Сахаларга киһи өлүүтүн уонна өлбүтүн кэннэ кини кутун дьылҕатын туһунан туһааннаах үөрэх суох этэ. Киһи өлүүтэ икки көрүҥнээҕинэн ааҕыллара: бастакытынан, дьылҕа таҥарата анаабыт кэмин толору олорон үйэтин моҕоон өлүү, ол эбэтэр, кырдьан өлүү; иккиһинэн, эрдэ өлүү, ол аата оһолтон, атын киһи өлөрбүтүттэн, эбэтэр ыарыыттан өлүү. Ыарыыны куһаҕан тыыннар (абааһылар) дьайыыларынан ааҕаллара, абааһы киһи кутун сиэн өлөрөр диэн өйдүүллэрэ.
Реанимация памяти, Сахалыы
Темы: Аад, Абааһы, История, Кут, куһаҕан тыыннар, Обычаи, Смерть, Христианскай итэҕэл, Ырай, Өлүү.
Темы: Аад, Абааһы, История, Кут, куһаҕан тыыннар, Обычаи, Смерть, Христианскай итэҕэл, Ырай, Өлүү.