Төрөөбүт Сахатын сирин туругурдар туһугар кыайыылаахтык үлэлээбит сатабыллаах салайааччы, талааннаах учуонай, «Туймаада Даймонд» ААО генеральнай дириэктэрэ, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина Георгий Петрович Яковлев биһиги биир итэҕэллээхпит, православнай христианин этэ.
Михаил Алексеев
№ 2 Ноябрь 2010 (26). Зачем Богу Север?Үрдүк үөрүүнү миэхэ биллэрбит үтүө киһи
«Үтүө тыл – дьол» диэн сахаҕа бэргэн өс хоһооно баар. Оттон тылтан дьыала тахсан киһини, бар дьону үөрдүүтэ – бу дьиҥ чахчы алгыһы аҕалар, саргыны салайар кэскиллээх суол. Мин олохпор оннук биир саамай улахан көмөнү оҥорбут күндү киһинэн миэхэ Георгий Петрович Яковлев буолар.