Библия баар сүдү күүс

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , .

Мин эһэм Алексей норуот эмчитэ этэ. Былыр куоракка нууччаларга иитиллибит буолан, христианскай итэҕэли ылыммыт.

Арай биирдэ 50-с сыллардаахха эһэбит кыра саастаах уола ииримтийбит курдук ыһыытыы-ыһыытыы мээнэ сүүр да сүүр буолбут. Ким да кыайан таба тутан тохтоппотох. Ыалтан эһэбин ыҥыран киллэрбиттэр. Эһэм Таҥара Ийэтин Казанскай иконатын уунан сууйан баран, ол уутунан оҕотун ыспыт, иһэрдибит. Эһэм уолун кириэстээбитигэр, ол сэбиэскэй кэмҥэ итэҕэли билбэт оҕо кириэс охсуна-охсуна: “Барыта кириэс, барыта кириэс! Оо, чоочойон, атаҕа синньигэһин! Кириэстэн эрэ куттанар уонна ол олорор куоска хараҕыттан”, – диэбит. Ону эһэм: “Оҕобун ойуун сии сыста”, – диэн быһаарбыт. Ити курдук эһэм Таҥара көмөтүнэн оҕотун өлүүттэн быыһаабытын туһунан ийэм балтыныын туох да олус сөҕөн-махтайан, Таҥара сүдү күүһүгэр итэҕэйэн, сүгүрүйэн туран кэпсииллэрэ.

Кинилэр этэллэрин истэн, мин эмиэ Таҥара баар эбит диэн итэҕэйбитим. Онтон саҥаһым быһааран биэрбитин кэннэ, куһаҕан тыынтан харыстанарга сананан, Христос итэҕэлин ылыннахпына эрэ сатанарын өйдөөбүтүм. Саҥаспын Таҥараны итэҕэйэргэ аҕата үөрэппит этэ.

Дьокуускайга үөрэххэ кэлэ сылдьан Таҥара дьиэтигэр тиийдим. Арай онно барыта ураты, мин тугу да билбэппин, онон муммут кус оҕотун курдук буола түстүм. Дьэ онтон күүстээх санаабын киллэринэн, онно баар үлэһиттэргэ чопчу тиийэн сүбэлэттим. Бэрт сотору Христос итэҕэлин ылынан сүрэхтэнэр буоллум. Маҥнай утаа тугу да билбэтим бэрдиттэн ирдэбили барытын тутуспат этим, аттыбар сүбэлиир-амалыыр чугас киһим да суоҕа. Оттон билигин өрүү ыйан-кэрдэн биэрэр, элбэххэ үөрэтэр, итэҕэли ис сүрэҕиттэн ылыммыт Лидия диэн доҕордоохпун. Кини киһиэхэ олус үчүгэйдик, ылыннарыылаахтык быһаарар, сүбэлиир-амалыыр. Мин киниэхэ: “Мэлииппэни былыргы славян тылынан ааҕабын, тугу да өйдөөбөппүн”, – диибин. Оччоҕо кини: “Аах, аах, эн өйдөөбөтөҕүҥ иһин, абааһылар өйдүөхтэрэ! Ити барыта сибэтиэйдэр тылларынан суруллубут”, – диэн санаабын бөҕөргөтөр.

Билигин, итэҕэли дириҥник ылынан баран, оҕолорго үөрэтиэхпин, тиэрдиэхпин баҕарабын. Кинилэр инники кэскиллэрэ ыраас, сырдык буоларын туһугар. Чолбон сурунаалга (№ 9, 2006) саха норуодунай поэтессата Наталья Харлампьева “Биһиги бары айылҕа оҕолоробут” диэн ахтыы ыстатыйатыгар маннык суруллубут: “Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон ыалдьа сытан кэриэһин эппитэ: “Библия баар сүдү күүс” диэн”.

Саха сирин олохтоохторун бука барыларын төрөөбүт дойдубут Россия састаабыгар киирбитэ 375 сыллаах үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Саха норуота христианскай итэҕэли ылынан, быыһанар суолга үктэммитэ төрдүс үйэтин туолан эрэр. Сэбиэскэй былаас саҕана православнай Таҥара дьиэтэ урусхалламмыта, ол эрэн билигин Айыы Тойон көмөтүнэн храмнар чөллөрүгэр түстүлэр.

Дьалхааннаах олохтон хаалбыт ыарахан таһаҕаһы санныгар сүкпүт киһинэн Быладыыка Герман буолар. Кинини хаһан да көрбөтөҕүм гынан баран, “Сад будет цвести” диэн кинигэни ааҕаммын, кини Саха сирэ сайдарын туһугар туох баар сыратын-сылбатын биэрэн туран үлэлээбитин биллим. Ыар аһыыга ылларбыт кыһалҕалаах дьоҥҥо сүбэлээн-амалаан, күүстэригэр күүс эбэн, үрдүккэ, сырдыкка кынаттаабытын иһин мин архиепископ Гермаҥҥа барҕа махталбын тиэрдэбин.

Саха норуота христианскай итэҕэли ылынара хайа да өттүнэн инники кэскилбитигэр туһалааҕын хас биирдии киһи ситэри өйдүүрэ эбитэ буоллар, эдэр көлүөнэ ыччаппыт олоҕор сөптөөх хайысханы тутуһуо этэ. Саха сирин дьоно-сэргэтэ Таҥара көмөтүнэн иллээх-эйэлээх, сайдыылаах, уйгулаах олохтоноругар баҕарабын.

Республикабыт епископ Зосима салалталаах духовенствотын Айыы Таҥара инникитин да араҥаччылыы туруохтун, кинилэр үҥэллэрин күүһүнэн хас биирдии киһи дууһатын дириҥник сырдатыахтын!

“Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥара айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!” (Лк 2, 14).

Елена, 

Орто-Халыма

Перевод на русский язык