Саҥа кэлбит үрдүк үөрэхтээх аҕабыыты ыыппат инниттэн, Кэнтиккэ таһааран, бары нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, саҥа төрөөбүт оҕолору сүрэхтээн, ыал буолбут дьону бэргэһэлээн, өлбүт дьону испииһэктэн таһааран суруйарыгар сорудахтаан, «кэриир аҕабыыта» диэн дуоһунас биэрэн Сэргэй (Лесин Сергей) аҕабыыты Сэймэлэккэ олохсуппуттар. Саҥа аҕабыыт кэлбит сайыныгар, самыыр отой түспэккэ, сир-дойду куура хатан барбыт. Ойууттар кыыран, билгэһиттэр билгэлээн туһаларыттан тахсаллар.…Читать далее…