Быйыл кыһын тохсунньу сүүрбэ күнүгэр Москваҕа эмтэнэ тиийээт, мин быһа үлэбэр, Библия тылбааһын Институтугар, барарга санаммытым. Киирбиппэр дьонум, үөрэн, тула үмүөрүспүттэрэ, саҥа тахсыбыт Саалтыыр кинигэтин аҕалан, миэхэ туттаран кэбиспиттэрэ. Бу уһун дьаныардаах үлэбит түмүгүн кууһан туран, мин ытык доҕорбун Дмитрий Кононовиһы өйдөөн кэлбитим. Биэс сыллааҕыта манна балыыһаҕа сыттаҕына, субу күн сирин көрбүт Саҥа Кэс Тылы илдьэн биэрбиппэр кини сүр сэниэлээхтик оронугар олоро түһээт: «Дьол! Дьол! Дьол!» – диэбитэ. Мин санаабар, бу иккиэн бииргэ тылбаастаабыт күндү кинигэбитин көрбүтэ эбитэ буоллар, кини үөрүүтэ муҥура суох буолуо этэ.
Библия тылбааһын Института
№ 1 Апрель 2010 (25). Язык мой – друг мойКүндү кылаат
Кирилл уонна Мефодий сибэтиэйдэр күннэригэр Нуучча Драмтеатрыгар буолбут кэнсиэркэ артыыс Саҥа Кэс Тылтан быһа тардыыны (Иисус Христос хайа үрдүгэр олорон үөрэппитин) ааҕарын истибитим. Ону истэн мин олус диэн долгуйбутум. Таҥара тыла дууһабар дириҥник өтөн киирэн, сүрэхпэр дуораһыйбыта. Онтон ыла мин ол Кинигэни ааҕыахпын баҕарар буолбутум. Күндү Кинигэлээх таһаҕаһы Таҥара дьиэтигэр аҕалбыттарын көрөн, хаһан эрэ атыыга…Читать далее…
Кэс Тыл, Самое главное, Сахалыы
Темы: Айыы Тойон, Библия тылбааһын Института, Быладыыка Герман, Быладыыка Зосима, Евангелие, Кирилл уонна Мефодий, Литургия, Саалтыыр, Саҥа Кэс Тыл, Свято-Троицкай кафедральнай собуор, Сибэтиинньэ, Сибэтиитэл Иннокентий, Сулууспа, Суорун Омоллоон, Таҥара, Таҥара тыла.