Таҥара оҥоруутунан

Авторы:


Сахалыы, Спор-площадка
Темы: , , , , .
Көлбө Мэхээлэ

Көлбө Мэхээлэ

“Ватан” диэн уйгурдар Москваҕа баар общиналарын баһылыга миэхэ этэн турардаах: “Эһиги, сахалар, дьоллоох да дьоҥҥут, нууччалардыын холбоһоҥҥут, – бэйэҕит тылгытынан литературалааххыт, искусстволааххыт, театрдааххыт, наукалааххыт, государственностааххыт”, – диэн. Уонна кинилэргэ, Кытайга олорор түөрт уон мөлүйүөн ахсааннаах түүр омугар, ол барыта суоҕун, ол туһунан санааны да быктардахха ытылларга тиийэ буруйданалларын туһунан кэпсээн, сүрэҕин бааһын аспыта. Ону санаан көрдөххө, сахалар биһиги сүүс төгүл улахан сүүнэ омук санаата да тиийбэт дьолугар сылдьарбыт уонна өссө ону буолуохтаах да буолбутун курдук саныырбыт дьикти буолбатах дуо? Төһө даҕаны ол соргубутун биһиэхэ ким да туораттан аҕалан көмүс кытахха ууран биэрбэтэҕин иһин, барыта олох иһин охсуһуу өлөр-тиллэр мөхсүүтүнэн тыйыс айылҕабыт тымныыта, кураана, уу сута, нуучча казактарын кырыктара, гражданскай уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилэр, тоталитарнай режим репрессиялара ахсаана биллибэт өлүүнэн-сүтүүнэн, халыйар хаанынан төлөммүтүн иһин, ама уйгурдар курдук таас тыйыс, өҕүллүбэт сүнньүлээх, күүстээх санаалаах сэрииһит туйгуна омуктар онтон итэҕэс охсуспатахтара-киирсибэтэхтэрэ, сэриилэспэтэхтэрэ буолуо дуо төһөлөөх улуу омуктан түөрт уон мөлүйүөн эрэ ордуор диэри?

Итиннэ үрдүттэн быраҕан омос көрдөххө, уот аантан нуучча үтүөтэ, кытай кырыктааҕа тахсарын курдук. Дьиҥинэн, олох тыйыс сокуона ханна да биир, хайа да омугуттан тутулуга суох: кимиэхэ да этигэр бэйэтин ырбаахыта чугаһын тугу гыныаххыный? Сирдээҕи олох тардыыта, айылҕа сокуонун аһыммат кылаана сыттаҕа – ийэ бөрө оҕолорун бэдэр оҕолорунан аһаттарар сокуон. Нам бөтүҥнэрин казактарынан уматтарбыт тыын харбас кыыллыы сокуон.

Итинтэн да көстөрүнэн, дьыала ис дьиҥэ кытайыгар да, нууччатыгар да буолбатах. Дьыала ис дьиҥэ – Айыы Тойон Иисус Христоска. Христос Таҥараҕа. Кинини ылымматахтара буоллар нууччалар кытайдардааҕар кырыктаах буолуохтара этэ, тоҕо диэтэххэ, кытайдары кэм Конфуцийдарын үөрэҕэ, Буддалара сымнаппыттара чахчы. Оттон язычество аата язычество буоллаҕа дии, – сирдээҕи олох тардыытыгар ыпсары ылларан, айылҕаны өрө тутан, кини кыыллыы-сүөллүү сокуонунан олоруу. Таҥара быыһаатын биһигини оннук нууччалартан. Нууччалартан эрэ буолуо дуо, кыыллыы-сүөллүү сокуоннаммыт кимтэн даҕаны. Ити бииринэн.

Часовня в Верхоянском округе

Часовня в Верхоянском округе

Иккиһинэн, кинилэри барҕардыбыт-туругурдубут, сиринэн-сибииринэн ньиргитэ тэнитэн улуу омук оҥорбут Христос Таҥараны ылымматахтара буоллар, нууччалар Кини ураты көмөтө-алгыһа суох хайдах-туох буолуохтара эбитэ өссө биллибэт, – бэйэлэрин да кыайан көрүммэт-дьаһаммат буоланнар, атын омук дьоно баһылыктардаах, киһини айбыт Таҥара оннугар Перун, Даждьбог эҥин диэн оҥоһук таҥаралардаах тус-туспа бытанан олорор түҥкэтэх языческай биис уустара. Ханна баар буолуохтара этэй билигин кинилэр христианскай Арҕаа уонна мусульманскай Илин, өлүүттэн да булгуруйбат модун духовнай күүстэрин иннигэр, оннук папуастарынан хаалбыттара буоллар? Кинилэри онно хайа да бэйэлээх мантралаах-праналаах, космическай энергиялаах билигин муода буолбут буддийскай язычество да быыһыыра биллибэт этэ. Онон нууччалар биһиэхэ кэлиэхтэринээҕэр, билигин, баҕар, “нуучча” да диэн тыл суох буолуо этэ. Ону, хата, биһиги дьолбут тардан, Таҥара сахалары быыһаан Бэйэтин талыылаах норуота гынар баҕатынан уонна эрдэттэн оннук оҥоруутунан (ким мөккүһэр баарый сахалар ону маннык да быһаарар толору бырааппытын?) чуо Нуучча сиригэр Кини саамай айыы илгэлээх сибэтиэй Православнай Дьиэтэ баар буолбута уонна ол Дьиэтигэр киллэриэхтээх нууччалар кэлиэхтэригэр диэри Саха сирин хайа да ымсыылаах харахтан сабан, биир да атын сэрииһит омук атаҕын үктэннэрбэккэ, өбүгэлэрбитин – эмиэ кэмигэр ол иннинэ өй уган, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт айдааннаах дьалхааннартан дьалты туппут дьонун – хонноҕор-быттыгар саһыаран бүччүмнүк тутан олордубута.

