Лукаттан Сибэтиэй Евангелие. 2-с түһ

Авторы:


Сахалыы, Эрэл (материалы на якутском языке)
Темы: , , , .

Лукаттан Сибэтиэй Евангелие. 2-с түһ

1 Ол саҕана Август император сирин-уотун устун биэрэпис оҥорторор уурааҕа тахсыбыта.
2 Сирияны Квириний салайарын саҕана ол бастакы биэрэпис этэ. 3 Бары, биэрэпискэ хабыллаары, бэйэлэрин куораттарыгар барбыттара.
4 Иосиф эмиэ, Давидтан төрүттээх буолан, Галилея Назаретыттан Иудеяҕа баар Вифлеем диэн Давид куоратыгар
5 кэргэн ылыахтаах Мариятыныын суруйтара барбыта. Мария ыарахан этэ, 6 онон Вифлеемҥэ сылдьан, оҕолонор кэмэ кэлэн, 7 бастакы Уолун төрөппүтэ; түһэр дьиэҕэ хонук сиргэ тиксибэккэлэр, Кини Оҕотун суулаан баран күкүргэ сытыарбыта.
8 Ол дойдуга мэччитэр сүөһүлэрин көрөн хонууга хонор маныыһыттар бааллара. 9 Эмискэ маныыһыттар иннилэригэр Айыы Тойон Аанньала баар буолбута; Айыы Тойон килбиэннээх сырдыга кинилэргэ сыдьаайбытыгар маныыһыттар улаханнык куттаммыттара. 10 Аанньал эппитэ: “Куттанымаҥ! Мин бар дьоҥҥо буолуохтаах улуу үөрүүнү эһиэхэ иһитиннэрэ кэллим: 11 бүгүн эһиэхэ, Давид куоратыгар, Быыһааччы – Христос Айыы Тойон – төрөөтө. 12 Кини бэлиэтэ маннык буолуо: эһиги күкүргэ сууланан сытар Кыһыл оҕону булуоххут”.
13 Онтон эмискэ Аанньалы кытта бииргэ үөһээ Халлаан үтүмэн ахсааннаах сэриитэ Таҥараны айхаллыыра көстөн кэлбитэ: 14 “Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!”
15 Аанньаллар кинилэртэн тэйэн Халлааҥҥа төннөөттөрүн, маныыһыттар: “Чэйиҥ, Вифлеемҥэ баран, онно туох буолбутун, Айыы Тойон биһиэхэ ити тугу биллэрбитин көрүөҕүҥ”, – дэһиспиттэрэ.
16 Ол кэннэ бэрт суһаллык тиийэн, Марияны, Иосибы уонна күкүргэ сытар Кыһыл оҕону булан ылбыттара. 17 Оҕону көрөөт, Аанньал Кини туһунан туох диэбитин кэпсээн биэрбиттэрэ. 18 Истибит эрэ барыта маныыһыттар кэпсээннэрин сөрү диэн сөхпүтэ. 19 Оттон Мария бу тыллары барытын, хаһан да умнубаттыы, сүрэҕэр сөҥөрөн иһэрэ. 20 Маныыһыттар барытын көрөн-истэн баран, Таҥараны уруйдаан-айхаллаан, төннүбүттэрэ: барыта үкчү Аанньал эппитин курдук этэ.

От Луки святое благовествование. Глава 2

1 В те дни вышло от кесаря Августа повеление сделать перепись по всей земле.
2 Эта перепись была первая в правление Квириния Сириею.
3 И пошли все записываться, каждый в свой город.
4 Пошел также и Иосиф из Галилеи, из города Назарета, в Иудею, в город Давидов, называемый Вифлеем, потому что он был из дома и рода Давидова,
5 записаться с Мариею, обрученною ему женою, которая была беременна.
6 Когда же они были там, наступило время родить Ей;
7 и родила Сына своего Первенца, и спеленала Его, и положила Его в ясли, потому что не было им места в гостинице.
8 В той стране были на поле пастухи, которые содержали ночную стражу у стада своего.
9 Вдруг предстал им Ангел Господень, и слава Господня осияла их; и убоялись страхом великим.
10 И сказал им Ангел: не бойтесь; я возвещаю вам великую радость, которая будет всем людям:
11 ибо ныне родился вам в городе Давидовом Спаситель, Который есть Христос Господь;
12 и вот вам знак: вы найдете Младенца в пеленах, лежащего в яслях.

13 И внезапно явилось с Ангелом многочисленное воинство небесное, славящее Бога и взывающее:
14 слава в вышних Богу, и на земле мир, в человеках благоволение!
15 Когда Ангелы отошли от них на небо, пастухи сказали друг другу: пойдем в Вифлеем и посмотрим, что там случилось, о чем возвестил нам Господь.
16 И, поспешив, пришли и нашли Марию и Иосифа, и Младенца, лежащего в яслях.
17 Увидев же, рассказали о том, что было возвещено им о Младенце Сем.
18 И все слышавшие дивились тому, что рассказывали им пастухи.
19 А Мария сохраняла все слова сии, слагая в сердце Своем.
20 И возвратились пастухи, славя и хваля Бога за всё то, что слышали и видели, как им сказано было.

На заставке фото протоиерея Сергия Клинцова