бииргэ сүрэхтэммиттэр. Миигин кытта Хобууйап Сэмэн сүрэхтэммит.

Аны уол оҕо сүрэхтээбит аҕалаах буолуохтаах эбит. Биһиэхэ Тахтай уола Сыччык (Семен Николаев) диэн бэйэтин кыанар балачча баай киһи баара үһү, кулаахтаабыттарын кэннэ өлбүт. Үөрэхтээх улахан уола Игнатий (Хоноһо) биһиэхэ «Кыһыл өтүйэ» колхуоһу тэрийэн баран сөтөл буолан өлбүтэ – мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ. Соҕотох оҕолооҕо – кыыһа Настаа билигин да баар – элбэх ыччаттардаах. Ол Хоноһо бииргэ төрөөбүт быраата Ыстаппаан диэн уол баара үһү, кини миэхэ сүрэхтээбит аҕам буолбут. «Оҕобун көрө кэллим дии-дии сотору-сотору сүүрэн кэлэр этэ уонна дьэ бу хаһан улаатара буолла, уолбар ырбаахы таҥаһа бэлэхтиэм уонна сиэтэн баран батыһыннара сылдьыам этэ диирэ, барахсан үчүгэй да оҕо этэ», – диэн ийэм ол уолчааны аһыйан кэпсиирин мин хаста да истибитим. Ол Ыстаппаан уолчааҥҥа ким эрэ дьээбэрэн хамса чобойун сиэппитигэр сүрэҕэ параличтаан, бадаҕа мин хаама да иликпинэ өлөөхтөөбүт…

Сахалар былыр сүрэхтэниини ол курдук үрдүктүк туталлара, онон уруурҕаһаллара – бэл кыра оҕотугар тиийэ «ырбаахы кэтэрдэн баран батыһыннара сылдьыам этэ» дии сырыттахтара ол.

Оттон мин ол сүрэхтээбит аҕабыыппын биирдэ көрбүттээхпин уонна, бука, кини былаҕастабыанньатын ылбыт буолуохтаахпын. Хайдах биһиэхэ киирэн кэлбитин өйдөөбөппүн – арай мин, үстээх-түөртээх буолуом, биир нуучча оҕонньорун кытта олоробун. Сирэйэ, мин көрдөхпүнэ, барыта түү, ол да иһин өйбөр хааллаҕа буолуо. Оҕонньор аһыы олорор, ийэм сылабаар аттыгар олорон чэй кутар уонна бу эн сүрэхтээбит оҕоҥ диэтэҕэ буолуо, ол иһин аттыгар олортоҕо, уонна эйэҕэс баҕайытык тугу эрэ кэпсии-кэпсии мин төбөбүн имэрийэр, сахалыы саҥарар быһыылааҕа, ийэм сахалыы кэпсэтэрэ. Саас этэ – мин түннүгүнэн көрдөхпүнэ – кыбыы ааныгар бааллан турар сыарҕалаах ат тоҥхох гына-гына от сии турара уонна отун ыстаары өндөс гынара, ол аайы кырааската суох кубарыйбыт боростуой синньигэс оҕус талах дуҕата үөһэ-аллара күөрэҥниирин үчүгэйдик өйдүүбүн. Дьэ ол сайаҕас оҕонньор Сергей Лесин аҕабыыт буолуохтаах, кини кыыһа Раиса Софроновна (тоҕо Софроновна эбитэй, арааһа, аҕабыыттар сулууспалыыр туспа ааттаахтар быһыылаах) учууталлаабыт, кини учуутал И.Н.Алексеевка кэргэн тахсан уон биир оҕолонон герой-ийэ буолбут. Оҕолоро үксүлэрэ эмиэ учууталлар, биир уоллара Бааһынай Баһылай диэн республикаҕа да биллэр хаһаайыстыбалаах киһи. Иван Николаевич Бүлүү училищетын бүтэрээт, кылгас кэмҥэ миигин бэһис кылааска үөрэтэ сылдьыбыта, Ороһу оскуолатыгар. Кэнтик нэһилиэгин кинигэтигэр Сэргэй аҕабыыты үрдүк үөрэхтээх диэбиттэр, ол аата Духуобунай академияны бүтэрдэҕэ.

Дьэ онон итэҕэл, ол иһигэр сүрэхтэнии киһиэхэ биллибэтинэн дьайар, ыраас сыдьаайынан сүрэҕи сылытар туох эрэ дьикти суолталаах буолар эбит.

 

Семен РУФОВ,
саха норуодунай суруйааччыта

2 комментария

  1. Былыр ебугэлэрбит теhелеех курдук куустээх итэ5эллээхтэрий! Хос эбээлэрим-эhээлэрим тустарынан хайдахтаах курдук билиэхпин ба5арарым буолуой. Авторга махтал!

    • Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

Комментарии не допускаются.