Биллэн турар, дойдуларыгар баппакка кэлбит дьон оннук үлүгэр таҥараһыт, дьиҥнээх христианскай өйдөөх-санаалаах буолбатахтара чахчы. Дьэ ону ол да үрдүнэн “өстөөхтөргүтүн таптааҥ, эһигини кырааччылары алҕааҥ уонна эһигини үүрээччилэр уонна абааһы көрөөччүлэр тустарыгар үҥүҥ” диэн ийэ үүтүнүүн иҥэриллибит Христос тыллара кинилэр да сүрэхтэрин түгэҕэр таһыччы сотуллан сүппэтэх буолуохтаахтар. Онон быыһаннахпыт, Христос Таҥаранан. Кининэн сорох омук санаата тиийбэт үрдүк дьолбут-соргубут түстэннэҕэ – ол нууччаларынан.

Якутка-христианка. Фото Ивана Попова

Фото Ивана Попова

Аны маннык баар. Биһиэхэ православиены нуучча аҕабыыттара аҕалбыттарынан сибээстээн Христос Таҥараны манна нууччалар аҕалбыттарын курдук быһа-бааччы өйдөбүл баар, – аан дойдуну айбыт Таҥара биһигини билбэтин нууччалар туох эрэ оҕус курдук муннуттан сиэтэн аҕалбыттарыгар дылы. Дьиҥинэн, туох баар көстөрү уонна көстүбэти айбыт Таҥара халлааны сиргэ иҥнэрэн, Христос буолан төрүөн да инниттэн киһи аймахха барытыгар баара. Сүрэххэ иҥэ сылдьар суобас буолан. Кыыл-сүөл сокуонун ылыммат майгы-сигили төрдө буолан. Ол иһин киһи диэн өйдөбүл үрдүкү ис хоһооно сирдээҕи быстах олох тардыытыттан үйэлээххэ, үрдүккэ, сырдыкка, ырааска, айыыга тардыстыы. Оннук идеал дьоҥҥо барытыгар баар буолан уонна киһи аймахха бүтүннүүтүгэр биир буолан, ханна да, хайа да омукка үтүөнү-айыыны, сырдыгы-ырааһы туох да быһаарсыһыыта-мөккүһүүтэ суох бары биирдик өтө билэллэр. Онон да анаардахха, киһи духовнай идеала киһи аймахха бүттүүнүгэр мөккүһүллүбэт биир. Түҥ былыргыттан абсолютнай уонна, Павел апостол этэринии, хас биирдии киһи сүрэҕэр суруллубут. Ол гынан баран үтүмэн үйэлэр усталарыгар эт-хаан сирдээҕи олоҕун хараҥата-баттала, айылҕа сокуонун тыйыһа тыыммытын кыаратан, харахпытын хараҥардан, ол суруллубуту ааҕар уустугуран испитэ. Инньэ гынан ол суруллубуттан биирдиилээн тугу эмит киһи аймах духовнай сирдьиттэрэ, өй-санаа умайар факеллара буолбут улуу өйдөөхтөр Сократ, Платон, Конфуций курдуктар эрэ ааҕаллара. Оттон ону барытын толору ааҕар икки атахтаах төрүүр да кыаҕа суоҕа. Онон ону суруйбут Таҥара илэ бэйэтинэн Киһи буолан түһэн, ол суруллубуту барытын тылыттан тылыгар диэри оҕоҕо да өйдөнөр гына ааҕан, сүрэххэ-быарга иҥэрэн, киһи аймах дууһатын түгэҕэр ымыылаан кэлбит идеалын Бэйэтинэн илэ бааччы көрдөрбүтэ, бары норуоттарга быыһаныы суолун аспыта.

Онон этиэм этэ, сахалар биһиги сүппэккэ-симэлийбэккэ, сайдан-чэчирээн, Христоска сүрэхтэнэн, үөрэхтэнэн (хайдах саныаҥ суоҕай Өксөкүлээх поэматыгар баар роман ааҕар – Гюгону? Бальзагы? Флоберы? – Куоратын Кыыһын), аан дойду цивилизациятыгар киирэн, киһи аймах өйүн-санаатын чаҕылыйар чыпчаалыгар үктэммиппитигэр, саха диэн тыл аан дойдуга аатыра-аарыгыра дуорайбытыгар, биллэн туран, улуу нуучча норуотун үтүөтэ-өҥөтө ханна барыай? Ол гынан баран, ис дьиҥинэн, соргубут төрдө, дьылҕабыт тутааҕа, баар эрэ эрэлбит сырдыга ким буоларын өйдүөххэ баар этэ. Ким аҕабыыттарынан саха тылын аан бастаан сурукка аспытын, бастакы сахалыы кинигэлэри таһаартаран, сахалыы саҥаран, сахалар сүрэхтэригэр хаттаан тиллэн сүрэх буолан, үтүөҕэ, үрдүккэ, сырдыкка, үйэлээххэ ыҥырбытын, онуоха тардыһыыбытыгар күүс-көмө буолбутун, Таҥараҕа тиксии кистэлэҥинэн өбүгэттэн саҕалаан эппит-хааммыт тыыннаах сорҕото буолбутун? Эһэлэрбит-эбэлэрбит мэлииппэлэринэн ким таптала, алгыһа, айар күүһэ көмүскүү-араҥаччылыы турарын биһигини – билигин да, өрүүтүн да, үйэлэртэн да үйэлэргэ?

КӨЛБӨ Мэхээлэ

На заставке фото протоиерея Сергия Клинцова

Перевод статьи на русский язык