Мин Октябрьскай революция буолуон 11 сыл иннинэ төрөөбүппүн. Таатта быыкаайык, Ханньас (Хайнятский) диэн хараҥа нэhилиэгэр. Бу нэhилиэккэ (биир атын сиргэ учууталлыы сылдьар киhини аахпатахха) үөрэхтээх киhи букатын суоҕа. Нэhилиэк мунньаҕар атын нэhилиэк киhитэ кэлэн суруксуттаан барара. Ол оннугар Испиилээх, Добун ойуун диэн икки ойууннаах, Төкүөйэ, Топпой ойоҕо диэн икки мэнэриктээх эбиттэр. Хата, маны таhынан үс…Читать далее…